Былыргы саха үһүйээнигэр этиллэринэн, бу — кыһын чахчы кэлбитин, оттон тымныы күн аайы күүһүрэн иһэрин туоһулуур бэлиэ.
Сахалар былыр-былыргыттан тымныыны Хотугу Муустаах байҕалтан кэлэр улахан оҕус курдук саныыллар.
Норуот халандаарынан, Тымныы Оҕуһун аптаах айана маннык:
- Сэтинньи 8 күнэ. Маҥнайгы муоһа үүнэн, кыһыҥҥы тымныылар саҕаланаллар.
- Сэтинньи 21 күнэ. Маҥнайгы муоһа кылааннанар (сытыыланар), тымныы күүһүрэн барар.
- Ахсынньы 21 күнэ. Иккис муоһа үүнэн, аам-даам тымныылар түһэллэр.
- Тохсунньу 31 күнэ. Соҕуруу халлаан оҕото Хотой кыыл кэлэн чанырҕаабытыттан оҕус чаҕыйан, муоһун кылаана кыларыйар (уһуга тостон сыппыыр), дьыбар арыый аҕырымныыр.
- Олунньу 12 күнэ. Бастакы муоһа тостон түһэр, кыһын уоҕа биллэрдик мөлтүүр.
- Олунньу 24 күнэ. Иккис муоһа тостон, томороон тымныы кэмэ түмүктэнэр.
- Кулун тутар 7 күнэ. Тымныы Оҕуһун моонньоох баһа быстар, сааскы кэмҥэ үктэнии саҕаланар.
Тымныыттан куттанымаҥ, бэйэҕитин харыстааҥ!
Хаартыска: Галина МАТВЕЕВА
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
