Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -37 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

2021 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ “Култуура” национальнай бырайыагынан тоҕус тэрилтэ модельнай бибилэтиэкэ статуһун ылыаҕа.

2021 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ “Култуура” национальнай бырайыагынан тоҕус тэрилтэ модельнай бибилэтиэкэ статуһун ылыаҕа.

Бу бибилэтиэкэлэри тэрийиигэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 2 мөл. солк. көрбүттэр. 1,3 мөл. солкуобайы оройуоннарга бибилэтиэкэлэри тэрийиигэ, 800 тыһ. солк. – нэһилиэктэргэ анаабыттар. Өрөспүүбүлүкэ култуураҕа министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, Мэҥэ Хаҥалас нэһилиэктэрин икки ардыларынааҕы бибилэтиэкэтэ, Үөһээ Бүлүү киин бибилэтиэкэтэ, Өлөөн улууһун оҕо бибилэтиэкэтэ, Дьокуускай куорат “Три-Д” 19№-дээх бибилэтиэкэтэ, Ленскайдааҕы оҕо бибилэтиэкэтэ куонкурсу ааһан модельнай бибилэтиэкэ статуһун ылар буолбуттар. Оттон федеральнай таһымҥа куонкурсу ааспыттар – Алдан, Покровскай куораттар, Бэрдьигэстээх уонна Светлай бөһүөлэктэрин бибилэтиэкэлэрэ эмиэ модельнай статуһун ылар буолбуттар. Оройуоннааҕы бибилэтиэкэлэр 10-нуу мөл. солк., нэһилиэктэр бибилэтиэкэлэрэ 5-тии мөл. солк. ылыахтара. РФ култуураҕа миниистирин солбуйааччыта Ольга Ярилова иһитиннэрбитинэн, Уһук Илиҥҥэ модельнай бибилэтиэкэлэри тэрийиигэ Саха сирэ биир инники миэстэҕэ сылдьар. Ол курдук, 2020 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ 10 бибилэтиэкэ аһыллыбыт.    

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
Уопсастыба

Үбүлээһин аччатыллыбат

Буолаары турар пленарнай мунньаҕы көрсө норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027…
22.11.26 15:36
Уопсастыба

Куоркун турнирын түмүктэрэ

Сэтинньи 20-21 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллыбыт Д.П. Куоркун кэриэһигэр көҥүл тустууга…
22.11.26 14:21