Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -37 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Доруобуйа харыстабылын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ коронавирус ыарыылаахтары балыыһаҕа сытыаран эрэ эмтиир миэстэни 2238 диэри улаатыннарбыттар.

Доруобуйа харыстабылын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ коронавирус ыарыылаахтары балыыһаҕа сытыаран эрэ эмтиир миэстэни 2238 диэри улаатыннарбыттар.

Ол онтон 498 миэстэ ИВЛ аппараата суох, 177 миэстэ ИВЛ аппараакка холбоммут. Эбии миэстэлэри 2№-дээх уонна 3№-дээх Дьокуускайдааҕы балыыһалар, 1№-дээх Дьокуускайдааҕы поликлиника, Өрөспүүбүлүкэтээҕи ыарыыны сэрэтэр киин иһинэн аспыттар. Маны таһынан сотору кэминэн 1№-дээх өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа иһинэн 100 миэстэни арыйарга былаанныыллар, ол онтон 20 миэстэтэ – ыарахан туруктаах дьоҥҥо ананыаҕа.

Ааспыт сууккаҕа 133 киһи ыалдьыбыт. Ол онтон 85 киһи – Дьокуускай куоракка. Эдьигээн улууһугар – 9 киһи, Сунтаарга – 7 киһи, Тааттаҕа уонна Уус Алдаҥҥа биэстии киһи ыалдьыбыттар.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
Уопсастыба

Үбүлээһин аччатыллыбат

Буолаары турар пленарнай мунньаҕы көрсө норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027…
22.11.26 15:36
Уопсастыба

Куоркун турнирын түмүктэрэ

Сэтинньи 20-21 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллыбыт Д.П. Куоркун кэриэһигэр көҥүл тустууга…
22.11.26 14:21