Ыам ыйын 25 күнүттэн Дьокуускай - Аллараа Бэстээх - Дьокуускай хайысханан паромнар сырыылара саҕаланыа. Дьону уонна таһаҕаһы таһыыны быйыл сайын «Первая паромная переправа», «Вторая паромная переправа», «ЛОРП», «Ассоциация строителей АЯМ» уонна «Транс-Сервис» тэрилтэлэр хааччыйыахтара.

«Дьокуускай - Аллараа Бэстээх» хайысханан - 12, «Кангалассы - Суотту» хайысханан - 2, «Хачыкаат - Мохсоҕоллоох» хайысханан - 4 паром сылдьара чуолкайданна.
Ону тэҥэ, «Дьокуускай - Аллараа Бэстээх-Дьокуускай» хайысханан «Рукавишников» теплоход айаҥҥа тахсыа, билиэт сыаната 300 солк. буолуо. Ону сэргэ катердар сырыылара саҕаланыа, айан төлөбүрэ 500 солк., салгын олбохтоох суудуналарынан айан сыаната - 500 солк.
Онон ордук илин эҥэр олохтоохторугар күүтүүлээх кэмнэрэ кэллэ.
Быйылгы айан-сырыы табыгастаах уонна табыллыылаах буоллун!