Биһиги Ил Түмэн доруобуйа харыстабылыгар, социальнай көмүскэлгэ, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Чичигинаровтан бу туһунан ыйыталаспыппытыгар, «Ыалдьыбыт дьону быһаччы эмтии сылдьар мэдиссиинэ үлэһиттэригэр төлөбүр РФ уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөттэриттэн оҥоһуллуоҕа. Арассыыйа уонна өрөспүүбүлүкэ салалталарын таһымыгар кинилэри өйүүр социальнай миэрэлэр ылыллаллар. Ол курдук, РФ бырабыыталыстыбата эригийиэннэргэ коронавируһунан ыалдьыбыт дьону эмтиир уонна көмө оҥорор быраастарга, мэдиссиинэ алын сүһүөх үлэһиттэригэр көмө харчы биэрэргэ бүддьүөттэн сөптөөх үбү тыырда. РФ бүддьүөтүттэн эмп-томп үлэһиттэригэр көмөнү таһынан, өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын дьаһалынан өрөспүүбүлүкэ хааһынатыттан эбии 37,1 мөл. солк. көмө оҥоһуллуоҕа”, -- диэн иһитиннэрдэ.
Мэдиссиинэ үлэһиттэрэ төһө сууманы ылыахтарай? РФ Президенин ыйааҕынан коронавирус ыарыытынан ыалдьыбыт дьону эмтээһиҥҥэ үлэлии сылдьар быраастарга 80 тыһ. солк., орто сүһүөх үлэһиккэ 50 тыһ. солк, алын сүһүөх үлэһиккэ 25 тыһ. солк. төлөнүөҕэ. Оттон өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн Ил Дархан Айсен Николаев Ыйааҕынан коронавирус ыарыытынан ыалдьыбыт дьону эмтиир сылдьар быраастарга 66 тыһ. солк., орто сүһүөх үлэһиккэ 40 тыһ. солк, алын сүһүөххэ 20 тыһ. солк. төлөнүөҕэ. Үп кулун тутар 17 күнүттэн ааҕыллыаҕа уонна дьиэҕэ олоруу эрэсиимэ уһуллуор диэри төлөнүөҕэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0