Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -6 oC

Ил Дархан Айсен Николаев тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Семен Телье-Иванову 90 сааһын туолбутунан эҕэрдэлээн туран, кини саха норуотун култууратын уонна ускуустубатын сайыннарыыга киллэрбит кылаатын сыаналаан, Махтал суругу туттарда.

Ил Дархан Айсен Николаев тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Семен Телье-Иванову 90 сааһын туолбутунан эҕэрдэлээн туран, кини саха норуотун култууратын уонна ускуустубатын сайыннарыыга киллэрбит кылаатын сыаналаан, Махтал суругу туттарда.

Семен Викторович Бүлүү улууһун Балаҕаччы оскуолатын 1952 с. бүтэрэн, Дьокуускайдааҕы Тыа хаһаайыстыбатын техникумугар үөрэнэ киирбит. Бастакы куурус кэнниттэн аармыйаҕа ыҥырыллан, үс сыл сулууспалаан кэлэн, салгыы үөрэммит. Инньэ гынан, дойдутугар сэттэ сыл буолан баран эргиллибит. Үс сыл холкуоска бэтэринээрдээбит, кэргэннэммит, Дьокуускайга көспүт, дьэ онтон ыла куорат киһитэ буолбут. Кэтэхтэн үөрэнэн, СГУ устуоруйаҕа салаатын бүтэрбит, «Сэргэлээх уоттара» амсаамбылы, хартыына галереятын тэрийбит, уопсастыбаннай идэлэр бакылтыаттарыгар деканнаабыт, Худпуондаҕа дириэктэрдээбит. Ити кэмтэн саха норуотун ускуустубатын сөргүтүүгэ, сайыннарыыга, норуот маастардарын үүннэриигэ, түмүүгэ, киэҥ эйгэҕэ таһаарыыга үлэлээбит.

Т_-_3.jpeg

– Сүрүннээн икки хайысханан: Хомус түмэлигэр уонна норуот уус-уран оҥоһуктарын эйгэтигэр үлэлээтим. Бастаан «Кудай Бахсы» диэн түмсүүнү тэрийэн, уустары кытары хас да сыл үлэлээбиппит кэнниттэн, дириэктэрбит Черноградскай өлөн хаалан, биһигини ыһан кэбиспиттэрэ. Онтон кыһыйан-абаран, Яна Игнатьеваны уонна Алексанр Гоголевы кытары «Симэх» галереяны тэрийбиппит. Кинилэр ыстааттаах үлэһит, мин таһыттан сүбэһит-амаһыт быһыытынан баччааҥҥа диэри эҥээрдэһэн кэллибит. Худпуондаҕа дириэктэрдиирим саҕана идэтийбит искусствоведтар Иннокентий Потапов, Владимир Иванов, Татьяна Тишина тирэх буолбуттара. Хомойуох иһин, ол дьонум олохтон эрдэ барбыттара, инньэ гынан, бэрт аҕыйах буолан хааламмыт уран тарбахтаахтары түмэн, араас быыстапкаларга кытыннаран, уопут атастаһыннаран, ити билигин биллэр-көстөр норуот маастардарын үүннэрэн таһаарбыппыт. Хас да киһи билим хандьыдаата буолла. Онон норуоппар тугу эмит туһалаатаҕым буолуо дии саныыбын, – диир ытык кырдьаҕас.

Т_-_4.jpeg

Семен Викторович 1994-2008 сс. Аан дойду норуоттарын хомуһун түмэлин уонна варганнай муусука киинигэр дириэктэрдээбитэ. Ол туһунан маннык сэһэргиир:

– Алта мас ууһун салайан үлэлэтэ сырыттахпына, Елизавета Варламова булан ылан, Хомус түмэлин тэрийээри гынабыт, онно битириинэлэр наадалар, аны 10 хонугунан Аан дойдутааҕы кэнгириэс ыытыллар, дьэ кытаат, көмөлөс диэн ууга-уокка түһэрбитэ. Дьэ мин уолаттарбар суһал сакаас баарын эттим уонна күүстээх үлэҕэ туруннубут, 40 устуука араас битириинэлэри оҥорон, Норуот айымньытын дьиэтин биир хоһугар туруоран кэбистибит. Онно былыргы да, аныгы да хомустары уурбуттара. Кэнгириэс ол саалаҕа буолбута. Кэлин миигин Иван Алексеев дириэктэринэн ыҥырбыта. Хомус түмэлигэр 15 сыл үлэлээбитим, тэрийэн, дьиэтин-уотун туттаран, силигин ситэрэн баран, сынньалаҥҥа барбытым. Билигин Хомус түмэлэ баара буолуохтааҕын курдук ылыныллар. Оттон оччолорго мөккүөр бөҕөтө мөҥүрээн, учуонайдары, музыковедтары, хомусчуттары кытары түмэл тэриллэрэ наадатын үрдүкү салалтаҕа, бырабыыталыстыба баһылыга Гравцевичка тиийэ итэҕэппит түмүгэр, ити түмэл баар буолбута. Саха хомуһун эрэ буолбакка, Аан дойду норуоттарын варганнай муусукатын киинин быһыытынан үлэлиир-хамсыыр.

Т_-_6.jpeg

90 сааһын томтойо туолбут ытык кырдьаҕас  өйө-санаата дьэҥкэ, билиитэ дириҥ, олоҕу көрүүтэ муударай. «Анал тиэмэ ылан, билиминэн дьарыктамматаҕым эрээри, кэккэ хайысхаларынан санаабын этэн, син ону-маны суруйбутум», – диир. Ытык кырдьаҕас туох туһунан суруйбутун, ыччакка анаан тугу этэрин туһунан сиһилии «Ил Түмэн» хаһыакка ааҕыаххыт.

  • 3
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением