Тэрийэр хамыыһыйа түмүк куоластааһынын табылыыссатын, барыллаан куоластааһын түмүктэммитин кэннэ, ыам ыйын 29-30 кк. таһаарыахтаах. Боротокуол көрүҥнэрин ахсаана, бүллүтүөн көрүҥнэрин ахсаанынан оҥоһуллар.
Куолаһы ааҕыы киэһэ ыам ыйын 28 күнүгэр саҕаланар. Бу иннинэ электроннай барыллаан куоластааһын шифрованиетын күлүүстэрэ 4 чааска араарыллан, баартыйа салайааччыларын икки ардыларыгар түҥэтиллибитэ.
Барыллаан куоластааһыҥҥа блокчейн технологиятынан Multichain бырагырааманан оҥоһуллубута. Кэтээн көрүүнү туһааннаах салааҕа үлэлиир исписэлиистэр ыыталлар. Аныгы технология көмөтүнэн, быыбар муҥутуур дьэҥкир буолуута хааччыйыллар уонна куолаһы ааҕыыга кими да туораттан кыттыһыннарар кыаҕы биэрбэт диэн тэрийээччилэр иһитиннэрдилэр. Куоластааһын түмүгүнэн, баартыйаттан чопчу кыайыылааҕынан быһаарыллыбыт чилиэннэрэ, балаҕан ыйын 10 күнүгэр буолуохтаах быыбарга туруорунуохтара. Оттон аҕыйах куолаһы ылбыт хандьыдааттар эмиэ кэлэр быыбарга кыттар бырааптаахтар эрээри, баартыйаттан тутулуга суох кыттыахтара.
Биэс күн устата ыытыллыбыт куоластааһыҥҥа Саха Сириттэн 120 тыһ.тахса киһи кыттан, билигин даҕаны дойду 55 эрэгийиэннэрин ортолоругар инники күөҥҥэ сылдьар. Ордук Эбээн-Бытантай, Уус Майа, Горнай, Усуйаана, Үөһээ Халыма, Кэбээйи, Оленек оройуоннарын олохтоохторо куоластыыллар (80%-тан үөһэ), Уус Алдан - 4585 киһи (76,1%) уонна киин куорат олохтоохторо 23 537 куолас (69,3%). Оттон саамай намыһах көрдөрүүлээх бырамыысыланнай Нерюнгри оройуона буолла, манна 9 тыһ. тахса куоластааччыларыттан, 2 тыһ. тахса (24,3%) эрэ куолас билиэтэннэ. Итини тэҥник быйыл Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллыахтаах Өймөкөөн улууһа 500 быыбардааччыларыттан, 253 киһи куолаһынан (50,6%) намыһах көрдөрүүлээх оройуоннар ахсааныгар киирдэ.
Санаттахха, баартыйа испииһэгинэн быыбарга кыттар хандьыдааттары талыыга барыта 583 хандьыдаат туруммута. Олортон Ил Түмэҥҥэ киирсэргэ – 351, оттон Дьокуускай куорат Думатыгар – 232.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0