Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -37 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Саха сиригэр ааспыт суукка устата коронавирус 99 саҥа түбэлтэтэ булулунна.

Саха сиригэр ааспыт суукка устата коронавирус 99 саҥа түбэлтэтэ булулунна.

Коронавируһунан ыалдьыы 1 түгэнэ аан бастаан Чурапчы улууһугар бэлиэтэммит. Ыарыыга сыстыы уопсай ахсааныттан 93 Дьокуускайга булуллубут, 2 — Алдаҥҥа, биирдии саҥа түгэн – Ленскэйгэ, Нам уонна Үөһээ Бүлүү улуустарыгар. Ыалдьыбыт дьону балыыһаҕа киллэрдилэр, кинилэри кытта чугастык алтыспыттар булуллан туспа тутуллаллар.

31 киһи коронавирустан толору үтүөрэн балыыһаттан таҕыста: 26 – Дьокуускайга, 3 – Сунтаар, 1 – Хаҥалас уонна 1 – Өймөкөөн улуустарыгар. Ыарыы тэнийбит кэмин барытын ыллахха, 534 киһи үтүөрбүт.

Саха сиригэр официальнайдык коронавирус 1276 түгэнэ бэлиэтэммит, 534 киһи толору үтүөрбүт, 6 киһи олохтон барбыт.

Өрөспүүбүлүкэ бары лабораторияларыгар коронавируска барыта 2365 тест оҥоһуллубут. Обсерватордарга 659 киһи сытар.  

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
Уопсастыба

Үбүлээһин аччатыллыбат

Буолаары турар пленарнай мунньаҕы көрсө норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027…
22.11.26 15:36
Уопсастыба

Куоркун турнирын түмүктэрэ

Сэтинньи 20-21 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллыбыт Д.П. Куоркун кэриэһигэр көҥүл тустууга…
22.11.26 14:21