Новосибирскай учуонайдара Эбола вируһун утары вакцина, куор, А грипп, везикулярнай стоматит вирустарын төрүтүгэр препараттары, ону сэргэ субъединичнай диэн ааттанар уонна мРНК-вациналары оҥорон таһаардылар.
Итини таһынан, БИОКАД хампаанньа икки вакцинаны билиһиннэрдэ.
Санкт-Петербурдааҕы вакциналары уонна сывороткалары чинчийэр научнай институкка рекомбинантнай белок уонна наночастицалар төрүттэригэр препарат айылынна.
COVID-19 утары вакциналар Аан дойдутааҕы доруобуйа харыстабылын тэрилтэтинэн оҥоһуллубут бүгүҥҥү күннээҕи кэрискэлэригэр 2020 сыл муус устар 23 күнүнээҕи дааннайдарынан 83 препарат ааҕыллар, ол иһигэр 77 клиника иннинээҕи чинчийиилэри барар итиэннэ 6-тын клиника усулуобуйатыгар дьоҥҥо чинчийэллэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0