Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -29 oC

Сэтинньи 9 күнүгэр саха судаарыстыбаннаһын төрүттэспит, биллиилээх судаарыстыбаннай-бэлитиичэскэй үлэһит Степан Аржаков (1899 – 1942) төрөөбүтэ 125 сыла бэлиэтэнэр. Сири оҥоруу наркомунан Степан Максимович 1932 -- 1937 сс. үлэлээбитэ. Бу иккис биэс сыллаах былаанынан үлэ, тыа хаһаайыстыбата холбоһуктааһын тиһигэр киллэриллэн, бородууксуйаны оҥорон таһаарыыга уонна туттарыыга судаарыстыба сорудаҕа түһэриллибит эппиэттээх түһүмэҕэ этэ.

Сэтинньи 9 күнүгэр саха судаарыстыбаннаһын төрүттэспит, биллиилээх судаарыстыбаннай-бэлитиичэскэй үлэһит Степан Аржаков (1899 – 1942) төрөөбүтэ 125 сыла бэлиэтэнэр. Сири оҥоруу наркомунан Степан Максимович 1932 -- 1937 сс. үлэлээбитэ. Бу иккис биэс сыллаах былаанынан үлэ, тыа хаһаайыстыбата холбоһуктааһын тиһигэр киллэриллэн, бородууксуйаны оҥорон таһаарыыга уонна туттарыыга судаарыстыба сорудаҕа түһэриллибит эппиэттээх түһүмэҕэ этэ.

Каадырдары бэлэмнээһин

Степан Аржаков наркомунан ананаат, араас сүһүөх салайар үлэһиттэри уонна исписэлиистэри холкуостаахтар бэйэлэрин ортолоруттан үүннэрэр соругу туруорбута. Онон кылгас болдьохтоох куурустар тэриллэн, бастыҥ үлэһиттэртэн, эдэр ыччаттартан сүүмэрдээн тустаах идэлэргэ үөрэттэрии күүскэ ыытыллыбыта. Докумуоннартан көрдөххө, 1933-1937 сс. оҕуруотчуттар уонна хонуу биригэдьиирдэрин куурустарыгар 2186 киһи, ынах сүөһү, сылгы, сибиинньэ пиэрмэлэрин үлэһиттэрин, сэбиэдиссэйдэрин, биригэдьиирдэрин, бэтэринээр саньытаардарын куурустарыгар 3344 киһи, тырахтарыыстар, суоппардар, МТС мэхээнньиктэрин куурустарыгар 1088 киһи, суоччуттар, бэрэссэдээтэллэр куурустарыгар 2667 киһи, землеустроителлэр куурустарыгар 154 киһи үөрэммит. (Коллективизация сельского хозяйства Якутской АССР (1928–1940 гг.). – Якутск, 1978 г., стр. 217).

С_А_-_курсы.jpeg

Куурустар Дьокуускайга эрэ буолбакка, оройуоннарынан эмиэ тэриллибиттэр. Холобур, Сунтаарга суоччуттар, биригэдьиирдэр куурустара саҕаламмытын, онно оройуон холкуостарыттан 30 киһи үөрэнэ сылдьарын туһунан Попов диэн ааптар суруйбута «Социалистическая Якутия» хаһыакка 1935 с. муус устар 2 күнүгэр тахсыбыт.

Анал орто үөрэхтээх исписэлиистэри бэлэмнээһиҥҥэ Тыа хаһаайыстыбатын техникума, 1934 с. аһыллыбыт Мэхэньисээтэрдэр уонна биригэдьиирдэр оскуолалара төһүү буолбуттара. 1938 с. өрөспүүбүлүкэ холкуостарыгар анал орто үөрэхтээх 74 бэтэринээр, 87 зоотехник, 105 агроном, 95 землеустроитель баар эбит.

