Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -0 oC

Өрөспүүбүлүкэтээҕи харах балыыһатын кылаабынай бырааһа Иван Луцкан салайааччылаах Саха Сирин быраастарын десаана Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэҕэ үлэлэрин түмүктээтилэр.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи харах балыыһатын кылаабынай бырааһа Иван Луцкан салайааччылаах Саха Сирин быраастарын десаана Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэҕэ үлэлэрин түмүктээтилэр.

Исписэлиистэр икки нэдиэлэ устата 163 эпэрээссийэни оҥордулар, икки тыһыынчаттан тахса киһиэхэ сүбэ-ама биэрдилэр.  Мэдиссиинискэй десаан Кировскай куорат Киин балыыһатыгар үлэлээтэ. Саха сирин исписэлиистэрэ манна 163 эпэрээссийэни оҥордулар, офтальмологтар, кардиологтар, неврологтар барыта 1495 киһиэхэ консультациялаатылар, 540 ультразвуковой уонна 339 маммографическай чинчийиини ыыттылар.

- Доруобуйа харыстабылыгар биһиэхэ өйөбүл наада. Манна каадырдар, лабораторнай чинчийии, препараттар тиийбэттэр. Онон тустаах уонна улахан суолталаах көмө оҥоһулунна, — диэн Кировскай дьаһалтата иһитиннэрэр. Иван Луцкан этэринэн, манан көмө бүппэт эбит, консультациялар салгыы Кировскайдааҕы балыыһа баазатыгар ыытыллар буолуохтара. - Куорат олохтоохторун эмтииргэ көмөҕүт, үлэҕитигэр идэтийиигит иһин махтанабыт, — диэн Кировскай дьаһалтатын баһылыга Сергей Ермаков тиэрдэр диэн ЯСИА суруйар.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением