Ыһыах-2020 чэрчитинэн бүтүн өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна улуустааҕы таһымнаах 556 тэрээһин былааннаммыт. Муниципальнай тэриллиилэр икки ардыларыгар дистанционнай көрүҥүнэн ыһыаҕы ыытарга Дьокуускай, Ленскэй, Горнай уонна Аллараа Халыма инники күөҥҥэ сылдьаллар.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи ыһыах бырагырааматыгар 35 улахан тэрээһин киирбит. 19 улууска сэрэхтээхтик бырааһынньыгы ыытарга туһуламмыт анал дьаһаллар ылыллыбыттар.
Булун, Эдьигээн, Аллараа Халыма уонна Өймөкөөн улуустарын дьоно-сэргэтэ самаан сайын кэлбитин өрөгөйдүүр Үрүҥ Тунах ыһыахтарын дьиҥнээх түһүлгэлэргэ киирэн уруйдаан көрсүөхтэрэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0