Анал байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга анаан харысхал сиэккэтин өрөр ийэлэр тыйаатырга тыл маастара Максим Горькай суруйбут айымньытыгар олоҕуран, режиссер Сергей Потапов туруорбут “Тимир Баасса” испиэктээҕин көрөн дуоһуйа сынньаннылар диэххэ сөбө дуу, эбэтэр төттөрүтүн курус санааҕа ыллардылар диир сөбө дуу... Сүрүн дьоруойу толорбут Тимир Баасса уустук итиэннэ дириҥ уобараһын арыйыы артыыстан дьиҥнээх маастарыстыбаны итиэннэ улахан айымньылаах үлэни эрэйэр. Арассыыйа үтүөлээх, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыската Изабелла Николаева сүрүн дьоруой оруолун үрдүк таһымнаахтык уонна итэҕэтиилээхтик арыйда.
Александра Сокорутова, икки оҕо ийэтэ:
-⁃ Биһиги анал дьиэбитигэр Арассыыйатааҕы норуодунай фронт хамсааһынын “Доброволецтар” пуолкатын харысхал сиэккэни өрөр салаата үлэлиир. Биһиги бары ыарыһах, ким атаҕа, ким илиитэ суох да буолларбыт, уолаттарбыт бары эргиллэн кэлэллэрин туһугар күн аайы харысхал сиэккэтин өрөбүт. Мин куоракка оҕо эрдэхпиттэн олоробун да, хомойуох иһин, Саха тыйаатырыгар аан бастаан сырыттым. Нууччалыы үөрэммит буолан, наар нуучча тыллаах кэнсиэртэргэ, испэктээктэргэ сылдьарым. Харысхал сиэккэтин өрүөхпүттэн ыла сахалыы саҥарарга, ааҕарга үөрэнним. Кыра уолум инбэлиит буолан, көрүүгэ-истиигэ наадыйар, сиэккэ өрөр кэммэр ыалларым, дьүөгэлэрим, аймахтарым оҕобун көрөн абырыыллар. Тыйаатырга сылдьыы миэхэ улахан дьол. Саха ааттаах-суоллаах уонна эдэр артыыстарын илэ харахпынан көрдүм. Наһаа да талааннаахтар эбит! Холобур, Тимир Баасса кыра кыыһын Туту-Куо оруолун Айталина Лавернова, улахан кыыһын Жанна Ксенофонтова, Эрбэхтэй Бэргэни Айсиэн Лугинов наһаа да бэркэ оонньоотулар. Кытаанах майгылаах уонна байар эрэ туһунан санаалаах дьиэ кэргэн ийэтин Изабелла Николаева чаҕылхайдык арыйда! Төһө даҕаны ымсыы майгылааҕын, дьиппиэн санаалааҕын иһин Тимир Баассаны мин кинини аһынным. Олох куһаҕан өрүттэрин кыһалҕаттан иҥэрэн итинник дьылҕаланнаҕа. Онтон, эр дьон үгүс уобарастара хайдах эрэ бары сымыйаччы, байар уонна былаас туһугар тугу да кэрэйбэт курдуктар. Мин үкчү итинник киһи хапкааныгар алҕас киирэн биэрбит түгэннээхпин, онтон сылтаан кыра уолум олох саҥарбат, ороҥҥо сытар, киһи көрүүтүгэр наадыйар киһитигэр кубулуйда. Ийэм үс сыллааҕыта, кэргэним быйыл куһаҕан ыарыы буулаан бу орто дойдуттан барбыттара. Саамай кыһыылааҕа, ол киһибит сууттаммакка, туох да буруйга тиксибэккэ үөрэ-көтө олорор... Кыбыстыылаах, киһи өйүгэр батан киирбэт биир суолунан, ийэтэ суох кэмигэр аҕата буолуохсут "иккис олоҕун" улахан кыыһа кыра эрдэҕиттэн аан күлүүһүн хайаҕаһын нөҥүө көрө улааппытын бэлиэтиир тоҕоостоох. Ол курдук, улахан кыыс аҕата дэнэр киһи, кыыһын кытта саастыы кыргыттары аҕалан, төрөппүттэрин утуйар хоһугар "таптаһар көрүн-нарын" көрө-көрө ийэтигэр эппэтэҕэ уонна тыллаабатаҕа бу оҕо эмиэ кэмэлдьи майгылаах буолуох сөбүн санатар. Кэргэнэ буолуохсут өр сылларга "дьарыктанан" кэлбит дьэбэр быһыыта биллэн, Тимир Баасса дьиэ кэргэнин аатын-суолун көмүскүүргэ сананар, кэргэнэ буолуохсуту дьаат кутан өлөрөргө сананар...
