Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -22 oC

Сахабыт Сирин күөх быйаҥ кэһиилээх, сиэдэрэй сибэкки бэлэхтээх, дьырылас күөрэгэй ырыалаах самаан сайына эргилиннэ. Ону кытта күлүк түспэт сырдык сыдьаайдаах Бибилитиэкэ күнэ бэлиэтэнэр.

Сахабыт Сирин күөх быйаҥ кэһиилээх, сиэдэрэй сибэкки бэлэхтээх, дьырылас күөрэгэй ырыалаах самаан сайына эргилиннэ. Ону кытта күлүк түспэт сырдык сыдьаайдаах Бибилитиэкэ күнэ бэлиэтэнэр.

 Маннык күҥҥэ Сунтаар улууһун Күүкэй нэһилиэгэр билии биһигин үтүөкэннээх үлэһиттэрэ Мотрена Ивановна Алексеева уонна Нюргуяна Прокопьевна Львова тустарынан кэпсиэхпин баҕарабын.

Үйэ чиэппэрэ ааҕарга көҕүлээн

1949 сыллаахха Күүкэйгэ ааҕар дьиэ аһыллыаҕыттан бэйэлэрин кэмнэригэр сайаҕас бибилэтиэкэрдэр үлэлээн ааспыттара. Олортон саамай уһуннук Мотрена Ивановна Алексеева үлэлээбитэ -- 1969 сылтан үйэ чиэппэрэ.

Алексеева Мотрена Ивановна

 Күүкэй олохтоохторо ыраах тыйыс тымныылаах Булуҥ улууһугар төрөөбүт, таалар налыы хонуулаах талыы Таатта сириттэн удьуордаах бибилэтиэкэр Мотрена Ивановнабытын оҕолуун-уруулуун олус ытыктыыр киһибит этэ. Кини оҕону кытта оҕо, кырдьаҕаһы кытта кырдьаҕас, эдэри кытта эдэр буолар ураты майгылааҕа. Ылыммыт үлэтигэр олус бэриниилээҕэ, ыаллыы олорор Кутана нэһилиэгиттэн Күүкэйгэ, уунан да үлэлээтэр, кыра оҕолоруттан тутуллубакка, үлэ күнүн көтүппэккэ, мэлдьи бибилэтиэкэтин аана аһаҕас буолара.

АМИ3

 Билии, үөрэх – бараммат баай -- кинигэттэн ылылларын туһунан оҕоҕо, эдэр дьоӊӊо сөптөөх өйдөбүлү биэрэрэ, ону кини үлэтин араас хайысхатынан сатабыллаахтык киллэрэрэ. Ордук араас тематическай, литературнай чаастары, кэрэхсэнэр курдук, өйгө-санааҕа хаалардыы оӊороро.

Үлэлиирин устатыгар элбэх бастыӊ ааҕааччылардааҕа. Бибилэтиэкэ уурбут-туппут курдук бары ирдэбилин тутуһуннаран, ааҕар эйгэни толору олохтуура, ааҕааччыга хас биирдии кинигэ кылаат, өй-санаа, билии төрүтэ буоларын бигэтик өйдөтөрө.

Алнексеева5а

Маны таһынан уопсастыбаннай үлэттэн туора турбат улахан актыбыыс, пропагандист, табаарыстыы суут чилиэнэ, дьахтар сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ этэ. Күүкэй көрө-нара, кэнсиэрэ-оонньуута кини кыттыыта, салайыыта суох сатаммата. Мотрена Ивановна ханнык баҕарар түгэӊӊэ, тус үлэтигэр да, уопсай үлэҕэ да, сүрдээх ылыннарыылаах, лоп бааччы тыллааҕа.

 Билигин даҕаны бибилэтиэкэ сыдьаайар сырдыга кини олоҕун кытта ыкса сибээстээх. Инникини киэӊник көрөн, Мотрена Ивановна сүрэҕин ууран үлэлээбит үлэтигэр эдэр киһини Нюргуяна Прокопьевнаны туйах хатарааччынан хаалларбыта.

Айымньылаахтык үлэлиир

Билиӊӊи кэмӊэ бибилэтиэкэ -- киэӊ информационнай киин. Манна анал идэлээх бибилэтиэкэр үлэлиирэ ордук таһаарыылаах.

2001 сылтан Нюргуяна Прокопьевна Львова, төрүт култуура уонна бибилэтиэкэр идэлэрин тэӊӊэ тутан, айымньылаахтык үлэлиир. Аныгы кэм сиэрин тутуһан, араас бырайыактарга кыттыһан, элбэх ааҕааччыны түмэ тардар.

