Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 2 oC

Урут тутааччылар маһы “саамай чэпчэки сыаналаах матырыйаал” диир этилэр. Оттон билигин сыаната икки-үс төгүл ыараан, үгүс киһи чааһынай дьиэни туттартан аккаастанар буолбут эбит. Ону учаастак ылыммыт сүүрбэччэ ыалтан ыйыталаһан биллим.

Урут тутааччылар маһы “саамай чэпчэки сыаналаах матырыйаал” диир этилэр. Оттон билигин сыаната икки-үс төгүл ыараан, үгүс киһи чааһынай дьиэни туттартан аккаастанар буолбут эбит. Ону учаастак ылыммыт сүүрбэччэ ыалтан ыйыталаһан биллим.

Бары даҕаны: “Сыана, баҕар, түһүө дии, ону күүтэбит. Билигин аһары халбаҥ кэм, оннун буларын кэтэспит ордук”, -- диэн хардардылар.

gV5OtC4V7shGyWObdMjL1jcrDyEoXpB4QlueQoAvf53WE15 Bk6NUzQF4sU5ekYJPnMJwYV2g6O9oSM7PiqBPwWH

Икки-үс бүк ыараабыт

--Биһиги дьиэ туттарбытыгар ороскуота 2 мөлүйүөн солкуобай кэриҥэ буолла быһыылаах. Дьиэм аҥаара бэйэм оҥорор матырыйаалым буолан, оннук таҕыста, онто суох өссө элбэх ороскуот буолуо этэ. Тутуутун эмиэ барытын бэйэбит оҥорбуппут. Бастакы кэтэх дьиэбит буолар. Бу иннинэ дьоҥҥо дьиэ тутар этим. Матырыйаал сыаната 2-3 бүк ыараабыта чахчы. Манна чэпчэтиилээх ипотека, ийэ хапытаала курдук судаарыстыба өйөбүл миэрэлэрэ көмө буолуохтарын сөп, -- диир дьиэ тутта сылдьар Александр Готовцев.

Нюргун Саввин, «Тутуу Саха» ХЭТ генеральнай дириэктэрэ:

--Биһиги, «Тутуу Саха» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ, тутар матырыйаал сыаната үрдүө диэн сэрэйэн, дьон матырыйаалы эрдэттэн ылан кэбиһэригэр сүбэлээбиппит. Сааҥсыйанан тутуу сыаната үрдүүрүн туһунан сэрэйиибит, хомойуох иһин, туолла. Бу сыл кулун тутарыгар СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко тэрийбит, онтон кэлин Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбата уонна «Союз строителей» ассоциация ыыппыт мунньахтарыгар барытыгар тэрилтэбит кыттыбыта. Онно сааҥсыйаларынан сибээстээн буолбут саамай сытыы, кириисистээх кыһалҕалар таарыллыбыттара. Бу кыһалҕалар тутуу бары эйгэлэрин биллэрдик айгыраттылар. Мунньахтарга кэлии бородууксуйа сыанатын ыарааһына, тас дойдулартан кэлэр тэрили, анал тиэхиньикэни, тутуу матырыйаалларын тиэйэн аҕалыыны хааччахтааһын, о.д.а. боппуруостар ырытыллыбыттара. Хомойуох иһин, үгүс кэлии табаары бэйэ киэнинэн солбуйар кыахпыт суох.

         2022 сыл кулун тутар 8 күнүгэр 46-с №-дээх федеральнай сокуон тахсыбыта. Бу сокуоҥҥа олоҕуран, административнай харгыстары аччатар, үп сааҥсыйаларыгар мораторийдары көҥүллүүр докумуоннар болдьохторун уһатар, кирэдьииттээһин эбии кыаҕын кэҥэтэр, тутуу тастан киирэр ресурсаларын бэйэ матырыйаалынан солбуйар,  тутар хампаанньаларга экспертизалары ыытар ирдэбиллэрин сымнатар сорук турбута. Бу федеральнай сокуон бырабыыталыстыбабыт локальнай таһымҥа, миэстэтигэр, тыҥаабыт кириисиһи утары миэрэлэри ылынарыгар кыах биэрдэ. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэбит тутууга министиэристибэтин уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын өйөбүлүнэн улуустарга үлэлиир тутааччылар сиэктэрдэрин таарыйар кириисиһи утары миэрэлэр бары ылыллыбыттара. Бу миэрэлэр өрөспүүбүлүкэбит уһук сирдэрин сайыннарыыны салгыырга көҕүлүүллэр.

