Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -37 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Ыам ыйын 9 күнүгэр Саха Сиригэр 70,6 гектар иэннээх 4 ойуур баһаарын умуруордулар. Ону тэҥэ, ойуурга эбии 6 уоту буллулар. Ол туһунан оперативнай ыстаап иһитиннэрэр.

Ыам ыйын 9 күнүгэр Саха Сиригэр 70,6 гектар иэннээх 4 ойуур баһаарын умуруордулар. Ону тэҥэ, ойуурга эбии 6 уоту буллулар. Ол туһунан оперативнай ыстаап иһитиннэрэр.

Билиҥҥи туругунан Саха Сиригэр 4 281 гектарга 8 ойуур баһаара  бэлиэтэнэр:  Дьааҥыга – 5, Эбээн Бытантайга – 3. Дьааҥы улууһугар биллэриллибит ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ салҕанар. Баһаары утары ураты эрэсииминэн нэһилиэнньэ ойуурга тахсара бобуллан турар.  

Миэстэтигэр хонтуруоллуур уорганнар үлэлиилэр, буруйдаахтары эппиэтинэскэ тардаллар.

Уоту тохтотууга 130 киһи уонна 5 тиэхиньикэ үлэлиир. 

Хаартыска Саха гов 

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
Уопсастыба

Үбүлээһин аччатыллыбат

Буолаары турар пленарнай мунньаҕы көрсө норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027…
22.11.26 15:36
Уопсастыба

Куоркун турнирын түмүктэрэ

Сэтинньи 20-21 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллыбыт Д.П. Куоркун кэриэһигэр көҥүл тустууга…
22.11.26 14:21