Ил Түмэн төрүт олохтоох, аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар боппуруостарыгар уонна Аартыка дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева Аартыка күнүнэн эҕэрдэлээтэ уонна «өтүйэ тоҥсуйара, эрбии тыаһыыра иһиллибэт, тутуу ыытыллыбат буоллаҕына, бу сиргэ олох тохтуур»диэн этэн туран, төгүрүк остуолу иилээн-саҕалаан ыытта.
Сүрүн иһитиннэриилэри тутуу миниистирин бастакы солбуйааччы Евгений Афанасьев, Аартыка сайдыытыгар уонна хотугу норуоттар дьыалаларын миниистирэ Владимир Черноградскай, тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирэ Артем Александров оҥордулар.
Аартыка улуустарыгар 2019-2025 сс. хаарбах туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүү өрөсЧпүүбүлүкэтээҕи бырагыраамата 2020 сылтан үлэлиир. Бырагыраамаҕа 2017 с. тохсунньу 1 күнүгэр диэри хаарбах туруктааҕынан биллэриллибит элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр хапсаллар. Аартыка сорох улуустарыгар чааһынай дьиэ олорор дьиэ уопсай пуондатын 67 %-ын, уопсай дьиэлэр 31 %-ын ылаллар. Бу улуустарга дьиэлэр хаарбах туруктаахтарын быһаарар анал тэрилтэлэр суохтар, ол иһин кинилэр туруктарын быһаарар инвентаризация хаһан да ыытыллыбатаҕа, инникитин ыытыллара былааннаммат.
Аартыка бары улуустарыгар саҥа тутуллар дьиэ ырыынага суох. Маныаха тутуу матырыйаала хас эмит бүк ыарахан сыаналааҕа, дьиэлэри тутуу уонна матырыйааллары таһыы кылгас болдьохтоох кэмҥэ ыытыллара, тырааныспар ороскуота үрдүгэ, нэһилиэнньэ дохуота намыһаҕа, үлэтэ суох буолуу элбэҕэ уо.д.а. сүрүн харгыстар бааллар.
Хаарбах туруктаах дьиэлэр
Олорор дьиэ-уот сүрүннээн улуустар кииннэригэр эрэ атыыланар-атыылаһыллар, ол да ахсаана аҕыйах. Хаарбах туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүү бырагыраамата олоххо киириэҕиттэн, дьиэни бас билээччилэр харчынан толуйар төлөбүрү эбэтэр хаарбах туруктаах дьиэлэрин оннугар атын дьиэни (атын сиргэ да буолуон сөп) ылар кыахтаммыттара.
Дьиэни атыылаһыы өссө биир сүрүн кыһалҕатынан нэһилиэнньэ кирэдьиит биэрэр тэрилтэлэр өҥөлөрүнэн (ипотеканан) туһанар кыаҕа суоҕар сытар. Тоҕо диэтэр, Аартыка улуустарыгар, нэһилиэнньэ ахсаана аҕыйаҕынан уонна ороскуот үрдүгүнэн, кирэдьиит биэрэр бааннар суохтар. Аартыканы каадырынан хааччыйар уонна исписэлиистэргэ дьиэни атыылаһарга субсидиянан көмөлөһөр соруктаах «Земскэй дуоктар», «Аартыка учуутала» бырагыраамалар түмүктэрэ көдьүүһэ суох. Бааннар ирдэбиллэригэр эппиэттиир саҥа тутуулаах дьиэлэр улуустарга суохтар, ол түмүгэр дьон ылар субсидияларын Аартыкаҕа буолбакка киин улуустарга, сүрүннээн Дьокуускайга, дьиэни атыылаһарга туһаналлар.
«Тыа сирин кэлим сайдыыта» СӨ судаарыстыбаннай бырагырааматын чэрчитинэн, олохтоохторго дьиэни туттарга (атыылаһарга) социальнай төлөбүр көрүллэр. 2023 с. 64,3 мөл. солк суумалаах социальнай төлөбүрүнэн 36 киһи туһаммыт, 1403 кв.м. иэннээх дьиэ тутуллубут. Ол иһигэр, Аартыка улуустарыттан: Булуҥтан 2 киһи, Эдьигээнтэн – 2, Өлөөнтөн – 3, Орто Халыматтан – 1 киһи туһаммыт. Маннык социальнай төлөбүрү тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир дьон бастакынан ылыахтара.
2019 с. диэри федеральнай үптэн 300-400 мөл. солк. дьиэни туттарга (ыларга) социальнай төлөбүр көрүллэрэ. 2024 сылга 4779,5 тыһ. солк. көрүлүннэ, ол иһигэр 4731,7 тыһ. солк. федеральнай үптэн, 47,8 тыһ. өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн. Бүгүҥҥү туругунан, бырагыраама социальнай төлөбүрэ толору үлэлээбэт, тоҕо диэтэр кинини чэпчэтиилээх ипотекалар (тыа сирин, Уһук Илин ипотекалара) солбуйдулар. СӨ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ РФ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытта дьиэни туттарга (атыылаһарга) социальнай төлөбүр көрүллүүтүн сөргүтэргэ үлэлэһэллэр эрээри, билиҥҥитэ кыалла илик. Ол иһин өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ «Саха Сирин тыатын кэлим сайдыытын туһунан» сокуону ылынары тоҕоостооҕунан ааҕар. Бу сокуон чааһынай дьиэни туттарга (атыылаһарга), ол иһигэр социальнай эбийиэктэри тутарга социальнай төлөбүрү көрүүнү сүрүннүө этэ.
