Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -33 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр үрдүк аграрнай үөрэх тэриллибитэ 70 сылын бэлиэтээһин чэрчитинэн, бэҕэһээ, ол эбэтэр сэтинньи 20 күнүгэр, АГАТУ-га Учуонай сүбэ үөрүүлээх мунньаҕа буолла.

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр үрдүк аграрнай үөрэх тэриллибитэ 70 сылын бэлиэтээһин чэрчитинэн, бэҕэһээ, ол эбэтэр сэтинньи 20 күнүгэр, АГАТУ-га Учуонай сүбэ үөрүүлээх мунньаҕа буолла.


Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирин солбуйааччы Сахаяна Павлова тыл этэригэр аграрнай үөрэхтээһин өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй балаһыанньатыгар, агробырамыысыланнай комплекс сайдыытыгар, аһылык өттүнэн куттал суох буоларын хаачыйыыга итиэннэ тыа сирин олоҕун-дьаһаҕын туруктаахтык сайыннарыыга ураты улахан суолталааҕын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин Эҕэрдэ суругун итиэннэ хаһаайыстыбалар олохтообут истипиэндьийэлэрин туттартаата.

АГАТУ copy

Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр үлэлэх бастыҥ хаһаайыстыбалар: «Биэттэ-Агро» ХЭТ, «Хоту», «Тымныы полюһа», «Эргис» кэпэрэтииптэр, «Ньурбатааҕы сүөһү аһылыгын бэлэмниир хампаанньа», Евдокия Денисова, Евгений Никифоров, «Дьөһөгөй» бааһынай хаһаайыстыбалар  быраактыкаларын кэмигэр кинилэргэ  таһаарыылаахтык  үлэлээбит-хамсаабыт, идэлэригэр бэриниилээхтэрин, билиилээхтэрин  көрдөрбүт АГАТУ устудьуоннарын үбүлүөйүнэн эҕэрдэлээбиттэр. Үөрэхтэрин ситиһиилээхтик бүтэрэн, үчүгэй исписэлиис буолалларыгар  алгыстарын анаабыттар итиэннэ биир кэмнээх истипиэндьийэ анаабыттар.

агату 1

Биир кэмнээх истипиэндьийэ лауреаттара: Иван Лукин (IV куурус, «Агробизнес-23», Ойуур комплексын уонна землеустройство бакылтыата), Родион Винокуров (III куурус, «Агрономия-24», Өктөмнөөҕү салаа), Лариса Винокурова, Юрий Васильев, Августа Егорова, Дарья Васильева, Николай Винокуров, Петр Кононов (IV куурус, «Тех-23», Агробиисинэс бакылтыата), Юрий Лебедев (IV куурус, «Зем-24», Ойуур комплексын уонна землеустройство бакылтыата), Алена Кириллина, Александр Соловьев (III куурус, «Тех-24», Агробиисинэс бакылтыата), Михаил Никитин (IV куурус, «Зоотехния-23», Агробиисинэс бакылтыата). Бу туһунан Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин пресс-киинэ суруйар.

Хаартыска: Анна Стручкова.  

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0