Үлэ ырыынагар уларыйыы күүтүллэр. Стратегическай разработкалыыр киин этэринэн, бастакытынан, Россия үрдүнэн 2 мөл. киһи үлэтэ суох хаалыаҕа, икиһинэн, хас эмэ сылга үлэ ырыынагар үлэ биэрээччитин ахсаана өр кэмҥэ түһүөҕэ. Ол эрэн, маассабайдык үлэттэн ууратыыны РФ Үлэ министиэристибэтигэр бэлиэтии иликтэр. Ханнык эрэгийиэн экэниэмикэтэ ордук эмсэҕэлиирин, хайата ордук туруктаах буоларын РК суруйарын Сахапарламент.ру иһитиннэрэр.
Россияҕа үлэтэ суох буолуу дьон ахсаана үрдүөҕэ. Бу туһунан Стратегическай разработкалыыр киин экспертэрэ икки көрүҥҥэ арааран быһаараллар. Бастакытынан, билиҥҥи 4,4%-тан үлэтэ суох буолуу таһыма 6,5 %-ҥа тиийэ улаатара сабаҕаланар. Иккиһинэн - бу сыл бүтүүтэ үлэтэ суох буолуу 7,1- 7,8% үрдүөҕэ. Бу түбэлтэҕэ 2 мөл. тахса Россия олохтоохторо үлэтэ суох хаалар кутталлаахтар. Ол эрэн, барыта куһаҕан буолбатах - үлэ ырыынага аны сайын, 2023 сылга чөлүгэр түһүөҕэ дииллэр.
«Үгүс хампаанньалар үлэлэрин тохтоппуттарын үрдүнэн, билиҥҥитэ үлэһиттэригэр быыстала суох хамнастарын ааҕа олороллор», - диэн Коммерсантъ кэпсиир. Үлэтэ суох буолуу ордук бырамыысыланнас, бытовой тиэхиньикэ, тимиртэн оҥоһук, уоҕурдуу оҥорон таһаарыыга уонна тутуу эйгэтин үлэһиттэрин ортолоругар үрдүөҕэ. Биричиинэтэ - санкциялар, тэрилтэлэр үлэлэрин тохтотуулара, ону сэргэ Россияҕа табаарга наадыйыы аччааһына буолар. Хата ол оннугар, үлэһит күүһүгэр ирдэбил үрдүөҕэ - таҥас оҥорооччуларга, IT-хайысхаҕа, таҥас-сап, сынньалаҥ эйгэтигэр, микроэлектроникаҕа уонна телеком табаары таһарааччыларга. Манна Россия олохтоохторо саҥа идэлэри баһылыыллара эрэйиллэр.
Дойду Бырабыыталыстыбата үлэ ырыынагар бэйэтин сабаҕалааһынын оҥоро илик. Биэдэмистибэҕэ үлэтэ суох буолуу дьон ахсаана үрдүүрүн бэлиэтээбэттэр. «Үлэ ырыынагар маассабайдык үлэттэн ууратыы былааннаммат», - диэн РФ Үлэҕэ миниистирэ Антон Котяков этэр. Миниистир бэлиэтииринэн, үлэ биэрээччилэр 50 тыһ. кэриҥэ үлэ миэстэтин таһаараллара, оттон наймыга барыта 55 мөл. кэриҥэ дьону үлэлээх оҥорор былааннаахтарын иһитиннэрдилэр. Дьарыктаах буолуу кииннэригэр учуокка барыта 660 тыһ. тахса Россия олохтооҕо турда.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0