Дьяконова Матрена, Дьокуускай куорат олохтооҕо:
-⁃ Саха тыйаатырыгар мин эмиэ аан бастаан сырыттым. Испиэктээҕи көрөн эмиэ да уйадыйдым, эмиэ да олох дьэбэрэтин кистээбэккэ көрдөрөр режиссер баар эбит диэн үөрдүм. Хас биирдии артыыс оруолун бэркэ арыйан оонньоото. Тыйаатыр сүрүн дьоруойун толорбут артыысканы уруккуттан ааҕан-көрөн билэбин эрээри, илэ бэйэтин аан бастаан көрдүм. Режиссер Сергей Потаповка, сүрүн оруолу толорбут Изабелла Николаеваҕа уонна эдэр көлүөнэ артыыстарга айымньылаах үлэҕит куруутун ситиһиилэнэ турдун диэн баҕа санаабын тиэрдэбин. Испиэктээх билиҥҥи олохпутун кытта наһаа майгыннаһарын сөхтүм. Бастаан хайдах эрэ, билиҥҥи олох туһунан эбит диэн санаабытым. Ол курдук, олох уларыйбатах уонна сайдыбатах эбиппит диэн санаа киирэр. Хомойуох иһин, билиҥҥи үйэҕэ сытыйа байан, киһи сатаан эппэт дьэбир дьарыктаах аҕалар да, байар эрэ туһуттан оҕолорун сатаан ииппэтэх ийэлэр да бааллар. Ол иһин эбитэ дуу, биһиги бу кырдьаҕас кыра биэнсийэлээх дьон уолаттарбытын көмүскээтин диэн күн аайы сиэккэ өрөрбүт дуу диэн санаа үүйэ-хаайа тутар. Эбэтэр биһиги эрэ оҕолорбут, уолаттарбыт, сиэннэрбит эрэ дойдуларын көмүскүүллэрэ дуу. Тоҕо эрэ улахан биэнсийэлээх, улахан хамнастаах дьон биһиги оҕобут, уолбут эмиэ онно баар диирин олох истибэппит. Сергей Потапов олох сөпкө бу испиэктээҕи туруорда. Өссө даҕаны туохтан да чаҕыйбакка харса суох маннык айымньылары туруорарыгар баҕарабын.
Испиэктээххэ биир сүрүн оруолу Тимир Баасса кийиитэ Равиль ылар. Аан бастаан Тимир ийэ кийиитин сытыытын-хотуутун иһин сөбүлүү саныыр, ол гынан баран уолунааҕар кини былааһы утары охсуһууну ордорорун билэн, сиэнин бэйэтигэр хаалларан иитэр. "Иноагент" диэн тылынан Тимир Баасса кийиитин көрсөрүн истээт, чуумпутук олорбут көрөөччүлэр, дьэ, биирдэ саҥа таһааран күлсүбүттэрэ, испиэктээх бүгүҥҥү олоххо баар көстүүнү кырдьыктааҕын көрдөрбүтүн түмүгэ. Иноагенынан ааттаммыт кийиит баайдар сотору суох буолуоххут диэн тыллаах эмискэ дьиэ ортотугар баар буола түһэр. Кини омук сириттэн атын киһи пааспарынан кыраныыссаны туораан кэлбит сүрүн соруга -- 5 саастаах уолун эбэтиттэн ылан, кыраныысса таһыгар таһаарыы, табыллыбатаҕына уоран да ылан илдьэ барыы. Тимир Баасса бүтэр бүппүтүн кэннэ 16 саастаах сылдьан баайга ымсыыран күүлэйдьит, арыгыһыт кырдьаҕас киһиэхэ эргэ тахсыбытын туһунан кыргыттарыгар кэпсии сатыыр. Улахан кыыс кини кэпсээнигэр болҕомто уурбакка, аһыы утаҕын биир илиитигэр тутан, бииригэр балтын сиэтэн тахсан бараллар. Кыргыттара таайдарын кытта Тимир Бааска өлүгэ тоҥмутун кэннэ биирдэ кэлэн соһуйаллар. Кыра кыыс ийэтин кууспутунан ол курдук бараахтыыр... Дьэ бу кэнниттэн, баай былдьаһыыта саҕаланар. Быраата эдьиийин баайын барытын бэйэтигэр ыллаҕына эрэ, куорат мээрэ буоларын билэр. Күтүөтүн суолун батыспыт киһийдэх баҕа санаата туолбатар ханнык диэн санаалаах көрөөччү артыыстар оонньууларыгар итиэннэ режиссерга махтанан икки сүһүөҕэр туран ытыс таһынар. Быыс сабыллар.
Испиэктээх кэнниттэн тоҕо эрэ көрөөччү ыар санааҕа ылларбыт курдук саҥата суох тас таҥаһын ылаат таһырдьаны булла. Онтон, биһиги ийэлэрбит санааларын аһаҕастык этинэр дьон буолан биэрдилэр. Тоҕо 100 сыл кэнниттэн туох да уларыйбата, тоҕо кэмэлдьи көстүүлэр билигин да баалларый, оҕолорбутун-сиэннэрбитин туохха иитэбит диэн ыйытыылара долгутта. Онон, санаа атастаһыытын түмүгүнэн, олох дьиҥнээх кырылыйар кырдьыгын көрдөрбүт режиссер Сергей Потапов хорсун санаатыгар махтанабыт. Итиэннэ айар аартыга салгыы арыллан өссө даҕаны үрдүк чыпчааллары дабайарыгар алгыспытын аныыбыт. Салгыы, олох үчүгэй түгэннэрин эмиэ көрөөччү дьүүлүгэр таһааран чаҕылхай испиэктээҕи бэлэхтиирин күүтэбит.
Түмүк оннугар
Испиэктээх кэнниттэн, хайдах эрэ биэс саастаах сиэн уол хаалбыта, бу эстибит дьиэ кэргэн кэскилин түстүүр курдук. Ыар дьылҕалаах дьиэ кэргэн олоҕун кыра уол улаатан саҥалыы салҕаабыт буолуохтаах диэн күүстээх эрэл санаа баар.
- 8
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0