         Тутуу матырыйаалын сыаната үрдүү турар, үгүс матырыйаал омук сириттэн кэлэр. Ол да буоллар, РФ Бырабыыталыстыбата бэйэбит аналогтарбыт баалларын туһунан иһитиннэрэр. Биһиги санаабытыгар, сыананы үрдэтии валюта кууруһа үрдүүрүн эбэтэр Киин баан күлүүс ыстаапката халбаҥныырын кытта туох да сибээһэ суох. Тутуу матырыйаалын, о.д.а. бородууксуйа сыанатын биллэрдик үрдэтии буолар түгэнигэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбата СӨ Монополияны утары федеральнай сулууспатын управлениетыгар биллэрэрин туһунан чуолкай позицияларын биэрбитэ. Онон биһиги атыылаһан ылааччылары сыананы тэҥнээн көрөргүтүгэр уонна оруна суох үрдэтиини биллэххитинэ, тустаах тэрилтэлэргэ үҥсэргитигэр ыҥырабыт.

        

Ороскуоту ипотека да саппат буолла

Тутар матырыйаал сыанатын ыарааһына дьиэ тутааччыларыгар харгыстары үөскэттэ. Бу туһунан «Шишкин дом» тутуу хампаанньатын салайааччыта Марина Данилова кэпсиир.

DJI 0116.00 02 05 00.Still007 1

- Биһиги тэрилтэбитигэр дьиэ тутар 10 биригээдэлээхпит. Итинтэн сэттэтэ ыалларга мас дьиэлэри тутар. Иккитэ акылаат оҥоруутунан дьарыктанар, биир биригээдэ гараастары дьэндэтэр.

 Тутууга уопсайа 56-77 киһи үлэлиир. Билиҥҥитэ Дьокуускайга уонна тулатынааҕы  бөһүөлэктэргэ, Уус Алдан уонна Мэҥэ Хаҥалас улуустарыгар дьиэ тутабыт, өссө тэнийэн иһэр соруктаахпыт. Сбербааны, АлмаасЭргиэнбааны, Азиатскай-Тихоокеанскай бааны, Россельхозбааны, Почтабааны кытта үлэлэһэбит.

2021 сылга 43 дьиэни туппуппут, оттон быйыл 60-ну тутар былааннаахпыт. Бүгүҥҥү күҥҥэ 39 дуогабар түһэрсилиннэ, олортон 13 дьиэ номнуо тутуллан бүттэ. 26 дьиэ уочаракка баар.

2020 сылга 18x18 см буруус сыаната 15000 солкуобай этэ, оттон 2021 сыл саҕаланыытыгар 17000 солкуобай буолбута. Урут сыана 2000 солкуобайынан үрдээн баран, сылы быһа уларыйбакка сылдьар буоллаҕына, 2021 сыл иһигэр биэстэ үрдээтэ. Ол курдук, тохсунньуга – 17000, олунньуга – 22000, ыам ыйыгар – 25000, алтынньыга – 29000, ахсынньыга – 30000 солкуобайга тэҥнэстэ. Оттон билигин, чопчулаатахха, 2022 сыл ыам ыйыгар 34-35 тыһ. солкуобай буолан турар (!). 15 тыһыынчаттан 35 тыһыынчаҕа диэри балтараа сыл иһигэр ыарыыра сүрдээх дии?!

 Бу иннинэ килийиэннэрбитин кытта биир суумаҕа дуогабар түһэрсээччибит. Тоҕо диэтэххэ, матырыйаал сыаната сылы быһа уларыйбатын билэр этибит.

Тутааччылар маннык балаһыанньа бүрүүкүөн сэрэйбэккэ, буруус сыанатын 17000 солкуобайынан учуоттаан дуогабардаспыттара. Ол түмүгэр билигин эрэннэрбит дьиэлэрин аҥаарын эрэ тутар кыахтаннылар. Ол иһин аны килийиэннэрин төттөрү ыҥыра, эбии төлөтөрөллөрүгэр тиийдилэр. Ону дьон араастаан ылынара чуолкай. “Дуогабарга хайдах ыйыллыбытынан буолуохтаах”, -- диэччилэр үгүстэр. Кинилэри эмиэ өйдүүбүт, тоҕо диэтэххэ, үгүстэрэ ипотеканан туттара сылдьаллар. Ол номнуо бигэргэммит уонна төлөммүт суума уларыйбат буоллаҕа дии. Бэйэлэриттэн эбиэхтэрин наада буолар.

