Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -35 oC

Ю.П.Степанов аатынан Доруобуйаларынан хааччахтаах уонна кырдьаҕастар өрөспүүбүлүкэтээҕи социальнай-чэбдигирдэр кииннэрин дириэктэрэ, СӨ социальнай сулууспатын туйгуна Асида Июньевна Алексеевалыын кини сырдык, ыраас хоһугар бириэмэни билбэккэ ис сүрэхтэн кэпсэттибит.

Ю.П.Степанов аатынан Доруобуйаларынан хааччахтаах уонна кырдьаҕастар өрөспүүбүлүкэтээҕи социальнай-чэбдигирдэр кииннэрин дириэктэрэ, СӨ социальнай сулууспатын туйгуна Асида Июньевна Алексеевалыын кини сырдык, ыраас хоһугар бириэмэни билбэккэ ис сүрэхтэн кэпсэттибит.

Асида Июньевна, бу тэрилтэҕэ хас сыллаахтан үлэлиигин?
– Тэрилтэбит 1992 сылтан арыллыбыта. Генеральнай дириэктэринэн мэдиссиинэ наукатын доктора, РФ үтүөлээх бырааһа, СӨ социальнай сулууспатын туйгуна, СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна, бочуоттааах үлэһит Юрий Павлович Степанов үлэлээбитэ.
Мин бастаан каадыр отделын начаалынньыгынан 28 сыл үлэлээбитим кэнниттэн дириэктэри солбуйааччынан анаабыттара. Онтон Юрий Павлович: «Дириэктэр буоларгар уолдьаста» диэн этии киллэрэн, 2021 сылтан үлэлиибин. Уопсайынан, бу Кииҥҥэ үлэлээбитим сэтинньи 25 күнүгэр 30 сыла туолар.

-Киин тэриллибит устуоруйатын кэпсиэҥ дуо?
-Мин 1994 сыллаахха үлэлии кэлэрбэр «Хоту» санаторийга 17 хоһу арендалаан олороллор этэ. Онно протезно-ортопедическай, слухо-протезнай отделениелар уонна дьаһалта бааллара. Оччолорго биһи штаппыт наһаа аҕыйаҕа, аан бастаан 17 киһи этэ, онтон 31 буолбута. Бу дьиэбитигэр 1995 сыллаахха көһөн кэлбиппит. Юрий Павлович Госимуществоҕа бара сылдьан дьиэ көрдөөбүтэ. Уруккута Экология министиэристибэтин  кураанах туран хаалбыт дьиэтин  ыйан биэрбиттэрэ. Юрий Павлович бэйэтэ сүүрэн-көтөн, өрөмүөн оҥорторон, саҥа тэриллэри, миэбэллэри аҕалтаран, дьэ, аһыллан үлэлээбиппит. Аан бастаан 50 куойкалаах, 77 үлэһиттээх этибит. Онтон 2000 сыллаахха «2000 үтүө дьыала» бырайыагынан сыһыары тутууну оҥорторбута. Онно актовай саала, балааталар уонна 60 миэстэлээх остолобуой баар буолбуттара. 2011 сыллаахха 8 миэстэлээх гараас туттарбыта.

-Аргыый кэҥээн, эбиллэн иһэр эбиккит.
-Оннук. 2016 сыллаахха үс этээстээх саҥа дьиэбит үлэҕэ киллэриллибитэ. Манна даҕатан эттэххэ, сыбаайата уонтан тахса сыл курдук турбута. Онтон Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев Матвей Васильевичтыын Мучинныын кэлэ сылдьан саҥа дьиэ тутуллуон наадатын туһунан кэпсэппиттэрэ. Михаил Ефимович Егор Афанасьевич Борисовка этии киллэрэн, онтон ыла үлэ баран,  2016 сыллаахха үлэҕэ киирбитэ. Ону тэҥэ штаппыт улаатан, 132 киһи үлэлиир буолбута.

