Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -21 oC

Сахабын, сахабынан киэн туттабын... сахабынан атын омуктартан атыммын. Саха буоларым бастатан туран туохтан биллэрий, тылбыттан, саҥарар-кэпсэтэр тылбыттан, онтон дьэ, ис-иһигэр киирэн истэххэ итэҕэл, сиэр-туом, култуура, устуоруйа атын-атына кэлэрэ өйдөнөр буоллаҕа... Ол аата бастакы, омос көрүүгэ, сүрүн уратыбыт – тылбыт...

Сахабын, сахабынан киэн туттабын... сахабынан атын омуктартан атыммын. Саха буоларым бастатан туран туохтан биллэрий, тылбыттан, саҥарар-кэпсэтэр тылбыттан, онтон дьэ, ис-иһигэр киирэн истэххэ итэҕэл, сиэр-туом, култуура, устуоруйа атын-атына кэлэрэ өйдөнөр буоллаҕа... Ол аата бастакы, омос көрүүгэ, сүрүн уратыбыт – тылбыт...

Сахабыт тыла олус баай, мандар, сиэдэрэй, кэрэ... Дэлэҕэ да сах саҕаттан айыллан кэлбит сахалар ааттаннахпыт дии. Сах саҕаттан... ол аата тылбыт эмиэ атын омуктар тылларыгар тэҥнээтэххэ, олус былыргы... Биһиги сахалар сахабыт тылын умнубакка, өрүүтүн байыта, сайыннара сылдьар ытык иэспит. Кэлин кэмҥэ уу сахалыы тылынан үөрэтэр уһуйааннар элбээтилэр, араадьыйаҕа, тэлэбиидэнньэҕэ сахалыы тылга аналлаах биэриилэр ыытыллаллар. Оттон үүммүт саҥа сыл саҥатыгар Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтин култууратын Киинигэр «Один дома» диэн омук киинэтин сахалыы тылбаастаабыттарын көрөн, олус соһуйбуттааҕым уонна үөрбүттээҕим. Ону саас сааһынан сырдатан эһиэхэ тиэрдиим дуу. Киинэ сүрүн дьоруойа Кевин, сытыы, булугас өйдөөх оҕо сап-сахалыы саҥаран, күлэн-үөрэн чаҕаарара, көрөргө-истэргэ үчүгэйэ дьикти.

1

Хата, мин киинэ бастакы премьератыгар сылдьар дьоллоннум. Киэҥ-куоҥ саала иһэ  оҕотуттан аҕам саастаах көрөөччүтүгэр тиийэ тобус толору. Бары сүрдээҕин чуумпуран олорон, омук дьоно уу сахалыы тылынан саҥаралларын иһиттибит. Манна диэн эттэххэ, күннээҕи олоххо бэйэбит да нууччалыы-сахалыы тылы буккуйа былаастаан кэпсэтэрбит баар суол. Киһи кыбыстар. Ити күннээҕи кэпсэтэр тылбыт сыыһырыыта туохтан тахсыбытын быһаарыы бэйэтэ туһунан төрүттэрдээх буоллаҕа. Ону ырытыы туһунан кэпсэтии. Бэйэбит төрөөбүт төрүт сахалыы тылбытынан саҥара, кэпсэтэ, бичийэ сылдьан, тылбыт саппааһын байыта, араас киирии тыллартан ырааһырда сатыырбыт ирдэнэр кэмэ кэллэ.  Ол оннук быһаарыылаах кэмҥэ омук киинэтин сахалыы тылбаастаан, уу сахалыы саҥардааһын –  сахабыт тыла тиллиитин, күүһүрүүтүн, сайдыытын  туһугар охсуһуу биир көрүҥүн курдук көрүөххэ сөп.  Дьэ, «бу киинэни тылбаастааһынын ким оҥордо?» диэн ыйытык кэлэр. Киинэ дьоруойдарын сахалыы саҥардыбыт, режиссер, звукорежиссер уустук үлэлэрин толорору ситиспит Мэҥэ Хаҥалас улууһун Тиэлиги нэһилиэгин Степанида Борисова аатынан култуура дьиэтин дириэктэрэ Давид Германович Трофимов эбит. 