DJI 0116.00 02 40 22.Still008 1

Сыана ыарааһына маһы эрэ буолбакка, сир учаастактарын эмиэ таарыйда. Урут куорат таһынааҕы сир учаастактара 700000-800000 солк., оттон куорат иһигэр 1200000-1300000 солкуобай буоллахтарына, билигин куорат таһыгар 1200000-1500000, куорат иһигэр 2500000-3000000 солкуобай буоллулар.

Биһиги эрбэммит матырыйаалбытын Улан-Удэттан аҕалабыт. Онно эрбэммит мас 1 кубометра 18000 солкуобайдаах. Биһиэхэ кэлиэр диэри ыарыыра чахчы -- өрүһүнэн туоратыыта, массыынанан тиэйэн аҕалыыта, кыраан үлэтэ, нолуога барыта эбиллэн, 32000 солкуобай буолар. Дьиҥэр, син биир курдук буолан тахсар.

Кириисис саҕаланыан иннинэ 6 мөлүйүөннээх Уһук Илин ипотекатынан учаастак ылан баран, 2 этээстээх дьиэни туттуохха сөп этэ. Билигин сыана үрдээн турар кэмигэр ипотека кээмэйэ оннунан хаалбыт. Онон бу 6 мөлүйүөҥҥэ 1 этээстээх дьиэ эрэ тутуллуон сөп. Холобура, 3 оҕолоох ыал 1 этээстээх 6×9 м дьиэҕэ батан олороро уустук. Ол иһин мин ипотека кээмэйин 8-9 мөлүйүөн солкуобай гыныахха эбэтэр элбэх оҕолоох ыаллар дьиэ тутталларыгар субсидия көрүөххэ наада диэн этиилээхпин. Оччоҕо эрэ дьиэҕэ наадыйар дьоммут-сэргэбит дьиэлэнэн-уоттанан олоруо этилэр. Бырабыыталыстыба өттүттэн өйөбүл, сыананы бэрээдэктээһин баара буоллар диэн баҕа санаалаахпын. Туһааннаах уорганнар бу кыһалҕалары быһаарыахтара диэн эрэнэбин.

Килийиэни угуйар-тардар туһугар

«ПЛК» мас атыылыыр хампаанньа бурууһун эбэтэр хаптаһынын ыларга 50% эрдэ төлөөтөххө, 1 кубометра 31000 солкуобайга тэҥнэһэр, оттон 100% бүтүннүү төлөөтөххө, 29000 солкуобайга ылыахха сөп эбит.

«Гедеон-строй» тутуу хампаанньатыгар икки этээстээх 9×6 дьиэни туттарыы 2 көрүҥҥэ арахсар: 1) «под ключ» – 4 мөл. 690 тыһ. солкуобай; 2) «под ключ+инженернэй коммуникация» – 5 мөл. 790 тыһ. солкуобай.

«Сэргэ» тутуу хампаанньатын килийиэннэрэ уу харчынан төлүүр буоллахтарына, 5% чэпчэтии оҥоһуллар. Ону таһынан, биир дьиэни араас сыаналаах барыйаанынан туттарыахха сөп. Холобур, 9×6 дьиэ бюджетнай барыйаана 4,2 мөл. солк., ыстандаарт 5,5 мөл. солк., премиум 6,3 мөл. солк. буолар. Бюджетнайга 15×18 буруус туһаныллар, оттон атыттарга – 18×18. Ону тэҥэ араас барыйааннар акылааттара уратылаах буолар. Түннүктэрин оҥоһуута эмиэ атын буолуон сөп. Итинник араастаһыы, ымпыга-чымпыга элбэх. Эрбэммит матырыйаал былырыын 1 кубометра 27000 солкуобайдаах этэ, оттон билигин 35000 солкуобай буолла. Инньэ гынан, 30% ыараабыт. Матырыйаалы Иркутскай уобаластан аҕалаллар.

Дьиэ туттарга туох нааданый?

Мас дьиэ туттарга туох нааданый? Бастатан туран, балачча улахан сир наада буолуо. Учаастагы сөпкө талар уонна удамыр сыанаҕа ылар – бастакы улахан ситиһии.

