Бэлиэтээн эттэххэ, 8800-100-1403 өрөспүүбүлүкэтээҕи биир нүөмэргэ социальнай өйөбүл, социальнай хааччыйыы уонна үлэ сыһыаннаһыыларын ыйытыктарыгар анаан «Итии линия» тэрилиннэ. Үлэ режимэ: өрөбүлэ суох сарсыарда 8.00 ч. киэһэ 22.00 ч. диэри. Социальнай өйөбүл хайысхатынан «Итии линия» нүөмэргэ барыта 17281 ыйытык киирдэ, ол иһигэр социальнай өйөбүл дьаһалларын туһунан ыйытыктар — 13973, социальнай хааччыйыыга — 2036, үлэ сыһыаннаһыыларыгар —1275.
СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин пресс-сулууспатын дааннайынан
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0