Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 16 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | 96,25

Ааспыт нэдиэлэҕэ  Дьокуускайга ыытыллыбыт  өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһигэр киэҥ нэлэмэн Сахабыт Сирин бары муннуктарыттан бэрт элбэх нэһилиэк, улуус сэбиэттэрин дьокутааттара, нэһилиэктэр, улуустар  баһылыктара мустубуттара. 

Улахан түһүлгэ үгүс тэрээһиннэригэр сылдьаммыт    сийиэс дэлэгээттэрин кытта көрсөммүт олохтоох салайыныы туһунан санааларын үллэстэллэригэр уонна миэстэтигэр олох-дьаһах хайдаҕын билиһиннэрэллэригэр көрдөстүбүт.

Сунтаартан дэлэгээт Иванов Трофим Алексеевич:

-- Сийиэскэ Сунтаар улууһуттан 25 киһилээх дэлэгээссийэ кэлэн үлэлээтэ. Бэйэ бэйэбит испитигэр эрдэттэн кэпсэтии ыытан, төгүрүк остуолларга барытыгар сырыттыбыт. Мин Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйөөһүҥҥэ туһуламмыт төгүрүк остуол кэпсэтиитигэр кыттыыны ыллым, уонна ол түмүгүнэн резолюцияҕа киириэхтээх боппуруостары пленарнай чааска иһитиннэрдим.

Манна сыһыаран кэпсээтэххэ, өрөспүүбүлүкэбит хас биирдии муннугар байыастарбытыгар көмө оҥоруута ситимнээхтик салҕанар, дьиэ кэргэттэригэр улахан болҕомто ууруллар. Биһиги бары даҕаны  дьоруойдарбыт аатын өрө тутан итинник үлэ барарын биһириибит уонна өйүүбүт.

Төгүрүк остуолга өссө хайдах көмө оҥоһуллуон сөбүн ырыттыбыт. Ол курдук, сэрии бүтэр тиһигэр киирэн, байыастарбыт төрөөбүт дойдуларыгар эргиллэн кэлиэхтэрэ. Кинилэргэ үлэ миэстэтин булууга, доруобуйаларын чөлүгэр түһэриигэ, эйэлээх олоххо төннөллөрүгэр уйулҕа өттүнэн көмө тиһиктээх уонна көдьүүстээх буоларыгар сөптөөх  миэрэлэри  ылыныахтаахпыт. 

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
Почта редакции

Гектар дали, а дальше сами?

Когда в 2016 году объявили программу «Дальневосточный гектар», многие воспользовались…
15.08.26 12:01