“Аны мантан ыла страховой биэнсийэни эрдэ аныырга Уһук хоту үлэлии уонна үөрэнэ сылдьыбыт сыллара ааҕыллыа” диэн уураахха этиллэр.
Санатан эттэххэ, уһук хоту, ону тэҥэ уһук хотугуга киирсэр сирдэр олохтоохторо биэнсийэ уопсай сааһыттан биэс сыл эрдэ тахсар бырааптаахтар. Бу иннинэ профессиональнай үөрэхтэрин сыллара хотугу ыстааска ааҕыллыбат этэ. Бу нуорманы ылыллыбыт саҥа ураах уларытта.
Докумуоҥҥа ыйылларынан, хотугу олохтоох үөрэнэр кэмигэр үлэтин миэстэтэ, хамнаһын орто кээмэйэ сотуллубатах, оттон үлэ биэрээччитэ страховой усунуоуһун төлүү сылдьыбыт буолуохтаах.
Премьер-миниистир Михаил Мишустин бигэрбэппит уурааҕа хоту олохтоох эр дьон 60, дьахталлар 55 саастарыгар биэнсийэҕэ тахсалларын мэктиэлиир.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0