Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -37 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Иккис сылын алтынньы 2 күнүгэр Арассыыйа үрдүнэн колледжтар, техникумнар уонна лицейдар орто үөрэх күнүн киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтииллэр. Бу үөрүүлээх күн Саха Сирин соҕурууҥҥу технологическай колледжын устудьуоннара бэртээхэй флешмоб тэрийээри сылдьалларын туһунан үөрэҕирии министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Тэрээһиҥҥэ “”Экстра” үҥкүү устуудьуйата, тутуу этэрээттэрэ, успуорт кулууптара, араас түмсүүлэр көхтөөх кыттыыны ылыахтара. Флешмоб Нерюнгри куорат пааркатыгар “Ника” Мемориал таһыгар ыытыллыа.

Манна даҕатан эттэххэ, Саха Сирин соҕурууҥҥу технологическай колледжыгар “Профессионалитет” федеральнай бырайыак быйыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн үлэлээн саҕалааабыта. Бу инникигэ  эрэли, сайдыыны, саҥа сүүрээннэри тосхоллуур.  

Хаартыска: Үөрэх уонна билим министиэристибэтин саайтыттан. 

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
Уопсастыба

Үбүлээһин аччатыллыбат

Буолаары турар пленарнай мунньаҕы көрсө норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027…
22.11.26 15:36
Уопсастыба

Куоркун турнирын түмүктэрэ

Сэтинньи 20-21 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллыбыт Д.П. Куоркун кэриэһигэр көҥүл тустууга…
22.11.26 14:21