18

— Билигин сылга төһө элбэх киһи эмтэнэн тахсарый?
-Биһиэхэ билигин 149 куойкалааахпыт, ол аата 18-та киирэллэр (заезд), 2500 кэриҥэ киһи киирэр уонна Булгуччулаах мэдиссиинэ страховкатынан (БМС) 500 квоталаахпыт. Ол аата БМС-нан киирбит: инсуллаабыт, эчэйбит дьон, инбэлииттэр араҥаларыттан буолбакка, боростуой дьон икки нэдиэлэ эмтэнэллэр. Онтон судаарыстыба сорудаҕынаан доруобуйаларынан хааччахтаах дьону эмтиибит. Ол курдук, 1-кы группалаах инбэлииттэр көрөр-харайар киһилээх киирэллэр, 2-с уонна 3-с группалаахтарга  оннук киһи көрүллүбэт. Ону таһынан 2022 сылтан байыаннай дьайыы уолаттарын ылабыт. Биһиэхэ заездпытыгар 20 квотаны биэрбиттэрэ. Онно билигин байыааннай  дьайыыга сылдьар уолаттар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ (ийэ, аҕа, кэргэн, оҕо) киирэн эмтэнэн тахсаллар.

-Доруобуйаларынан хааччахтаах дьон төһө эмтэнэн тахсалларый?
-Биһиэхэ көннөрү кэлээскэҕэ олорон кэлбит киһи торуосканан хааман тахсар. Манна сытан уйулҕа көмөтүн, массаас, ЛФК, физио уонна эрготерапия өҥөлөрүнэн туһаналлар.

-Эрготерапия диэн тугуй?
-Инсультаабыт киһи илиилэрэ, атахтара хаппыт буолар. Ону наһаа үчүгэйдик массаастаан, көннөрөн биэрэллэрин эрготерапия диибит.

-Онтон илии-атах оҥоруута?
-Ол 2019 сылтан тохтообута. Биһиэхэ докумуоммутугар сатаммат этэ. Холобур, биһиги судаарыстыбаннай сорудаҕынан үлэлиир буоллахпытына, протезнай федеральнай бырагырааманан оҥоһуллара. Ол иһин, 2019 сыл ахсынньыттан тохтообуттара.

-БМС олус туһалаах эбит дии.
-Ол аата босхо киирэллэр, инбэлиитэ суох дьон эмиэ эмтэнэн тахсар

.-Син-биир уочараттаах?
-Уочараттаах, эрдэттэн суруйтаран киирэллэр.

-Ковид саҕана хайдах үлэлээтигит?
-Биһиги Кииммит изолятор буолбута, туох баар инбэлииттэр дьиэлэриттэн, улуустарга  баар кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр дьиэлэриттэн ыалдьыбыт дьоннору манна аҕалаллара. Наһаа элбээбиттэригэр мобильнай биригээдэни үлэлэтэр туһунан толкуйдабытым. Ол курдук, быраастан уонна мэдиссиинэ сиэстэрэлэриттэн турар биригээдэлэр улуустарга тиийэн, 21 күн устата үлэлээн кэлбиттэрэ. Бэл, Бүлүү кырдьаҕастарын дьиэтигэр иккитэ-үстэ баран үлэлээбиттэрэ.

-Эһиги Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтин эбэтэр Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин иһинэн үлэлиигит?
-Биһиги Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтигэр киирэр үлэһиттэрбит. Быраастарбыт эмиэ Үлэ министиэристибэтиттэн. Министиэристибэбитин кытары ыкса сибээстээхтик үлэлиибит.

Инбэлиит буолбатах да кырдьаҕас Булгуччулаах мэдиссиинэ страховкатынан киириэн сөп?
-Киирэллэр. 2023 сылтан биһи хараҕа суохтарга түөрт кубуотаны ылбыппыт, олох көрбөт киһи хайаан да көрсөр киһилээх буолуохтаах. Эмискэ көрбөт буолбут эбэтэр мөлтөхтүк көрөр саастаах дьону биһиги хайысханы быһааралларыгар уонна Брайл сириибинэн ааҕарга үөрэтэбит. Оннук 4 киһи киириэхтээҕин 13 киһи киирэн эмтэнэн тахсар.