Анастасия_Романвона_аммосова.jpeg

Тимирязевканы бүтэрэн

Наркомат ыччаттары соҕуруу ыытан эмиэ үөрэттэрбитэ. Олортон биирдэстэрэ Уус Алдан Курбуһаҕыттан төрүттээх Анастасия Аммосова (1911--1986) буолар. Тыа хаһаайыстыбатын техникумугар үөрэнэ сылдьан, 1932 с. үрдүк үөрэххэ киирэргэ бэлэмниир кууруска ылыллыбыт кыыс салгыы Москубаҕа, Тимирязев аатынан тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар үөрэнэн, 1938 с. учуонай-зоотехник дипломнаах кэлбит. Уус Алдаҥҥа, холкуос каадырдарын идэлэрин үрдэтэр оскуолаҕа, Сүөһү иитиитин ыстаансыйатыгар, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр, ТХНЧИ-гэ үлэлээбитэ. Кини тэрийбит племенной пиэрмэлэриттэн өрөспүүбүлүкэҕэ холобур буолбут бастыҥ ыанньыксыттар, ол иһигэр Үлэ Дьоруойа Елизавета Бурцева, үүнэн тахсыбыттара.

Анастасия Аммосова «Бочуот знага» уордьанынан наҕараадаламмыта, РСФСР, Саха АССР үтүөлээх үтүөлээх зоотехнига буолбута. Саха АССР II, III, IV ыҥырыылардаах Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатынан талыллыбыта, икки ыҥырыыга (1948-1959) Үрдүкү Сэбиэт Бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ.

Дьиҥинэн наркомат Тимирязевкаҕа биир эрэ ыччаты ыыппатаҕа чахчы. Холобур, Өймөкөөҥҥө хомсомуол райкомугар үлэлээбит, Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх Дмитрий Сосин ити академия үһүс кууруһугар үөрэнэ сылдьан, сэллик буолан кэлэн, сэрии иннигэр өлбүтэ биллэр.

1932 с. үүтү-эт соҕотуопкатын сүрүннүүр «Заготскот» тэрилтэ, 1933 с. үүт собуота, 1935 с. ипподром, 1936 с. сиэмэ лабораторията, 1937 с. сүөһү иитиитин уонна силиэксийэтин ыстаансыйата, халбаһы сыаҕа аһыллыбыттара.

Ст_Аржаков_--_Певзняк_приемугар.jpeg

Бастыҥнары көҕүлээһин

Холкуостарга күннээҕи үлэ-хамнас тиһигин сүрүннүүр алын уонна орто сүһүөх исписэлиистэр, салайааччылар ахсааннара сыыйа элбээн, илии үлэтин солбуйар тиэхиньикэ кэлэн, сыллата үлэ көрдөрүүтэ тупсан испитэ. Ол тэҥинэн күрэхтэһиилэри, бастыҥнар сүлүөттэрин, уопут атастаһыыларын тэрийии үтүө үгэскэ кубулуйбута. Удаарынньыктар уонна ыстахаанабыстар үһүс сүлүөттэригэр Степан Аржаков «каадыр барытын быһаарар» диэн сирдьит этиитэ биһиги холкуостарбытыгар суолдьут буолла диэн туран, бастыҥ көрдөрүүлээх холкуостары, холкуостаахтары холобурдаабыт. Ол курдук, Киров аатынан холкуос (Амма) гектар ахсыттан 15-25 сэнтиниэр бурдугу хомуйбут, «Күүһү түмүү» холкуос чилиэнэ Сидоров Николай (Таатта) кэргэнин кытары 1213 үлэ күнүн аахсан, дохуоттарыгар 190 буут бурдугу, 2,3 буут арыыны, уо.д.а. аһы-үөлү ылбыттар, Строд аатынан холкуос ыанньыксыта Нестерова (Амма) биэс сыл устата төрүөҕү энчирэппэтэх, 1935 с. ынаҕын ахсыттан 1240 киилэ үүтү ыабыт, холкуос уустара үлэни чэпчэтэр ньымалары толкуйдуур буолбуттар. Түмүгэр, ынах ахсыттан 1000 киилэ үүтү ыыр, гектартан 10-12 сэнтиниэр бурдугу ылар соругу туруорбут, холкуостар бары бассабыыктыы үлэлээх-хамнастаах, холкуостаахтар байылыат олохтоох буолалларын ситиһэргэ ыҥырбыт. (Социалистическая Якутия. – 1936 сыл, муус устар 14 күнэ).

