Тэрээһин сүрүн тиэмэтинэн эрэгийиэннэр сыыппараҕа уларыйыылара дойду сайдыытыгар инники сорук быһыытынан көрүллүөҕэ. Сыыппара алмааһа – бу федеральнай таһымнаах Арассыыйа бородууксуйатын уонна IT эйгэтигэр саҥа арыйыылары киэҥ араҥаҕа тарҕатыыга эспиэрдэр былаһаакката.
Дьыалабыай бырагыраама түөрт түһүмэхтээх: «Цифровое и инновационное развитие», «Цифровой контент», «Безопасность и телекоммуникации», «Образовательные технологии». Пуорум бэбиэскэтигэр, сыыппара контенын сарсын хайдах сайыннарар туһунан
Тэрийээччилэр этэллэринэн, пуорум Арассыыйа 70 эрэгийиэнин, ону тэҥэ Кытайтан, Индийэттан, Казахстаантан уонна Узбекистаантан кэлбит ыалдьыттары түмэр.
Бырагырааманан IT индустриятын исписэлиистэригэр уонна эспиэрдэригэр туһуламмыт 40-ча тэрээһиннэр ыытыллыахтара. Манна спикердэринэн уонна эспиэрдэринэн федеральнай, эрэгийиэннэр былаастарын уорганнарын, корпорациялар уонна дойду сүрүн хампаанньалларын бэрэстээбииттэллэрэ, ол кудук СБЕР, InfoWatch, Яндекс, ОККО, Группа Астра, Гринатом, Positive Technologies, АЛРОСА, Нордголд уо.д.а топ-менеджердэрэ кэлэн сыаналыахтара, саҥа киириилэри билиһиннэриэхтэрэ.
Киэҥ далааһыннаах дьыалабыай бырагырааманы таһынан пуорум чэрчитинэн «Б8» акселератор түмүгэ уонна дойдубут софтарын уонна оборудованиетын быыстапката буолар.
Санатан эттэххэ,2022 с. бастакы пуорумҥа 200, оттон 2023 с. иккис пуорумҥа 1500 кыттааччы кэлэн араас балаһааккаларынан үлэлээбиттэрэ. Пуорум бырагырааматын бу сигэнэн билсиэххэ сөп: https://цифровойалмаз.рф/.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0