Өлөөн уонна Харыйалаах сэлиэнньэлэрин икки ардыгар айан суола сабыллыбытынан сибээстээн, кыра суудуналарга навигация арыллыар диэри икки сэлиэнньэ икки ардыгар суһал сырыыны толорууга уонна суһал көмөнү оҥорууга бу дьыл ыам ыйын 22 күнүттэн “Өлөөн-Ситим” муниципальнай тэрилтэттэн “Север” аэролодка дьуһуурустубаҕа туруорулунна. Бу туһунан Өлөөн улууһун хаһыата иһитиннэрэр.

“Сардаҥа” хаһыат кэрэспэдьиэнэ “Север” аэролодка хапытаана Анатолий Иванову көрсөн суудуна үлэтин графига хайдах толорулларын билиһиннэрэргэ көрдөспүккэ бэрт судургутук ылынан үлэ графигын билиһиннэрдэ.
- Аэролодка муус устубат кэмигэр Өлөөн-Харыйалаах-Өлөөн маршрутунан сарсыарда 8:00 чаастан 9:00 ч. диэри уонна үлэ күнэ бүтүүтэ 17 чаастан 18:00 ч. диэри бириэмэҕэ күн ахсын үлэлиэҕэ.
Муус устар бириэмэтигэр суудунаҕа уонна пассажирдарга куттал суох буолуутун хааччыйар наадаҕа аэролодка үлэтэ быстах тохтотуллуо.
Хаартыска: Ulusmedia, Сардаҥа" хаһыат эрэдээксийэтэ