Бастыҥтан бастыҥнар Москубаҕа барар чиэскэ тиксибиттэрэ. Ол курдук, 1935 с. Я.Матвеев (Дзержинскэй аатынан холкуос бэрэссэдээтэлэ, Дьокуускай), М. Макаров (Субуруускай аатынан холкуос бэрэссэдээтэлэ, Чурапчы), Н. Данилов (Ворошилов аатынан холкуос удаарынньыга, Арҕаа Хаҥалас), Е.Егоров (Калинин аатынан холкуос биригэдьиирэ, Мэҥэ Хаҥалас), С.Захаров («Кыһыл кыһа» холкуос пиэрмэтин сэбиэдиссэйэ, Уус Алдан), Н.Никифоров («Хомулдьу» холкуос бэрэссэдээтэлэ, Амма), Ф.Трубин («Комбайн» холкуос удаарынньыга, Өлүөхүмэ), Л.Сабуняк (Мэҥэ Хаҥалас оройуонун агронома) Калинины, Буденнайы кытары көрсөн, Ивановскай уобалас холкуостарыгар сылдьан кэлбиттэрин туһунан оччотооҕу хаһыаттар кэпсииллэр. Кинилэргэ Степан Аржаков соҕурууҥҥу уобаластар үлэҕэ уопуттарын бэйэҕит холкуостаргытыгар киллэриҥ, атыттарга холобур буолуҥ диэн сүбэлээбит итиэннэ БСК(б)П обкуомун бастакы сэкирээтэрэ Павел Певзнякка приемҥа сырытыннарбыт. (Кыым. – 1935 сыл, ыам ыйын 1 күнэ).

1936 с. П. Павлов («Баһымньы» холкуос бэрэссэдээтэлэ, Уус Алдан), И. Олесова («Кыччама» холкуос ыанньыксыта, Уус Алдан), М.Гермогенов (Сталин аатынан холкуос бэрэссэдээтэлэ, Мэҥэ Хаҥалас), И.Захаров («Кыһыл байыас» холкуос биригэдьиирэ, Амма) Сүөһү иитиитин бастыҥ үлэһиттэрин Бүтүн Сойуустааҕы сүбэ мунньахтарыгар кыттыбыттара. Сүөһү иитиитигэр уһулуччу ситиһиилэрин иһин «Бочуот Знага» уордьаннарынан наҕараадаламмыттара. Бу – тыйыс айылҕалаах хотугу өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ үрдүк судаарыстыбаннай наҕарааданан бастакы бэлиэтэниилэрэ этэ.

СА_охотники.jpeg

Табаһыт күнэ

Хоту холбоһуктааһын арыый хойутаан тэриллибитэ. Булт салаата 1932 с. «Якутзаготпушнина» тэрилтэҕэ, 1936 сылтан Хотугу муора суолун Сүрүн управлениетыгар (ГУСМП) бэриллибитэ. Ити сыллартан андаатары аҕалан ууһатыы, күндү түүлээҕи килиэккэҕэ тутан иитии саҕаламмыта.

Табаны иитиини Сири оҥоруу наркомата сүрүннээбитэ. Дьокуускайтан, киин оройуоннартан исписэлиистэри ыытан, көс олохтоох омуктары бөһүөлэктэргэ олохсутууга, табаны артыалларга түмэн, былааннаах үлэ тиһигин тэрийиигэ улахан хамсааһын ыытыллыбыта.

