Ити тыллар бу күннэргэ 75 сааһын туолар норуот таптыыр артыыһыгар, ырыа айааччыга, ырыаһыкка, ырыа ылбаҕай эйгэтигэр олоҕун анаабыт киһиэхэ, ырыа нөҥүө төрөөбүт тылын сайыннарыыга үлэлэһэр ааптарга, Сахабыт Сирин сүдү талааныгар -- Галина Никитична Шахурдинаҕа сүүс бырыһыан барсаллар.
Галина Никитична ырыатыгар уйдаран, төһөлөөх элбэх киһи тапталга билиммитэ, төһөлөөх элбэх киһи төрөөбүт дойдутугар ахтылҕанын таһаарбыта буолуой?
Ырыата хас биирдии сахалыы куттаах ыал дьиэтигэр ылланарыттан саҕалаан, өрөспүүбүлүкэбит баар-суох үрдүк сыанатыттан – Опера уонна балет тыйаатырыттан – кытта дуораһыйар. Бука, кини ырыата ылламматах күнэ суоҕа буолуо.
Галина Никитична ырыа тылыгар сүрдээх ирдэбиллээх, хас биирдии этиигэ суолта биэрэр, инньэ гынан кини биир да ырыата ааһан иһэн суруллубут буолбатах, хас биирдии айымньыта бэйэтэ кыра испэктээк курдук. Ол да иһин буолуо, Хатастааҕы «Тускул» култуура киинэ кини айбыт ырыаларынан «Тырымнас тыллары хатылаа» диэн театрализованнай кэнсиэри туруорарбытыгар, этэргэ дылы, барыта санаа хоту сатанан, ырыалыы ылбаҕайдык ыпсыбыта. Онно хас да көлүөнэ дьоммут биир иллээх дьиэ кэргэн курдук оонньообута, биир тыыҥҥа, биир тэтимҥэ киирэн, астына-дуоһуйа айбыттара-туппуттара -- ырыа түмэр, сомоҕолуур кыаҕа манна ырылхайдык көстүбүтэ. Тэрээһиммит сэргээһини, биһирэбили ылбыта, ол онтон санаабытыгар санаа, күүспүтүгэр күүс эбиллэн, аны икки ырыаҕа клип устарга соруммуппут. «Кырдьыбат вальс» диэн ырыаҕа клиппит “Саха” НКИХ «Эйэҕэс эҕэрдэ» диэн биэриитигэр сотору-сотору көстөр. Манна даҕатан эттэххэ, 2019 сыллаахха Дьокуускай киин болуоссатыгар бу ырыаҕа уонча ансаамбыл үҥкүүлээбитэ эмиэ туспа кэрэ көстүү этэ.
Галина Никитична ырыаларын Сахабыт Сирин киэҥ киэлитин бары улууһугар олорор бар дьоммут бары сөбүлүүллэрин, бэйэлэригэр чугастык ылыналларын 2019 сыллаахха «Тырымнас тыллары хатылаа» диэн кини суруйбут ырыаларын уонна ырыаларынан туруоруллубут үҥкүүлэри толоруу өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруһугар илэ харахпытынан көрбүппүт, эт кулгаахпытынан истибиппит.
Онно Бүлүү улууһуттан икки кэлэктиип, Амма Өнньүөһүттэн, Чурапчы Дириҥиттэн, Хаҥалас Покровскайыттан, Булгунньахтааҕыттан, Мэҥэ Хаҥалас Доллутуттан, Балыктааҕыттан, Чүүйэтиттэн, Табаҕатыттан, Хоротуттан, Наахаратыттан, Орто Халыматтан, Уус Алдантан, Өймөкөөнтөн солистар, дуэттар, ансаамбыллар, хордар, үҥкүү ансаамбыллара кэлэннэр кыттыбыттара, көрсүһүүттэн үөрбүттэрэ, алтыһыыттан астыммыттара. Хас биирдии толорооччу хараҕын уотун, үөрүүтүттэн өрүкүйбүт сэбэрэтин көрбүт эрэ киһи барыта сүргэтэ көтөҕүллүбүтэ, айыан-тутуон баҕарбыта. Дьиҥ чахчы норуот таптала, норуот билиниитэ, дьэ, онно баара! “Маннык тэрээһиннэр куруутун бараллара буоллар”, -- диэн баҕа санааларын эппиттэрэ. Тэрээһин биир ураты уран, уйан көстүүтэ баянистар этилэр. Дьэ, манна бааллара -- утуйа да сыттаҕына уһуганнардаххына, “байааным ханна баарый?” диэххэ айылаах, куруутун байаан тутуурдаах, мэлдьи ырыа эйгэлээх үтүө дьоммут: Раиса Крылова, Павел Егоров, Алексей Калининскай, Степан Васильев, Василий Неустроев, Юрий Сивцев, Иннокентий Готовцев, Алексей Потапов, Иван Прибылых. Бу куонкурус өссө биир уратытынан, манна Г.Н.Шахурдина 38 ырыата ылламмыта буолар. Статистика көрдөрөрүнэн, ханнык эмэ ааптарга анаммыт күрэхтэргэ, үгэс курдук, 14-15 ырыа ылланар.
Галина Никитична таптал таҥаралаах буолан, дьахтар кутун арыйар дьоҕурдаах киһи. Ол эрээри кини олох бары эйгэтин туойар-хоһуйар -- сэрии бэтэрээннэригэр, хомсомуолга, саҥа дьиэҕэ киирии үөрүүтүгэр, төрөөбүт дойдуга тапталга, үөрэммит оскуолаҕа, төрөппүт оҕоҕо, Дьокуускай куоракка анаммыт үчүгэйкээн ырыалардаах. Дэгиттэр талааннааҕын сүүрбэччэ ырыата бэйэтэ суруйбут тылларыгар буолара да дакаастыыр дии саныыбын.
Ырыанньыктарын, ким эрэ үбүлээһининэн буолбакка, салалта өйөөһүнүнэн хас кулууп аайы тиийэр гына бэчээттэтиэххэ, тарҕатыахха наада диэн санаабыт хаһан эмэ туолуоҕар эрэниэҕиҥ.
Дьэ, уонна хоһооҥҥо этиллэринии:
Тыыннаах түгэн дьолунан,
Күһүҥҥүлүү налыйан,
Сааһырыыбыт уоскуйуу.
Муҥура суох дуоһуйуу
– диэн, олоҕун саамай муударай, мындыр кэмигэр үктэммит, олоҕу баарынан ылынан, хас биирдии саҥа үүммүт күнү үөрэ-көтө көрсөр үтүөкэн киһибитигэр тапталбытын, махталбытын тиэрдэбит, айар суола норуот талаанын арыйа, норуот тапталын иҥэринэ туралларыгар баҕарабыт.
Наталья Руфова,
Хатас.
- 3
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0