5Киинэ звукорежиссера Давид Германович Трофимов

Кини итинник тылбааска холонооһунун 2020 сыллаахха саҕалаабыт. Бастакы холонуутугар «Кунг Фу Панда» диэн ойуулугу сахалыы саҥардан саха оҕолорун көрөөччүлэригэр бэлэхтээбиттээх. Бу Дьокуускайдааҕы Культпросвет колледжын, кэлин ХИФУ национальнай култууратын салаатын бүтэрбит эдэр исписэлиис, дойдутугар тахсан, сахалыы тылын өрө тутан, саха оҕолоругар омук киинэлэрин сахалыы саҥардан, саха тылын күүһүрдэ сылдьарыгар олус махтана санаатым. Оттон бу сырыыга «Один дома» диэн художественнай киинэ дьоруойдарын тылларын барытын сахалыы тылбаастаан, хас биирдии киинэ уобарастарынан атын-атын киһинэн сахалыы саҥардан, куоластарын табан-талан саҥардыбыта, сахалыы тыллары кытта омуктуу тыллары саҥарарга дьоруой уоһа хамсыырын кытта тэҥнээн устубута сөхтөрөр. Тылбаас киинэтин устууга уустук түгэнэ итиннэ сытар. Омуктуу этиллибит тылы сахалыы тылга тылбаастыырыҥ таһынан, киинэҕэ киллэрэргэ  дьоруой уоһун хамсааһыныгар сөп түбэһиннэрэн устуу олус уустук. Аны сахалыы саҥардааччылар дьиҥнээх артыыс буолбатах да буоллаллар, куоластара киинэ дьоруойа кыыһырарын, үөрэрин, саарбахтыырын, үөннүрэрин, быһата хайдах санаалаах туран саҥарарын көрөөччүгэ толору тиэрдэллэрэ эмиэ сөхтөрөр.

6Киинэ сүрүн дьоруойа Кевин – Дьулуур Михайлов

Давид Германович  кэпсиир: «Киинэ дьоруойдарын сахалыы саҥардыыга 20 тахса киһи кытынна, ол курдук,  Спиридон Григорьев,  Прокопий Федоров, Александра Григорьева, Данил Осипов, о.д.а. олус бэркэ үлэлэстилэр. Сүрүн оруолу Дьулуур Михайлов, 11 саастаах уол толордо, Маркы – Дьулустаан Михайлов, Гаррины – Давид Трофимов, Кевин ийэтин – Валентина Трофимова, Кевин аҕатын – Иван Егоров. Сүрүн үлэбин  компьютерынан таҥан киллэрдим. Тылбааска көмөлөспүт, дьоруойдары саҥардыбыт дьоннорбор, нэһилиэгим салалтатыгар махталым муҥура суох...». Ити курдук, эдэр исписэлиискэ, ийэ тылы сайыннарыыга биир солун үлэни ыытыһа сылдьар талааннаах режиссерга, култуура салайааччытыгар айымньылаах үлэтигэр өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарыаҕыҥ.

2

Манна даҕатан эттэххэ, Мэҥэ-Хаҥалас нэһилиэктэригэр киһи биири ордук бэлиэтии көрөр, нэһилиэктэр, сирдэр, уулуссалар, тэрилтэлэр ааттара уу сахалыы суруллубуттар. Атын улуустарга элбэхтик сылдьыбыт киһи, ити олус улахан да буолбатар, саха киһитин үөрдэр түгэни бэлиэтии көрөҕүн. Сорох улуустарга айаннаан истэххэ ханнык да тылга майгыннаабат үрэхтэр, сэлиэнньэлэр ааттара суруллан туралларын көрөн сонньуйаҕын. Оттон Мэҥэ-Хаҥаласка уу сахалыы суруллан турар сирдэр, нэһилиэктэр, нэһилиэктэргэ уулуссалар, тэрилтэлэр ааттара саха киһитин сүрэҕин ортотунан киирэллэр.

Сахабыт тылын ырааһырда, сайыннара сылдьыаҕыҥ.

Зинаида ИГНАТЬЕВА, Россия суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ.

  • 4
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31