Дьиэни тутуу ньымата уонна тиһигэ уруккуттан улаханнык уларыйбатаҕа чахчы. Бастаан дьиэ бырайыага оҥоһуллар. Ону бэйэҕит да оҥоруоххутун эбэтэр дизайнердарга, архитектордарга былааннатыаххытын сөп. Сүрүнэ, сир ньуура учуоттаныахтаах. Тоҕо диэтэххэ, дьиэбит анна, буора хайдаҕыттан тутуубут төһө бигэ, бөҕө, үйэлээх буолара тутулуктаах.

7f9f6d406df92d0a530c5ba139821a58

Акылаат бэлэмнэммитин кэннэ, мас дьиэ конструкциятын туһунан толкуйдуохтаахпыт. Онтон дьиэ эркиннэрин, кырыыһатын тутар кэм кэлэр. Мас дьиэбит тутуутугар өссө биир суолталаах дэтээлинэн дьиэбитин баһаартан көмүскүүр аналлаах ис тэрил буолар. Гиипсэни хордуону кытта булкуйдахха, умайбат матырыйаал тахсар. Оттон дьиэ таһын күнү уонна сииги тулуйар матырыйаалынан бүрүйүөххэ наада.

Бырайыакпыт быһаарыллыбытын кэннэ, тутуубутугар киирэбит. Биир этээстээх киэҥ дьиэни тутарга элбэх бириэмэ барыаҕа. Оттон киэҥэ суох эрээри, эбии этээстээх дьиэ быдан түргэнник тутуллуоҕа.

Акылааты уонна хоруобуйаны тутар быдан уустук буолан, дьиэни тутуу бытаарар. Цокольнай этээстээх эбэтэр умуһахтаах дьиэни тутууга ордук ороскуотуруоххут. Тоҕо диэтэххэ, сири хаһыы уонна гидроизоляция үлэлэрин сыаната үрдүк.

Салгыы тутуу тэрилтэтин талыы боппуруоһа турар. Дьиэ бэйэҥ туттуоххун, олохтоох биригээдэни үлэлэтиэххин эбэтэр бөдөҥ тутуу хампаанньатын квалификациялаах хамаандатын талыаххын сөп. Сакааска үлэлиир олохтоох тутааччылары үлэлэтэр чэпчэки буолуо эрээри, сэрэхтээх. Хампаанньалар баранар харчыны, ороскуоту барытын учуоттууллар. Оттон олохтоох тутааччылара үстүрүмүөн, үлэлиир таҥаһы бэйэҥ ылар буолаҥҥын, эбии ороскуотураҕын.

Ол эрээри тутар хампаанньаларга барыларыгар итэҕэйэр эмиэ сатаммат. Холобур, араас үлэлэргэ атын-атын пиирмэлэри наймылаһыахха сөп. Ыйга 100 дьиэни тутар тэрилтэни талбатах ордук. Кинилэр түргэнник эрээри, мөлтөх хаачыстыбалаахтык үлэлиир буолуохтарын сөп. Оттон аҕыйах килийиэннээх тэрилтэ бэйэтин үчүгэй өттүттэн көрдөрөөрү, үчүгэйдик тута сатыаҕа.

Дьиэ тутан, дьэ, ис бараанын оҥостобут. Миэбэли маҕаһыынтан ылыахха, сакаастыахха сөп. Биитэр сатыыр киһи бэйэтэ оҥоруон сөп. Саамай бөҕө уонна экологияҕа куттала суох миэбэл бүтүн маһынан оҥоһуллубут буолар. Ол эрээри, сыаната даҕаны үрдүк. Арыый чэпчэкилэр ДСП, ДВП, МДФ, былаастык, металл буолаллар. Мас айылҕаттан бэриллибит ураты быһыытын-таһаатын, кинини оҥоһук хайа чааһыгар туттуохха сөбүн уус бэлиэтии көрүөхтээх. Инчэҕэй иирэ талах имигэһэ, хаппыт хатыҥ бөҕөтө, кураанах тэтиҥ мас чэпчэкитэ, сааһа бытархай буолан тостумтуота суоҕа – барыта болҕомтоҕо ылыллыахтаах. Былыр-былыргыттан уустар мас оҥоһуктарга үс ирдэбили туруораллара: оҥоһук тус олоххо туһалаах, бөҕө-таҕа, үйэлээх уонна кэрэ көстүүлээх буолуохтаах.