Саха Киин ситэриилээх кэмитиэтэ 1936 сыл атырдьах ыйын 20 күнүгэр таһаарбыт уурааҕынан, сэтинньи 1 күнүгэр Табаһыт күнэ олохтоммута. Онон Абый, Алдан, Аллайыаха, Аллараа Халыма, Анаабыр, Булуҥ, Дьааҥы, Эдьигээн, Муома, Орто Халыма, Өймөкөөн, Өлөөн, Садын, Саккырыыр, Томмот, Томпо, Төөмтөөн, Усуйаана, Уус Маайа, Учур оройуоннарыгар бастыҥ табаһыттары чиэстиир, үлэ уопутун үллэстэр буолбуттара. 1937 с. бу 20 оройуон хаһаайыстыбаларын (ыалларын) 62 %-на табаарыстыбалар, артыаллар тула түмсүбүттэрэ. Таба ахсаана 170 тыһыынчаҕа тиэрдиллибитэ. Племенной үлэни киллэриигэ бастакы холонуу 1938 с. Булуҥ оройуонун «Кыһыл сулус» табаарыстыбаҕа оҥоһуллубута.

СА_-приказ.jpeg

Түргэнник ситэр салаа

Этинэн хааччыллыы боппуруоһун быһаарар инниттэн, сибиинньэни, куруолугу, барааны иитиигэ болҕомто эмиэ ууруллубутун туһунан оччотоҕу хаһыаттар уонна архыып докумуоннара кэпсииллээр.

Биир интэриэһинэй булумньунан нарком 1935 сыллаахха от ыйын 22 күнүттэн Анненков диэн анал үөрэхтээх уонна үлэлээбит уопуттаах киһини мүөттээх ыҥырыа исписэлииһинэн аныыр итиэннэ Иркутскайга командировкалыр туһунан бирикээһэ буолар. Сэрэйдэххэ, саҥа хайысханы үөрэтэн көрөргө быһаарыллыбыт быһыылаах. Билигин биһирэбили ылбыт мүөттээх ыҥырыаны иитии салаатын туһунан санаа оччолортон иитийиэхтэммит.

СА_-_быһыт.jpeg

Суола быһыта 

Быйыл мелиорация тэрилтэтэ 75 сыла бэлиэтэннэ. Күөлү көһөрөн ходуһа сирин таһаарыы, сааскы халаан уутун хаайан, сири нүөлсүтүү биитэр ууну түһэрэн, сири куурдуу дьаһалларын саха дьоно урукку сыллартан тэрийэллэрэ.

Саха АССР салалтата 1930 сылтан саҕалаан соҕурууттан анал үөрэхтээх мелиоратордары ыҥыран үлэлэппитэ.

Степан Аржаков наркомнуур сылларыгар үс улахан быһыт Мэҥэ Хаҥаласка уонна Өлүөхүмэҕэ тутуллубут, кэлэр өттүгэр өрөспүүбүлүүкэҕэ саппаас от пуондатын хааччыйар сыалтан Турбаахы учаастагар ууну түһэрии үлэтэ былааннаммыт, өссө мелиорация дэһээтинньиктэрин бэлэмниир үс ыйдаах куурустар тэриллибиттэр. Ол туһунан 1936 с. Омскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтун бүтэрэн кэлэн, инженер-мелиораторынан үлэлиир, Өлүөхүмэттэн төрүттээх  Николай Хайбулин «Перспективы мелиорации» диэн ыстатыйатыгар ааҕабыт. (Социалистическая Якутия. – 1937 сыл, ахсынньы 17 күнэ).

