Ил Дархан Айсен Николаев Иван Горнай аатын бибилэтиэкэҕэ иҥэрэргэ дьаһал таһаарбыта олус сөптөөх, улуус дьоно, биир дойдулаахтара үөрэ-махтана иһиттилэр.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Алгыс Стручков, култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениятын салайааччыта Тамара Кесарева, кииннэммит библиотечнай ситим методиһа Марина Потапова, библиограб Анастасия Заровняева, библиотекарь Анастасия Ноговицына, Солоҕон нэһилиэгин баһылыга Александра Александрова салайааччылаах делегация кыттыыны ыллылар.
СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ, Өрөспүүбүлүкаэтээҕи көрбөттөр анал бибилэтиэкэлэрэ оҥорон таһаарбыт «Иван Николаевич Егоров-Иван Горнай: поэт, педагог, тылбаасчыт: ахтыылар, ыстатыйалар» кинигэ сүрэхтэниитэ ыытылынна.
Кинигэҕэ Иван Горнай төрдүн-ууһун туһунан бэйэтин суруйуулара, норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Евстратий Михайлов, кииннэммит библиотечнай ситим методиһа Марина Потапова, дьиэ кэргэнин, аймахтарын, үөлээннээхтэрин, бииргэ алтыспыт дьонун уо.д.а. ыстатыйалара, ахтыылара киирдилэр.
Кинигэ библиографиятын матырыйаалын оҥорууга, ыстатыйаларга, ахтыыларга дьон ааттарын, исх хоһоонун чуолкайдааһыҥҥа кииннэммит библиотечнай ситим библиограба Анастасия Заровняева дьаныардаахтык үлэлэспитэ.
Иван Горнай аата үйэлэргэ өлбөөдүйбэтин!
БЫҺААРЫЫ: Иван Николаевич Егоров-Иван Горнай – биллэр бэйиэт уонна публицист, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Брайл систиэмэтинэн саха алпаабытын оҥорооччу, саха норуотуттан бастакы тифлопедагог, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, “Гражданскай килбиэн” бэлиэнэн наҕараадаламмыта.
Иван Горнай 1935 сыллаахха бэс ыйын 5 күнүгэр Горнай оройуонун Ньурбаҕанчына нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1947 сыл Бэрдьигэстээххэ бэһис кылааска үөрэнэн иһэн хараҕынан ыалдьыбыта. 1952 сыллаахха Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Доллу нэһилиэгэр баар көрбөт оҕолор оскуолаларыгар соҕотоҕун айаннаан тиийэн үөрэҕин салҕаабыта. 1955 сыллаахха Бэрдьигэстээх орто оскуолатын кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбитэ.
1958 сыллаахха Ленинград куоракка Герцен аатынан пединститукка үөрэнэн, 1963 сыллаахха математик уонна тифлопедагог идэтин ылбыта. Дьокуускайга Өрөспүүбүлэкэтээҕи көрбөт оҕолор оскуолаларыгар математика учууталынан үлэлээбитэ. Бу оскуолаҕа кини олоҕун 22 сылын анаабыта.
Кэргэнэ Прасковья Васильевна Павлова — физкультура учуутала, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна. Уоллара Родион Иванович Егоров — физико-математическай наука хандьытаата. Родион Иванович аҕатын аатын үйэтитиигэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи көрбөттөр бибилэтиэкэлэрин кытта ситимин быспакка үлэлиир. Ол курдук, «Иван Николаевич Егоров-Иван Горнай: поэт, педагог, тылбаасчыт» диэн кинигэ сүрэхтэммитэ. Кинигэҕэ Иван Горнай дьоһун олоҕун сиэдэрэй сэһэнин тус бэйэтин архыыбыттан матырыйааллара, аймах-уруу дьонун, суруйааччылар уо.д.а. истиҥ-иһирэх ахтыылара киирбиттэрэ. Маны таһынан кинигэ библиографическай ыйынньыктаах. Кинигэ Иван Горнай айар үлэтигэр сүгүрүйээччилэргэ, бар дьонугар күндү, үйэлээх бэлэх уонна салгыы үйэтитиигэ күүс-көмө буолуоҕа.
1992 сыллаахха бэйиэт бастакы кинигэтэ «Мин көрөбүн сүрэхпинэн» диэн ааттанан, Горнай оройуонун типографиятыгар бэчээттэнэн тахсыбыта. Ол курдук, хоһооннорун, поэмаларын уопсайа 12 хомуурунньукка сырдаппыта.
Өрөспүүбүлүкэ саха тыллаах брайлистара Иван Николаевич Егоровы-Горнайы Брайль систиэмэтинэн сахалыы алпаабыт алыптаах алта туочукатын айбыт киһинэн билинэллэр, махтаналлар, киэн тутталлар. Ол курдук, 1952 сыллаахха көрбөттөргө аналлаах сахалыы алпаабыт аан маҥнай айыллыбыта. Бу алта туочука көмөтүнэн көрбөт дьон сахалыы ааҕар-суруйар кыахтаммыта.
Иван Николаевич Егоров-Горнай 2018 сыл ахсынньы 2 күнүгэр 83 сааһыгар күн сириттэн барбыта. Көмүс уҥуоҕа төрөөбүт дойдутун буоругар кистэммитэ.
(Көрбөттөр өрөспүүбүлүкэтээҕи бибилэтиэкэлэрин матырыйаалынан)
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0