Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -37 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Саха сиригэр булгуччу хааччахтааһыны ирдиир дьарҕа ыарыылар испиэһэктэрэ бигэргэннэ. Толору испиэһэк бэҕэһээ 1470 №-дээх Ил Дархан ыйааҕар бэчээттэммитэ.

Саха сиригэр булгуччу хааччахтааһыны ирдиир дьарҕа ыарыылар испиэһэктэрэ бигэргэннэ. Толору испиэһэк бэҕэһээ 1470 №-дээх Ил Дархан ыйааҕар бэчээттэммитэ.

Испиэһэккэ маннык ыарыылар киирбиттэр:

III-IV функциональнай кылаастаах сүрэх ситэтэ суох үлэтин дьарҕа ыарыылара;

II-III истиэпэннээх тыынар уорганнар ситэтэ суох үлэлэрин ыарыылара;

Гемодиалиһынан эмтэнэр бүөр ыарыһахтар (процедураҕа сылдьаллара бобуллубат);

Химиотерапияны ааһа сылдьар искэҥ ыарыылаахтар (процедураҕа сылдьаллара бобуллубат);

Инсулинтан тутулуктаах саахарнай диабеттаахтар;

Онкогематологическай дьарҕа ыарыылаахтар;

Саҥа уорганы эбэтэр уорган чааһын көһөрүү эпэрээсийэни ааспыт, иммуносупрессиялаах дьоннор;

I бөлөх инбэлииттэр.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 1
Уопсастыба

Үбүлээһин аччатыллыбат

Буолаары турар пленарнай мунньаҕы көрсө норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027…
22.11.26 15:36
Уопсастыба

Куоркун турнирын түмүктэрэ

Сэтинньи 20-21 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллыбыт Д.П. Куоркун кэриэһигэр көҥүл тустууга…
22.11.26 14:21