Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -26 oC

Бэҕэһээ киэһэ Дьокуускайга  Норуоттар доҕордоһууларын болуоссатыттан  «Арассыыйа биир дьиэ кэргэн» телемост төһө да тымныы буоллар, бэрт элбэх кыттааччылаах, балачча көрөөччүлээх ааста.  Бу телемост Дьокуускайы уонна Луганскайы ситимнээтэ.

Бэҕэһээ киэһэ Дьокуускайга  Норуоттар доҕордоһууларын болуоссатыттан  «Арассыыйа биир дьиэ кэргэн» телемост төһө да тымныы буоллар, бэрт элбэх кыттааччылаах, балачча көрөөччүлээх ааста.  Бу телемост Дьокуускайы уонна Луганскайы ситимнээтэ.

Москубаттан РФ Культураҕа миниистирэ Ольга Любимова быһа эпииргэ тахсан, саҕаланыытыгар: « Бүгүн 18 эрэгийиэнтэн 300 кыттааччы бэйэлэрин  үгэстэрин көрдөрүөхтэрэ . Бу телемост Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Луганскай норуодунай өрөспүүбүлүкэни холбуоҕа, онон биһиги бу икки кэрэ сиргэ сылдьыахпыт.  Быһа эпииргэ гала-кэнсиэргэ  Хотугу Кавказка, Сибииргэ уонна Волга өрүс устатыгар олохтоох норуоттар ырыаларын, мелодияларын истиэхпит. Бу барыта - Арассыыйа этно култууратын тугунан да сыаналаммат сүдү баайа. Бэстибээл өссө төгүл биһиги дойдубут кэрэтин көрдөрүөҕэ уонна төрүт үгэстэрбитин, сиэрбитин-майгыбытын харыстыырбытыгар, бөҕөргөтөрбүтүгэр көмөлөһүөҕэ», - диэн аан тылынан телемоһу аста.

Салгыы тэрээһиҥҥэ Дьокуускайтан уонна Луганскайтан холобостулар, ол курдук СӨ Бырабыыталастыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников уонна Луганскай норуодунай өрөспүүбүлүкэ баһылыгын дьаһалтатын салайааччытын солбуйааччы Олег Черноусов холбоһон, ситимҥэ киирэннэр, төһө да хас эмэ тыһыынчанан килэмиэтир тэйиччи буолларбыт, биһиги бииргэбит, норуоппут култууратын, үгэстэрин ытыктыыбыт, харыстыыбыт диэн эҕэрдэлээтилэр уонна бэстибээл норуоттары холбуурун, сомоҕолуурун бэлиэтээтилэр.

Ити күн Луганскайга куорат күнэ ыытыллан, телемостка кэлбит дьон сылаас дойду күһүҥҥү айылҕатын кытта норуот ырыатын, үҥкүүтүн дуоһуйа көрөн астыннылар, дуоһуйдулар. Ону кытта Луганскайдар Саха Сирин сөрүүн күһүнүн ырыатын-тойугун, хомуһун дьүрүскэнин сэҥээрэ көрдөхтөрө буолуо. 

Норуот айымньытын уонна үгэстэрин бэстибээлэ — гражданскай-патриотическай иитиигэ уонна духуобунай-сиэрдээх сыаннастары бөҕөргөтүүгэ туһуламмыт саамай улахан социальнай суолталаах этнокултуурунай бырайыак.  2024 сылга “Биир Арассыыйабыт!” бырайыак 10 сылын туолар. Бу сыллар усталарыгар 1000-тан тахса айар бөлөх, толорооччулар уонна декоративнай-прикладной  ускуустуба маастардара, ол иһигэр ыччат айар кэлэктииптэрэ кыттыыны кыттыыны ыллылар.

Бүтүн Арассыыйатааҕы “Биир Арассыыйабыт!” Норуот айымньытын уонна үгэстэрин түмэр III Бэстибээл-бырааһынньыгын төрүттээччилэринэн уонна тэрийээччилэринэн РФ култуураҕа министиэристибэтэ, В.Д. Поленов аатынан Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай норуот айымньытын дьиэтэ, Луганскайдааҕы норуодунай өрөспүүбүлүкэ култуураҕа министиэристибэтэ, «Луганскайдааҕы норуот айымньытын киинэ» судаарыстыбаннай уһуйаана, СӨ Култуура уонна духуобунас сайдыытын министиэристибэтэ, Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын киинэ буолаллар.

Луиза Томская, Улусмедиа хаартыскалара

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Культура

Короткий путь в Вечность

5 декабря в Национальном художественном музее Республики Саха (Якутия) откроется выставка…
03.12.24 13:38