-Оттон кулгааҕынан дьүлэй дьону ылаҕыт дуу?
-Ылабыт. Бэйэбит үлэһиттэрбитигэр аҕыс инбэлиит киһи баар. Ол иһигэр, үс киһи хараҕа суох, массажист уонна икки поварбыт кулгаахтарынан истибэттэр. Повардарбыт бары уолаттар. Алта повартан биир эрэ дьахтар повар баар. Уолаттар наһаа үчүгэйдик астыыллар. Өр сылларга каадыр отделыгар үлэлээбит буоламмын, ким хайдах үлэлиирин үчүгэйдик билэбин.

-Кэлэктиипкэ туох тэрээһиннэри ыытаҕытый? Идэлээх сойуустааххыт дуо?
-Баар. Мин стратегическай соҕустук сылдьарбын сөбүлүүбүн уонна ким туох этиилээҕин көрөбүн. Холобур, ааспыт сырыыга ыйытыктарбар элбэх этии киирбитэ. Кырдьык, үлэһиттэртэн элбэх сонун этии киирэр. Ону барытын бэлиэтэнэн иһэбин уонна толоро сатыыбын.

х х х

-Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кытары хас сыллаахтан үлэлиигитий?
— 2002 сыл бэс ыйыттан Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев дьаһалынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үлэҕэ миниистирэ Елена Александровна Волкова доруобуйаны чөлүгэр түһэрэр үлэни ыытарга сорудаҕынан үлэлээбиппит. Бу икки сыл иһигэр бэйэм илэ харахпынан көрөммүн, Анал байыаннай дьайыыга сылдьар, сылдьыбыт дьоҥҥо туспа Реабилитационнай киин арыллара буоллар дии саныыбын.

-Волонтердаабытыҥ туһунан кэпсээтэххинэ?
-Госпиталга элбэх уол кэлэр, онно биһиги саха уолаттарын булан, волонтердар гуманитарнай көмөлөрүн -– анал нобуору (ис таҥас, тиис суунар, таапачыка, футболка, көстүүм) тиксэрбиппит. Ону таһынан төлөпүөннэрэ суохтарга төлөпүөн биэртэлээбиппит. Сим-картаны онно босхо биэрэллэр. Сүрүн үлэбитин бырагыраамаҕа киллэрэбит. Холобур, саха уола кэллэҕинэ «Дорообо» диэтэхпитинэ, сахалыы саҥарбыппытыттан уолаттар сирэйдэрэ-харахтара сырдыы түһэр. «Оо, эдьиий» дииллэр уонна, төһө да ыараханнык бааһыран сытталлар, аһара үөрэллэр, дойдуларыгар сылдьар курдук буолаллар. Төрөөбүт сахаларын тылын истэннэр уонна биһигини көрөн наһаа астыналлар. Тута дьонноругар эрийэн биллэрэбит. Уолаттар туохха наадыйалларыгар барытыгар көмөлөһө сатыыбыт. Госпиталга биир нэдиэлэ сыталлар, бу сытар кэмнэригэр өрүсүһэн бэйэбит илдьибит эмпитинэн эмтиибит. Ити сылдьан, ыарахаттары бэйэбинэн билбитим. Онтон манна кэлэн баран: «Биһиги манна сэрии туһунан эрэ истэбит, чахчы баран үлэлээн дуу, көрөн дуу кэллэххинэ, кыһалҕаны, ыарахаттары көрүстэххинэ, байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттар хайдах курдук ыарахаттары көрсөллөрүн дьэ өйдүүгүн», -– диэн кэпсиибин.

-Доруобуйатын чөлүгэр түһэрэргэ ханнык көмөнү ыларый?
— Аан бастаан психиатр-быраас көрөр, кини ханнык ньыманан көмөлөһөрү быһаарар. Хас биирдии кыттааччыларга тус-туһунан үлэлиибит. Тута уйулҕа көмөтүн оҥоробут. Биһиги психологпыт аан бастаан кэпсэтэр, араас тиэстэри оҥорор уонна сүбэлиир, психологическай тэрээһиннэри ыытар.

