Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -19 oC

2011 сылтан Саха сирэ телекоммуникационнай инфраструктура балысханнык сайдан саҕалаабыта. Сибээс ситимин тардыыны Инновация, цифровой сайдыы уонна инфокоммуникация министиэристибэтэ сүрүн сорук оҥостон, бу эйгэҕэ күүскэ үлэлэһэр.

“РФ цифровой экэниэмикэтэ” национальнай бырайыак “Социальнай суолталаах эбийиэктэри холбооһун” федеральнай бырагырааматын чэрчитинэн быйыл социальнай суолталаах 1385 эбийиэк түргэн Интэриниэккэ холбонно.

Оптоволокно (ВОЛС) ситимигэр Мииринэй, Ньурба, Чурапчы улуустара 100 бырыһыан холбоммут эбит буоллахтарына, быйыл кинилэр кэккэлэригэр Хаҥалас эбилиннэ.

Бу сылга ВОЛС өрөспүүбүлүкэ 12 оройуонун 43 нэһилиэнньэлээх пуунугар киирбит. Сыл бүтүөр диэри өссө 27 нэһилиэги хабыахтара. Оттон уопсайынан оптоволкноҕа Саха сирин 350 нэһилиэгэ холбонон олорор, ол аата 88%-на.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением