Эксээмэни үстэн тахса төгүл туттарбатах киһиэхэ хаттаан туттарыы болдьоҕо уһуоҕа. Ол курдук, бүтэһик эксээмэн кэмиттэн 6-тан 9 ыйга диэри кэмҥэ уочараттаах тургутууну ааһыахха сөп. Бу быраабыла түөрүйэҕэ, быраактыкаҕа иккиэннэригэр сыһыаннаах. Маны таһынан, суоппар дастабырыанньатын ылар докумуоннар испииһэктэрэ чуолкайданна. Онно нотариуһунан бигэргэтиллибит атын омук тылынан суруллубут сорох докумуоннар уонна СНИЛС тылбаастара киирдилэр. Онуоха эксээмэн туттарааччы байаҥкамаат бэбиэскэтиттэн куотунар эбэтэр суоппар дастабырыанньатын оҥорорго хаартыскаҕа түһэриттэн аккаастанар буоллаҕына эксээмэҥҥэ киирэрэ эмиэ хааччахтанар. Бырабыыталыстыба итинник уурааҕа муус устар ыйга күүһүгэр киириэҕэ диэн “Парламентская газета” иһитиннэрэр.
Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ: https://www.pnp.ru/social/uklonistov-ne-dopustyat-k-ekzamenam-na-prava.html
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0