-Уоппускаҕа кэлэ сылдьар ыччаттар киирэн тахсыахтарын сөп дуо?
-Биһиэхэ сөмөлүөттэн түһээт кэлэр ыччаттар эмиэ бааллар. Түүн буоллун, күнүс буоллун миэхэ анаан эрийэллэр. Уолаттар билэллэр эбит. Төрөппүттэрэ оҕолорун ылыахпытын сөбүн дуу, суоҕун дуу эрийэн ыйыталлар. Мин кимиэхэ да аккастаабаппын. Дьиҥэр, бастаан Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин нөҥүө кэлиэхтээхтэр. Бааһырбыт, контузиялаах уолаттар бастаан  балыыһаҕа сытан эмтэнэн баран, биһиэхэ кэлиэхтээхтэр. Ону биһиги уолаттарга утары баран, баҕарар буоллахтарына, тоҕо аккастыахпытый? Барахсаттар наһаа үөрэллэр. Аны биири этиэхпин баҕарабын; мин ыам ыйыгар Ростовка баран икки нэдиэлэ үлэлээн волонтердаан кэлбитим. Уопсайынан, уолаттарбытыгар өссө хайдах көмөлөһүөххэ сөбүн билэ сатаабытым. Онно тиийбитим олох атын хартыына эбит.17

-Холобур, ийэ, аҕа иккиэн тэҥҥэ киириэхтэрин сөп дуо?
-Киириэхтэрин сөп, улуустарыгар социальнай көмүскэл управлениетыгар суруйтараллар. Онтон куораттар маннааҕы управлениеттан ыйытыахтарын сөп.
Ону таһынан, байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттар биһиэхэ кэллилэр да, ыйга иккитэ көрсүһүү ыытабыт. Манна байыаннай борокуратуураттан, СӨ Үлэҕэ министиэристибэтиттэн, социальнай харысхал управлениетыттан, «Дойдуну харыстааччылар» пуондаттан уо.д.а. бэрэстэбиитэллэри хайаан да ыҥырабыт. Ону таһынан, уолаттар төрөппүттэрэ, кэргэттэрэ кэлэн кыттыыны ылаллар. Бу тэрээһиҥҥэ ким тугу ыарырҕаппытын, туох кыһалҕаламмытын быһаарсыы боппуруостарын ырытыһабыт. Итинник тэрээһиммитин уопсайа 59-та ыыттыбыт. Дьон кыһалҕатыгар көмөлөһөр тэрээһиммититтэн төрөппүттэрэ да, уолаттар да үөрэллэр. Манна тута уустук боппуруостарын, кыһалҕаларын быһаарсаллар.

-Инники үлэҥ былаанын билиһиннэрэ түһүөҥ дуо?
-Мин Ростовтан кэлэн бараммын култуура тэрээһиннэрин ыытааччыбар: «Биһиги эмиэ тугу эрэ оҥоруохха, тигиэххэ, дьоннорбутун хамсатыахха, маскировочнай сиэткэтэ оҥоруохха», — диэн эппитим. Онон «Үтүө дьыала хоһун» аһарга быһаарына сылдьабыт.

-Бэрт үчүгэйдик толкуйдаан таһаарбыккын. Кэпсэтиибитин түмүктээн, ааҕааччыларбытыгар туох баҕа санаалааххын?
-Сүрүнэ, бары доруобай буоллуннар, доруобуйа баар буоллаҕына – барыта баар буолар. Байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттар дьиэ кэргэттэригэр барыларыгар этэҥҥэ буолууну баҕарабын. Оҕолорбут, уолаттарбыт бары этэҥҥэ эргиллэн кэллиннэр! Барыгытыгарр дьолу-соргуну!
-Махтал.

Ньургуйаана СКРЯБИНА кэпсэттэ

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Как распознать мошенников

«Как только мы начинаем задавать вопросы, мы начинаем думать, поэтому всегда задавайте…
10.12.24 09:34