- Дьокуускай куорат Аҕа баһылыгын иһинэн өрөспүүбүлүкэ улуустарын землячестволарын Сэбиэтэ диэн уопсастыбаннай тэрилтэ тэриллиэҕиттэн, балтараа сыл устата, үгүс өрүттээх үлэни тэрийэн ыытар. Үлэбит сүнньэ куоракка баар улуустар землячестволарын түмүү, кинилэр үлэлэрин сүрүннээһин буолар.
Билигин быстах мобилизацияҕа хабыллыбыт буойуттарга көмөлөһөргө үлэни тэрийэ сылдьабыт. Алтынньы 1 күнүгэр Хаҥалас бөһүөлэгэр өрөспүүбүлүкэ буойуттары быстах кэмҥэ тохтоон ааһар сиригэр сэргэ туруоран, буойуттарбытын алҕаан атаарбыппыт. Кинилэргэ көмөлөһүүгэ, ордук үчүгэйдик землячество чилиэттэрин кытары Горнай улууһун землячествота (салайааччы Федорова Н.П.), Амма (Илларионова Н.И.), Нерюнгри (Федоров П.С.), Ньурба (Яковлева Е.Г.), Аллайыаха (Халтурина О.В.), Бүлүү (Павлова А.К.), Анаабыр (Туприна Е.А.), Ленскэй (Иванова А.К.) бэрэстэбиитэллэрэ ыкса сибээстээхтик үлэлэстилэр. Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун баһылыга Сивцев И.С. уонна Дьокуускай куоракка улуус землячествота (Атастырова А.Н.) буойуттарга көмө уонна 2023 сылга ыытыллыахтаах Олонхо ыһыаҕын тэрийии боппуруостарыгар сүбэ мунньах тэрийэн ыыттылар. Алтынньы 6 күнүгэр Сэбиэт, улуус землячестволарын кытта, “Саха сирэ эһигинниин!” уопсастыбаннай хамсааһын көрдөһүүтүн өйөөн, быстах мобилизациҕа ыҥырылыбыт буойуттарга ичигэс таҥас тигэллэригэр үбүнэн көмөлөһөргө ыҥырыы ылыммыта.
Бу күннэргэ Сэбиэт чилиэнэ, Өлүөхүмэ землячествотын солбуйар бэрэссэдээтэлэ Куприянов А.В., Өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннай палататын салайааччыта Бугаев Н.Д., “Саха сирэ Эһигинниин!” Өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннай хамсааһынын салайааччыта Айыл Дьулурха, СӨ Уопсастыбаннай палаата чилиэнэ Куркутов Г.С. мобилизацияланан барбыт буойуттарбытын, байыаннай чаастарга тиийэн көрсөн, гуманитарнай көмө илдьэн, туттаран кэлэн баран, буойуттарбыт кыра тумуу эҥин курдук ыарыыларга ыалдьыбыттарынан, түргэнник, онно сөптөөх эмп наадатын туһунан солбуйааччыбар Федорова Н.П. эппитэ. Сэбиэт этиилэри ылынан, матырыйаал ылыытыгар, 19 улуус землячестволартан хомуллубут үбүнэн, 104 эмп аптечканы, 4 сымнаҕас наһыылка атыылаһан, алтынньы 19 күнүгэр Координационнай киин көмөнү тутар пуунугар туттарда. Үбүнэн көмөлөспүт улуус землячестволарыгар, бу үлэни тэрийиигэ тэриллибит суһал бөлөххө: Н.П. Федороваҕа, В.П. Егороваҕа, Р.Д. Михайловка, И.В. Ноговицыҥҥа, Р.Н. Семеновка барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Буойуттарга көмөлөһүү боппуруоһугар үлэлэһэн истэх аайы, ситэ быһаарыллыбатах түгэннэр бааллара көстөн кэлэллэр эбит. Ол курдук, ордук баҕа өттүнэн барбыт буойуттары, уопсай быстах хомуур иннинэ хантараагынан сулууспаҕа барбыттарга, байыаннай хамһарыйаат өттүттэн үлэ ситэтэ суох ыытыллара билиннэ. Бу боппуруос, биһиги Аҕа баһылыкпыт биир кэмнээх көмөнү оҥорууга дьаһалыгар олоҕуран, көмөнү ылыыны тэрийиигэ көстөн таҕыста. Буойуттарбыт Ийэ дойдуларын көмүскүү бараллар, онтон кинилэр сураҕа суох сүттэхтэринэ эбэтэр бааһырдахтарына, көмүскэспит судаарыстыбаларын өттүттэн болҕомто баар буолуохтаах дии саныыбын.
Сэбиэт салайааччыта Иван Гаврильевич Неустроев. Дьокуускай, алтынньы 20 күнэ, 2022 с.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0