Бу туһунан РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы — РФ Бэрэсидьиэнин УИФУо-гар боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев «Россия-24» ханаалга «Есть решение» биэриигэ иһитиннэрдэ, макроэрэгийиэн сайдыыта нассынаалынай суолталаах сүрүн соруктартан биирдэстэрэ буолбутун бэлиэтээтэ диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Уһук Илиҥҥи бэлиитикэ олоххо киириитин сылларыгар макроэрэгийиэҥҥэ 6,8 триллион солкуобай инвестиция тардыллыбыт уонна 190 тыһыынча саҥа үлэ миэстэтэ тэриллибит. Бу көрдөрүүлэргэ Уһук Илин бары эрэгийиэннэрин олохтоохторун, урбаанньыттарын уонна былаас уорганнарын биир ситимнээх үлэлэрэ тиэрдибит.
«Сыыппаралар сөхтөрөллөр. Киһиргии сатаабаппыт. Киһиргиир төрүөт суох. Үлэлиэххэ уонна түмүктэри тупсарыахха наада. Уонна 190 тыһыынча саҥа үлэ миэстэтэ — эмиэ обургу сыыппара. Уопсайынан, бу түмүктэр улахаттар. Маны ким эрэ соҕотоҕун оҥорбот диэн өйдүөххэ наада. Бу Уһук Илиҥҥэ олорор уонна үлэлиир дьон-сэргэ сүҥкэн сыралаах үлэтин түмүгэ», — диэн Юрий Трутнев тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Хапытаалы тардар сүрүн үнүстүрүмүөнүнэн чэпчэтиилээх эрэсиимнэр хаалаллар. Боломуочуйалаах бэрэстэбиитэл эппитинэн, анал усулуобуйалар макроэрэгийиэн айылҕатыттан тахсар уустуктары (ырааҕы, нэһилиэнньэ аҕыйаҕын уонна тыйыс килиимэти) толуйаллар. 2027 сыл тохсунньу 1 күнүттэн, РФ Бэрэсидьиэнин быһаарыытынан, эрэгийиэҥҥэ биир кэлим чэпчэтиилээх эрэсиим үлэлиэҕэ, бу инвестордарга усулуобуйалары өссө ордук өйдөнүмтүө уонна күрэстэһиигэ кыахтаах оҥоруоҕа.
Инвестициялары тардар сүрүн былаһааккалартан биирдэстэринэн Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум буолар. Холобур, 2026 сыллааҕы пуорум түмүгүнэн эрэ Саха Өрөспүүбүлүкэтэ 180 миллиард солкуобай суумалаах 27 сөбүлэҥи түһэрсибит, онтон хас биирдиилэригэр чопчу бырайыактар тураллар. Түһэрсиллибит сөбүлэҥнэр саҥа оҥорон таһаарыыны тэрийиини эрэ буолбакка, социальнай эйгэни, ОДьКХ, куорат табыгастаах эйгэтин, экологияны уонна ырыынагы сайыннарыыны хабар.
Хаартыска: Галина МАТВЕЕВА
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0




