Сурунаал остуолун талар буоллахха, улаханын ылбыт ордук. Хос ортотугар улахан остуол турар буоллаҕына, хос көстүүтүн «дьаакыр» курдук дьүөрэлиир. Биир да улахан остуолу сөбүлүү көрбөтөх буоллаххына, икки кыра остуолу ыл. Дьиэҕэ миэбэл хайдах турарыттан, хос киэбиттэн, былааныттан көрөн, дьон холкутук,  нус-хас олорон аһыырын ситиһэр сыалтан, ону тэҥэ остуолу тардааччы мэһэйэ суох хамсанарын курдук, остуолу тула олоппостору табыгастаахтык тарҕатан туруоруохтаахпыт. Биир киһи көнөтүк хаамарыгар 60 см кэтиттээх эйгэни киэптии хамсанар. Архитектордар бу кэрчиги учуоттаан, көрүдүөрдэри, кирилиэстэри, тротуардары бырайыактыыллар.

5323210660123235d6f26

Субсидияны хайдах ылабыт?

Тыа сиригэр дьиэ тутуутун субсидиятыгар судаарыстыбаннай бырагырааманы туһаныахха сөп.

Дэриэбинэҕэ эбэтэр бөһүөлэккэ дьиэ тутуутугар субсидия икки көрүҥүн араараллар:

сыаллаах – харчы тутуу саҕаланыан иннинэ бэриллэр; толуйар – тутуу бүппүтүн кэннэ, ороскуот сорҕотун федеральнай эбэтэр эрэгийиэннээҕи бүддьүөттэн толуйаллар.

Судаарыстыба көмөтүн ким ылыан сөбүй?

саастарын сиппит дьон;Арассыыйатааҕы гражданстволаах дьон;дьиэ тутуллуохтаах нэһилиэнньэлээх пуунугар эбэтэр уобалаһыгар регистрация (прописка) наада.

Сайаапканы биэрээччи уонна кини дьиэ кэргэнигэр киирсэр дьон урут олорор дьиэ бырагырааматыгар кыттыбатах буолуохтаахтар. Ийэ хапытаалын (тутуу субсидиятын ыларга мэһэйдээбэт) ылыыга эрэ бу ирдэбилтэн туоруохха сөп.

Маны таһынан эбии ирдэбиллэр бааллар:

Дьиэ тутуллар нэһилиэнньэлээх пууна субсидияны төлүүр эрэгийиэҥҥэ баар буолуохтаах;дьиэ хаһаайына буолуохтаах киһи бырагыраама үлэтэ саҕаламмытын кэнниттэн бигэргэммит тутууга көҥүллээх буолуохтаах;бас билиитигэр ИЖС-ка эбэтэр уһаайбатааҕы хаһаайыстыбаны көрүүгэ анаммыт сир учаастага баар буолуохтаах;дьиэ бырайыага СНиП-тэргэ уонна санитрнай регламеннарга эппиэттиир буолуохтаах;дьиэ уопсай иэнэ эрдэ бигэргэммит кээмэйиттэн улахан эбэтэр кыра буолуо суохтаах (ыстандаарт 150 кв.м. буолааччы).

Дьиэ кэргэнтэн биир эрэ киһи субсидия ыларга сайаапка биэриэн сөп. Харчы биир эрэ дьиэни тутарга бэриллэр.

Төһөнү толуйалларый?

Төлөнөр харчы кээмэйэ элбэх төрүөттэн тутулуктаах. Үксүгэр тутуу 10-тан 70%-гар диэри толуйуллар.

Ханна тиийиэххэ уонна төһө өр күүтүөххэ?

Улуус эбэтэр нэһилиэк дьаһалтатыгар олорор дьиэ хамыыһыйатыгар тиийэҕит. Сайаапка 30 күн көрүллэр. Өскөтүн сайаапканы биэрээччи ирдэбили барытын толордоҕуна, кинини учуокка туруораллар уонна дааннайдарын олорор дьиэ департаменыгар биэрэллэр.

Туох докумуон нааданый?

дьиэ кэргэҥҥэ баар дьон барыларын пааспардара (пааспар сирэйин барытын, суруга суоҕун эмиэ куоппуйаланыахтаах);оҕо төрөөбүтүн туһунан туоһу сурук (куоппуйа);дьиэ кинигэтиттэн ыспыраапка (куоппуйа);сири бас билии туһунан туоһу сурук (куоппуйа);тутууга сөбүлэҥ (куоппуйа);анаан үлэлиир тэрилтэлэр оҥорбут дьиэҕэ техническэй документациялара -- бырайыак (хас биирдии этээһин былаана), тутуу ханан баар буоларын ыйар учаастак схемата, техническэй былаан, матырыйаалы ылыыга смета.

Отчуоттуохха наада

субсидия түспүтүн кэннэ, 30 күн иһигэр тутуу ороскуотун төлөбүр поручениетын, оттон 90 хонон баран, тутуллубут дьиэ кадастровай пааспарын тиксэриэххэ наада. Ол аата барытын хойутаппакка кэмигэр бэриллиэхтээх.компенсацияны ылан баран, 60 күн иһигэр подрядчигы кытары түһэрсиллибит дуогабары (куоппуйаны) уонна киниттэн төлөбүр докумуонун аҕалан биэриэххэ наада.

 

Эрэнэбит...

Экэнэмиистэр этэллэринэн, эрбэммит матырыйаал сыаната бу сайын түһүөхтээх. Ол гынан баран, дьиэлэр сыаналара түспэт. Тоҕо диэтэххэ, тутуу атын матырыйааллара өссө да ыарыы тураллар. Ол курдук, сиэмэн сыаната үрдүү турар буолан, сиэмэн акылааттаах дьиэлэр сыаналара оннунан хаалыаҕа. Оттон сиэмэнэ суох мас дьиэлэр сыаналара син биир түспэт. Тоҕо диэтэр, килиэй, араас мэхэньиисимнэр, тэриллэр сыаналара салгыы улаата турар. Онон дьиэ сыаната уларыйбат, биир таһымҥа турар. Дьиэ чэпчииригэр мастан ураты атын матырыйаал сыаната эмиэ чэпчиэхтээх.

Этэргэ дылы, “Оннооҕор кутуйах уйалаах”. Онон бар дьоммут, дьиэ-уот тэринэн, дьоллоохтук олороллорун туһугар былаас уорганнарын уонна атыыһыттар өттүлэриттэн сөптөөх быһаарыныылар ылыллыахтара диэн эрэнэбит.

Кэтэх дьиэни тутууга болҕомто күүһүрүөҕэ

Ил Түмэн тутууга, энэргиэтикэҕэ уонна ОДьКХ-ҕа сис кэмитиэтин  бэрэссэдээтэлэ Яков Ефимов:

-Ааспыт сылга элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри чөлүгэр түһэрэр үлэни тэрийиигэ, суобаһа суох тутааччылартан эмсэҕэлээбит дьоҥҥо судаарыстыба өттүттэн миэрэ көрүллүүтүгэр, эниэргэтиичэскэй көдьүүс күүһүрүүтүгэр, хаарбах туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүүгэ барар үлэ харгыстарын туоратыыга, о.д.а. сокуоннарга көннөрүүлэри киллэриигэ үлэлэстибит. 

Мантан сүрүннэригэр тохтоотоххо, «О Фонде содействия реформированию жилищно-коммунального хозяйства» федеральнай сокуон 16-с уонна 19.1 ыстатыйаларыгар уларытыылары киллэрэргэ туһуламмыт федеральнай сокуон барыла Госдумаҕа киллэриигэ бэлэмнэммитэ. Ол курдук, 16-с уонна 19-с ыстатыйаларга, чуолаан эттэххэ, саахалланар уонна хаарбах туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүүгэ туһуламмыт сокуон нуормаларыгар «чааһынай дьиэлэри тутуу уонна атыылаһыы» диэн балаһыанньаны эбии киллэрэргэ үлэлэстибит. Тустаах бырагыраама чэрчитинэн, элбэх кыбартыыралаах эрэ дьиэлэр тутуллаллара нэһилиэктэргэ экэнэмиичэскэй өттүнэн тоҕооһо суох. 

