Докумуоҥҥа сорох эрэгийиэн көмөҕө байыаннай таҥаһы уонна наадалаах эми-тому атыылаһан ылан, хааччыйарга бэлэмнээхтэрэ ыйылынна. Быраабы араҥаччылааччылар көмөҕө туһаныллыбыт ороскуоттары федеральнай бүддьүөттэн субъектарынан биир кээмэйдээх төлөбүрүнэн толуйары олохтуурга сүбэлииллэр.
Мобилизациялааһын туһунан федеральнай сокуоҥҥа Сэбиэт чилиэннэрэ уларытыылары киллэрэн, субъектарынан көмө оҥорортон аккаастаннар уонна бырааһынньыктааҕы сметалары оннунан хаалларар түгэннэрэ тахсыбаттарыгар этии киллэрдилэр.
Ону тэҥэ, дакылаакка сорох бааннар мобилизацияламмыт уолаттарга уонна доброволецтарга кирэдьиит биэриититтэн куотуналларын туһунан суруйдулар. Байыаннай малынан, таҥаһынан хаччыйыыга атыылааччы урбаанньыттар дьайыыларынан сыана үрдээһинигэр сөптөөх сыанабылы биэрэллэригэр көрдөстүлэр.
Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Валерий Фадеев Москва уонна Санкт-Петербург куораттар метро ыстаансыйаларыгар бэбиэскэ туттарыыта курдук сөҕүмэр быһыы-майгы түбэлтэтэ тахсыбытыгар болҕомтотун уурда. Кини мобилизационнай дьаһалларынан, кэтээн туран, уопсастыбаннай тырааныспардарга, олорор дьиэнэн эбэтэр үлэ миэстэтигэр бэбиэскэ туттарыыта сыыһа дьаһаныы буоларын бэлиэтээтэ . Маннык хас биирдии тахсыбыт түбэлтэни хонтуруолга ылан, күүстээх бэрэбиэркэ ыытарга ыҥырда.
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0