Аартыка улуустарыгар дьиэ пуондатын туругун ырытыы көрдөрөрүнэн сабаҕалаатахха, бырагырааманы олоххо киллэрии түмүгэр 2025 сылга, быһа холоон, хаарбах дьиэ 1/5-э эрэ туоратыллыа (155,6 тыһ. кв.м.). Бу, биллэн туран, Арассыыйа орто көрдөрүүтүгэр тиийбэт. 2025 сылга 1960-1995 сс. тутуллубут элбэх кыбартыыралаах мас дьиэлэр, эргэрэн, улаханнык айгыраабыттарын уонна хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыбатын учуоттаатахха, бары даҕаны хаарбах туруктааҕынан билиниллэр кыахтаахтар. Ол курдук, Аартыка кэккэ улуустарыгар хаарбах туруктаах дьиэ ахсаана 1,5-2,5 төгүл, о.э. 65 % үрдүөн сөп.
Үөрэх систиэмэтин кыһалҕалара
Аартыка улуустарыгар үөрэх систиэмэтин дьиэлэрэ-уоттара эргэриитин кыһалҕата сытыытык турар. Барыта 76 уһуйаан, 117 оскуола, 39 эбии үөрэх тэрилтэтэ, 21 агрооскуола, 7 көс оскуола үлэлииллэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ 1970-1980 сс. тутуллубут 55 оскуола хаарбах туруктаах. Олор истэригэр 6 улуус 12 (22%) оскуолата киинтэн ыраах сытар нэһилиэктэргэ бааллар.
2018-2023 сс. Аартыка улуустарыгар 13 үөрэх тэрилтэтэ тутулунна. Ол иһигэр аҕыс оскуола (Өймөкөөн улууһун Томторугар, Булуҥ Күһүүрүгэр, Абыйга, Өлөөн Харыйалааҕар, Орто Халыма Арҕахтааҕар, Эдьигээн Кыстатыамыгар (оскуола - уһуйаан), Аллайыаха Чокуурдааҕар, Эбээн Бытантай Баатаҕай Алыытыгар) уонна 5 уһуйаан (Өймөкөөҥҥө, Эдьигээҥҥэ, Дьилиндэҕэ, Чиэрскэйгэ, Налимскайга).
Быйыл инвестиционнай бырагыраама чэрчитинэн 3 үөрэх тэрилтэтин тутууга үбүлээһин көрүлүннэ. Ол курдук, 2024 с.– Дьааҥы Сайдыытыгар (169,54 мөл.), 2025 с. – Орто Халыма Сыбаатайыгар (122,613 мөл. солк.) уонна 2026 с. Абый Үрүҥ Хайатыгар гимназияҕа сыһыары тутуу үлэҕэ киириэхтээхтэр.
2022 с. хапытаалынай өрөмүөҥҥэ 431,75 мөл. суумалаах федеральнай субсидия 9 улуус 11 үөрэх тэрилтэтигэр көрүллүбүтэ. Бу өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын өрөмүөнүгэр көрүллүбүт уопсай үбүлээһин 19 %-на. 2023 с. хапытаалынай өрөмүөн субсидиятыгар Аартыка 15 үөрэҕин тэрилтэтэ хапсыбыта (26,3%).
Социальнай эбийиэктэри тутуу элбэх үбүлээһини эрэйэр. Бу улуустарга уустук климаттаахтарынан уонна киин сиртэн ыраах сыталларынан, суол-иис, таһыы-тиэрдии сайдыыта мөлтөх. Ол иһин тутуу матырыйаалларын, туттар тэриллэри тиэрдэр, үлэһиттэринэн хааччыйар кыһалҕа олус сытыытык турар. Бэдэрээтчиктэри булан, социальнай эбийиэктэри тутууга уонна хапытаалынай өрөмүөннэри оҥорорго хантараактары түһэрсии эмиэ кэккэ ыарахаттардаах.
Онон Аартыкаҕа олох-дьаһах таһымын Арассыыйа орто көрдөрүүтүгэр тириэрдэр туһунан судаарыстыба баһылыгын уурааҕын толорор сыалтан, эбийиэк бары көрүҥүн тутуутугар эбии дьаһаллар наадалар.
Төгүрүк остуол тугунан түмүктэннэ?
Норуот дьокутааттара уонна төгүрүк остуол кыттыылаахтара дакылаатчыктарга чопчулуур ыйытыылары биэрдилэр, кэккэ этиилэри киллэрдилэр. Ол курдук, Елена Голомарева, Иван Данилов Аартыкаҕа тутуу тэтимэ бытаанын бэлиэтээннэр, тустаах бырагыраамалар чэрчилэринэн, бу улуустарга тутууга сыһыаны тосту уларытарга уонна көрүллэр үп-харчы кээмэйин улаатыннарарга, Андрей Находкин Аартыкаҕа тутууну сайыннарарга анал бырагырааманы оҥорорго, Антонина Григорьева көс лааҕырдар базаларын тупсарарга эттилэр. Маны таһынан, хотугу собуоһунан ыытыллар таһаҕас кэрискэтигэр тутуу матырыйаалларын киллэриини уонна ону нэһилиэктэргэ тиэрдии ороскуотун ипотекаҕа киллэрии боппуруоһун үөрэтэргэ эттилэр.
Антонина НЕУСТРОЕВА
1 хаартыска Ил Тумэн саайтыттан,
2-3 хаартыскалар куйаар ситимиттэн
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0