Манна даҕатан эттэххэ, 2019-2025 сылларга хаарбах туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүү өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраамата улахан нэһилиэнньэлээх пууннарга, куораттарга тэтимнээхтик бара турар эбит буоллаҕына, ыраах сытар кыра нэһилиэктэргэ тутуу тэтимэ мөлтөх. Тоҕо диэтэргит, суола-ииһэ уустуга, бырайыактыыр-симиэтэлиир үлэни ыытыы ороскуота, экспертизатын аһардыы уустуга, тутуу биригээдэлэрэ, анал тиэхиньикэ, сөптөөх матырыйаал суоҕа, элбэх кыбартыыралаах дьиэни тутуу ночоото үрдүгэ улахан харгыстары үөскэтэр. Дьон тыа сиригэр элбэх кыбартыыралаах дьиэ тутуутун улаханнык сэҥээрбэттэр. Тыа киһитэ туһунан уһаайбалаах чааһынай дьиэҕэ олоруон баҕарар. Инньэ гынан, бырагыраама харчытынан кини чааһынай дьиэ атыылаһарыгар эбэтэр туттарыгар быраабы биэрэр сокуоҥҥа тустаах уларыйыылар киирэллэрин ситиһэр сыалтан ити үлэни ыыппыппыт түмүктээх буолла. Ааспыт 2021сыл бүтүүтэ, ахсынньы 30 күнүгэр, Госдума бу киллэрбит уларытыыларбытын ылынна.

Кэмитиэт оҥорбут федеральнай сокуонун барыла бу харгыстары туоратан, хаарбах туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүүгэ барар үлэ хайысхаларын (мэхэньиисимнэрин) кэҥэтиигэ туһуланан оҥоһуллубута. Ол эбэтэр бу сокуоҥҥа уларытыы киллэрэммит, ыраах сытар уустук суоллаах-иистээх кыра нэһилиэктэргэ тутарга бэлэм гына собуот конструкциятынан оҥоһуллубут чааһынай дьиэ кэмпилиэктэринэн хааччыйыахпыт.

Иккиһинэн, дьиэ бырайыактааһынын ити пуонда харчытыттан көрөргө этии киллэрбиппит. Урут тутуутугар эрэ көрүллэр этэ. Билигин бырайыак харчытын пуонда үбүлээһинигэр киллэрэр гына туруорустубут. 

Үсүһүнэн, сокуоҥҥа хааччахтааһын баарынан сибээстээн, 19-с ыстатыйаҕа өссө биир уларыйыы киириэхтээх. Эрэгийиэннэргэ хомунаалынай инфраструктура сайдыытыгар 1 млрд солкуобайга эрэ диэри үбүлээһин көрүллэр, ол хааччаҕы устар гына Ил Түмэн туруорсар. Ити бырагыраама чэрчитинэн, 1 млрд. солкуобайы өрөспүүбүлүкэ федеральнай пуондаттан ыла олорор, онтон салгыы ити бырагырааманан федеральнай пуонданы кытта үлэлэһэрбитигэр хааччах суох буоларын ситиһэргэ дьулуһабыт.

Дойду үрдүнэн чааһынай дьиэ тутуутун көҕүлүүр тэрээһиннэр, анал бырагыраамалар киирэннэр үлэлээн эрэллэр. Онон инники өттүгэр бу хамсааһын киэҥник барар чинчилээх. Үөрүүлээҕэ, бу хамсааһыны Владимир Путин тус хонтуруолугар ылла. Онон чааһынай дьиэ (ИЖС) тутуутун өйүүр сыалтан чэпчэтиилээх кирэдьииттэри биэрэн эрэллэр. Бу хамсааһыны көҕүлүүргэ улуустар, нэһилиэктэр баһылыктара, уһаайбалаах дьиэ тутуута  бүгүҥҥү күҥҥэ ордук кэскиллээх буолбутун өйдөөн, манна сөптөөх сирдэрин-уоттарын эрдэттэн тыыран, саҥа түөлбэлэринэн (кыбартаалларынан) тутууну генеральнай былааннарыгар киллэрэн, үлэни сүрүннүүллэрэ наада.

Саха киһитэ уһаайбалаах, сирдээх-уоттаах олорорун ордорор ураты уйулҕалаах. Билигин туһунан дьиэлэнэн олоруу ордугун бу хамсык ыарыыта тарҕаныытын  кэмигэр дьон-сэргэ ордук өйдөөн эрэллэр дии саныыбын.

Тыа сирин сайыннарыы бэлиитикэтэ судаарыстыба таһымыгар тахсан, өйөбүлү ылан, салгыы кэҥээн иһиэҕэ диэн бүк эрэнэбин уонна бу хайысханан чааһынай дьиэ тутуутун өйүүр үлэбитин салгыы ыытыахпыт.

  • 2
  • 0
  • 0
  • 0
  • 1
  • 1

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением