Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -35 oC

Дойду Бырабыыталыстыбата олунньу 4 күнүгэр Пекиннээҕи Олимпийскай уонна Паралимпийскай оонньуулар кыайыылаахтарын уонна призердарын харчынан наҕараадаларын кээмэйин уурааҕынан бигэргэттэ.

Дойду Бырабыыталыстыбата олунньу 4 күнүгэр Пекиннээҕи Олимпийскай уонна Паралимпийскай оонньуулар кыайыылаахтарын уонна призердарын харчынан наҕараадаларын кээмэйин уурааҕынан бигэргэттэ.

«Пекиҥҥэ кыһыҥҥы Олимпиада оонньуулара аһыллар, аны биир ыйынан – Паралимпийскай күрэхтэһиилэр. "Бу улахан суолталаах тэрээһиннэр. Ыччаттарбытынан киэн туттабыт уонна бу күннэргэ кинилэргэ кыайыыны эрэ баҕарабыт", – диэтэ Михаил Мишустин.
Саҥа уурааҕынан, кыһыл көмүс мэтээл иһин 4 мөл. солк. бэриллэр. Үрүҥ көмүс мэтээл хаһаайыныгар 2,5 мөл. солк. ананар. Оттон боруонса призердарыгар 1,7-түү мөл. солк. бэриллиэҕэ. Ити курдук хас биирдии мэтээл иһин нолуога суох харчынан бириэмийэ олохтонор - наҕараада хамнаһа хас биирдии мэтээлгэ үрдүүр диэн тоһоҕолоон бэлиэтиир наадалаах.
Маны тэҥэ спортсменнары арыаллыыр атын исписэлиистэр, тириэньэрдэр эмиэ харчынан биһирэбили ылыахтарын сөп.
Санаттахха, 2020 сылга Олимпиада чөмпүйүөннэрэ немецкэй BMW массыыналары ылбыттара. Холобур, кыһыл көмүс мэтээлгэ алта мөлүйүөн солк. сыаналаах - Х5 маарка массыына, үрүҥ көмүскэ – Х3, боруонсаҕа - Х3 бэлэхтэммитэ.
Итини сэргэ Олимпиада түмүгүнэн призердар судаарыстыбаннай уордьаннарынан уонна мэтээллэринэн наҕараадаланаллар - үксүн "Александр Невскэй" , "Бочуот уонна Доҕордоһуу" уордьаннара, ону таһынан «Аҕа дойдуга өҥөлөрүн иһин" бастакы уонна иккис истиэпэннээх мэтээллэр.

XXIV Олимпийскай оонньуулар олунньу 4-20 күннэригэр ыытыллаллар, XIII Паралимпийскай оонньуулар - кулун тутар 4-13 күннэригэр. Суббуота күн бастакы мэтээллэр оонньонуохтара.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением