Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -31 oC

Бүгүн, кулун тутар 21 күнүгэр, Амма улууhугар ѳрѳспүүбүлүкэтээҕи Сылгыhыт күнүн саамай кѳстүүлээх уонна күүтүүлээх чааhынан сылгыhыттар хамаанданан күрэхтэhиилэрэ – «Сылгыhыт күрэҕэ» буолла.

Бүгүн, кулун тутар 21 күнүгэр, Амма улууhугар ѳрѳспүүбүлүкэтээҕи Сылгыhыт күнүн саамай кѳстүүлээх уонна күүтүүлээх чааhынан сылгыhыттар хамаанданан күрэхтэhиилэрэ – «Сылгыhыт күрэҕэ» буолла.

Манна ѳрѳспүүбүлүкэ 11 улууhуттан барыта 76 сылгыhыт 19 хамаанда састаабыгар киирэн, биир идэлээхтэрин кытта күрэстэстилэр.

2 copy copy

«Сылгыhыт күрэҕин» кыайыылааҕын үрдүк аатын Амма улууhун хамаандата («Давидофф» ХЭУо) ылла уонна СѲ тыатын хаhаайыстыбатын министиэристибэтиттэн тыраахтарынан уонна 2 мѳл. солкуобайынан наҕараадаланна.

6 copy

2 миэстэҕэ Чурапчы улууhун бастакы хамаандата таҕыста уонна УАЗ-бортовой массыынаны тутта.  

3 миэстэҕэ эмиэ Амма улууhун хамаандата (И.Я. Строд аат. ТХПК) тиксэн, снегоход бирииhинэн бэлиэтэннэ.

4 миэстэни Мэҥэ Хаҥалас улууhун хамаандата ылан, зернофураhынан наҕараадаланна.

Анал бириис Сунтаар улууhун сылгыhытыгар Прокопий Алексеевка туттарылынна.

7

Источник уонна хаартыскалар: СИА

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Образование

Мероприятия к 90-летию СВФУ

На этой неделе научная и образовательная общественность Республики Саха (Якутия) отметит…
18.11.24 14:24