Бу иннинэ алтынньы 18 күнүгэр суудуналар сырыылара тохтуохтаах этэ.
Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан паром сырыыта алтынньы 25-27 күннэригэр диэри уһатылынна. Бу хайысханан 12 суудуна үлэлиир. Бүлүү өрүскэ түөрт учаастакка паромнар үлэлииллэр. Алдан өрүскэ былаан быһыытынан паром сырыыта тохтуур.
Өлүөнэ өрүскэ Уус Куйгааттан Аллараа Бэстээххэ диэри суудуналар сылдьаллар. Витимтэн Дьокуускайга диэри сырыы былаан быһыытынан бүгүн, оттон Осетроваттан Витимҥэ диэри суудуналар сырыылара алтынньы 22 күнүгэр тохтуур.
Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан суудуналар сырыылара тохтооҕуна, муус үчүгэйдик туруор диэри Жатай-Төхтүр хайысханан ыйааһыннаах бааржалар ледокол арыаллаах үлэлиэхтэрэ. Бу кэмҥэ паром өҥөтүн туһаныы тарыыба атын буолуоҕа. Ол туһунан ааспыт нэдиэлэҕэ СӨ Сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Саргылаана Матвеева билиһиннэрбитэ. Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысхатынан сылдьар паромнар тарыыптара 2016 сыллаахха олохтоммут туругунан хаалар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0