Мэҥэ Хаҥаласка тутуллубут быһыттартан биирдэстэрэ Суола быһыта, олохтоохтор бэйэлэрэ ааттыыларынан, былатыына буолар. Бу тутуу туһунан Калинин аатынан холкуос оччотооҕу бэрэссэдээтэлэ Михаил Скрябин 1967 с. суруйбут, кээмэйинэн бэрт дьоҕус эрээри Степан Аржакову киһи, салайааччы быһыытынан арыйар ахтыыта баар. (Сосин Спиридон Иванович. – Москва, 2001 с., 45-46 сир.). Холкуос кыаҕыран, элбэх тутууну ыыппыттар, сирдэрэ кураан буолан, Суола уутун хаайар быһыты оҥорбуттар. Ол быһыт алдьанан хаалан, саҥаны тутарга быһаарынан, бэрэссэдээтэл куоракка, Сири оҥоруу наркоматыгар киирбит. Ити 1936 с. саас эбит. Салгыы маннык ааҕабыт: «Степан Максимович биһигини тута көрүстэ. Спиридон Сосин урут Суоланы бобо сылдьыбыттара табыллыбатаҕын, аны инженернэй бырайыагынан тутар наадатын туһунан кылгастык кэпсээтэ. «Итиннэ көрүдүөргэ хаамса сылдьар уолаттары ыҥырыҥ эрэ, бэҕэһээ Москубаттан кэлбиттэрэ, – диэн Степан Максимович биһиги этиибитин истэн иһэн дьаһал биэрдэ. Уолаттары булан аҕалбыттарын кэннэ эттэ: – Друзья мои, эһиэхэ үлэ көһүннэ. Күн сарсын Мэҥэ Хаҥаласка, Калинин аатынан холкуоска командировкаланаҕыт». Бу инженер Семен Шестаков, техник Клим Петренко этилэр. Сарсыныгар кинилэри илдьэ дойдулаатыбыт. Спиридон эмиэ барыста. Ый аҥаарыттан ордук кэмҥэ сылдьан, үлэни тэрийистэ. Инженердри кытары сылдьан тутууну былааннаста. Үрэх кытыыларын невелирдээн, былатыынаны былырыыҥҥы биһиги туппут сирбититтэн уонча миэтэрэ аллара тутарга сөбүлэстилэр. Төһө бэрэбинэ наада буоларын быһа холуйан эттилэр, билигин кэрдэн, хаары баттаһа таһарга сүбэлээтилэр. Ол кэнниттэн үрэх уута түһүүтэ үлэни саҕалыырга быһаардылар. Шестаков барыллаабыт бырйыагын куоракка киирэн чуолкайдыах буолан бардылар».

Быһыт ол сайын тутуллан, үлэҕэ киллэриллибит. Бу өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы бөдөҥ гидромелиоративнай тутуу этэ. Суолалар сыл аайы сааскы ууну халытаннар, ходуһаларын нүөлсүтэн, элбэх оту, сиилэһи бэлэмнээн, хайдахтаах да курааҥҥа бэриммэт буолбуттара. Быһыты көрө-истэ сылдьар анал үлэһити сыһыаран, cаас эрдэ хаарын ыраастаан, күһүн эргэ буорун ылан баран саҥаны кутан, быһыт үйэтин уһаппыттара. 1986 сыллаахха диэри туһаммыттара!

СА_-_наркомат.jpeg

Степан Аржаков кэлимник көрөн дьаһайар, дьоҥҥо-сэргэҕэ чугас, миэстэттэн тахсар көҕүлээһини өйүүр, ыҥыран аҕалбыт исписэлиистэрин кыаҕын толору туһанар, олохтоох каадырдары сыаналыыр буолан, тыа хаһаайыстыбатыгар улахан хамсааһыны таһаарбыта, элбэх кэскиллээх дьаһаллары олоххо киллэрбитэ. Ону норуота өйдүүр, сыаналыыр, умнубат.

Хаартыскалары уонна бирикээс куоппуйатын Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин архыыбын сэбиэдиссэйэ Регина ТИМОФЕЕВА, «Сахаагроплем» мусуойун үлэһитэ Татьяна Протопопова хааччыйдылар.

  • 7
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Түһүлгэ

Сайдыы суола арылыннын

ЫҺыллыбат ыйааҕынан, уларыйбат укааҺынан, эргилиннэрбэттии этиллибитинэн тохтообокко…
08.12.24 11:04