Львова

Ааҕыы абылаӊа алын кылаас оҕотуттан саҕаланарын таба тайанан, үгүс үлэтэ бу саастаахтарга туһуланар, кылаас салайааччыларын, оскуола бибилэтиэкэтин кытта ыкса сибээһи олохтуур. Кини ыытар тэрээһинигэр аналлаах бэсиэдэтэ киэӊ, дириӊ ис хоһоонноох. Уу сахалыы хомоҕой, ыраас уус-уран тылынан ыытара истээччини сэҥээрдэр, бэйэтигэр уратытык тардар күүстүүр.

WhatsApp Image 2022 05 23 at 09.08.38

Нюргуяна Прокопьевна үөрэнээччилэри төрөөбүт дойдуну таптыырга, патриотическай тыыӊӊа иитэргэ болҕомтотун уурар. Ол курдук, нэһилиэк историятын үөрэтэргэ бөлөҕүнэн оҕолору тардар, анал литератураны туһанарга үөрэтэр. Төрөөбүт сир кэрэ көстүүтүн кэрэхсииргэ дьыл араас кэмнэригэр суруйааччы хоһуйуутун тэӊнээн көрөр сыаллаах экскурсиялары оӊорор уонна хаартысканан дьүһүйүүлэри дьүөрэлээн туттар. Ааҕааччы бары араӊатыгар кэм-кэрдии бэлиэ күннэригэр сөп түбэһиннэрэн, онлайн биктэриинэлэри ыытан, бэйэ билиитин тургутарга, хаӊатарга сыаллыыр.

WhatsApp Image 2022 05 23 at 09.07.43

 Бибилитиэкэ -- оҕо-аймах тоҕуоруһар сирэ, кинигэ олоххо сирдиир суолдьутун туоһута. Сунтаардааҕы киин бибилэтиэкэни кытта бииргэ үлэлиир буолан, кинилэр оӊорор өӊөлөрүн тэӊӊэ толорсор. Холобур, библиографическай ыспыраапкалары бэлэмниир, төрүччүнү булуу курдуктарга хайысха биэрэр. “Кюкяйский наслег в печати” библиографическай ыйынньык оӊоһулла сылдьар.

 Күүкэй Эбэ айар талааннаахтарын  “Иэйии абылаӊа” түмсүүтүн түмэр салайааччы. Е.К. Львова-Долгууна үс, И.С. Голокова-Ис Бэлэх Хотун Хаан, Н.Д. Алексеев уонна В.А. Прокопьев айымньыларын  хомуйан, кинигэ гынан күн сирин көрдөрдө.

Львова5а

Иэйии абылана тумсуу

Бу соторутааҕыта Е.К. Львова-Долгууна хоһоонноругар айыллыбыт ырыаларынан “Көттөрбүөн ыӊырар алыпка” диэн истиӊ кэнсиэри тэрийдэ. Сэрии бэтэрээннэрин үйэтитиигэ нэһилиэгинэн бырайыакка сүрүннүүр киһибит, араас альбомнары, истиэдэлэри, слайданы оӊорон, дьон биһирэбилин ылар.

Нэһилиэккэ сырдыгы саҕааччы дьонтон биирдэстэрэ Нюргуяна Прокопьевна Львова тус эрэ үлэтинэн муӊурдаммат, кини нэһилиэк сэбиэтин дьокутаата, “Биир ньыгыл  Арассыыйа” баартыйа, “Арассыыйа ийэлэрэ” хамсааһын чилиэнэ, “Күн кэрэли” үӊкүү ансаабылын, “Бэйэ дьоно”, “Кубулҕаттаах хотуттар” мини-тыйаатырдар кыттыылааҕа, оскуола төрөппүтүн кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ.

WhatsApp Image 2022 05 23 at 09.14.37

Нюргуяна Прокопьевна үлэтин үрдүк ситиһиитин маннык наҕараадалара туоһулууллар: Сунтаар улууһун баһылыгын, дьокутааттарын, Национальнай бибилэтиэкэ Бочуоттаах грамоталара, “Күүкэй нэһилиэгин сайдыытыгар кылаатын иһин”, “СӨ култууратын туйгуна” бэлиэлэр.

Ааҕар балаҕантан саҕалаан, библиотечнай-информационнай кииӊӊэ тиийэ сайдан, бииртэн биир үтүө үлэһит бибилитиэкэр дьонноохпутунан киэн тутта сэһэргиибит.

Ксения Саввинова,

оскуола бибилитиэкэрэ,

Күүкэй, Сунтаар

  • 12
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Архитектор Новой Якутии

Десятилетие деятельности Михаила Николаева на посту Первого Президента Республики Саха…
13.11.24 14:44