27 сентября 1990 года Верховным Советом Якутской-Саха ССР XII созыва во главе с Михаилом Николаевым была провозглашена Декларация о государственном суверенитете республики. Этот день вошёл в историю Республики Саха (Якутия) как судьбоносное событие, определившее вектор дальнейшего развития. Мы сохранили государственность республики в составе Российской Федерации, подтвердив право определять своë будущее.
Якутия — единственный субъект Российской Федерации, который в день подписания Федеративного договора 31 марта 1992 года подписал и соглашение по экономическим вопросам. Это создало основу для дальнейшего развития экономики и формирования полноценного бюджета республики.
День государственности – большой праздник для всех якутян. Сегодня мы традиционно отдаём дань памяти выдающимся государственным деятелям республики, нашему Первому Президенту Михаилу Ефимовичу Николаеву.
Сегодня наша республика стала лидером всего Дальнего Востока, динамично развивается и является надёжным тылом страны, вносит большой вклад в укрепление силы и обороноспособности великой России. Мы гордимся нашими земляками, мужественными и умелыми воинами, героически сражающимися в зоне специальной военной операции. Наша республика делает всë для приближения Победы.
За прошедшие годы республика сделала огромный шаг в своём развитии. Пройден большой путь. Было немало испытаний, но мы своим упорным трудом вместе со всей страной добились новых побед.
Так, за последние 5 лет мы в республике ввели в работу более 270 социальных объектов, в том числе 48 школ, 45 новых объектов культуры, 32 крупных спортивных объекта, около 100 объектов здравоохранения. Основная их часть построена в рамках национальных проектов, инициированных Президентом России.
Мы лидеры по стране по масштабам переселения граждан из аварийного жилья. С 2019 года в республике построено 278 многоквартирных домов, в новые квартиры переселены 40,6 тысяч якутян. Каждая пятая семья в республике – многодетная, по рождаемости мы занимаем восьмое место в России, а продолжительность жизни достигла 73,6 лет и превысила среднероссийский показатель.
Сегодня мы на пороге нового этапа прорывного развития Якутии. Главой государства Владимиром Владимировичем Путиным утверждены мастер-планы развития города Якутска и Нерюнгри, в перечень опорных пунктов Арктической зоны России включены посёлок Тикси и село Найба. В рамках комплексного развития Якутской городской агломерации началась реализация нашей вековой мечты – строительство Ленского моста. В столице республики появятся грандиозные объекты – Арктический центр эпоса и искусств, новое здание Высшей школы музыки, Парк будущих поколений, Многофункциональный кинопавильон полного цикла. И это лишь часть из проектов, которые будут реализованы в Якутии в ближайшие годы.
Дорогие жители республики!
Благодарю вас за активную гражданскую позицию, добросовестный труд во благо Республики Саха (Якутия) и великой России!
В этот знаменательный день желаю вам крепкого здоровья, счастья, благополучия, успехов во всех начинаниях! Пусть в вашем доме всегда царит доброта, мир и согласие!
Айсен НИКОЛАЕВ
Глава Республики Саха (Якутия)
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев Саха
Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүнэн эҕэрдэтэ
Күндү Саха сирин олохтоохторо!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын аатыттан уонна тус бэйэм өрөспүүбүлүкэбит Судаарыстыбаннаһын күнүнэн эҕэрдэлиибин!
1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха ССР XII ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтэ Михаил Николаев көҕүлээһининэн өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан декларацияны ылыммыта. Бу күн өрөспүүбүлүкэ инники дьылҕатын быһаарбыт, сайдар тосхолун түстээбит күн быһыытынан устуоруйаҕа киирбитэ. Биһиги бэйэбит кэскилбитин быһаарар бырааппытын бигэргэтэн туран, Арассыыйа Федерациятын састаабыгар өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннаһын чөл хаалларбыппыт.
Саха сирэ 1992 сыл кулун тутар 31 күнүгэр Федеративнай дуогабары түһэрсэри сэргэ экэнэмиичэскэй боппуруостарынан чопчуламмыт сөбүлэһиигэ эмиэ илии баттыыры ситиспит Арассыыйа Федерациятын соҕотох субъегынан буолар. Ол түмүгэр экэниэмикэни салгыы сайыннарар, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн толору кээмэйинэн торумнуур кыах үөскээбитэ.
Судаарыстыбаннас күнэ – Саха сирин олохтоохторугар дьоһун бырааһынньык. Бу биһиги өрөспүүбүлүкэ уһулуччулаах судаарыстыбаннай үлэһиттэригэр, Бастакы Бэрэсидьиэммитигэр Михаил Ефимович Николаевка дириҥ ытыктабылбытын кэрэһилиир күн.
Бүгүн Сахабыт сирэ Уһук Илиҥҥэ инники күөҥҥэ сылдьар, тэтимнээхтик сайдар дойду бигэ тирэҕин быһыытынан Улуу Арассыыйа модун кыаҕын, көмүскэнэр куйаҕын бөҕөргөтөргө төһүү күүһүнэн буолар. Биһиги анал байыаннай дьайыы хонуутугар дьоруойдуу охсуһар биир дойдулаахтарбытынан, хорсун - хоодуот буойуннарбытынан киэн туттабыт. Кыайыы туһугар өрөспүүбүлүкэбит кыаллары барытын оҥорор.
Ааспыт сыллар усталарыгар Саха сирэ дьоһун суолу ааста, биллэрдик сайынна. Үгүс тургутуулары туораан кэллибит, килбиэннээх үлэбитинэн дойдубут саҥаттан саҥа кирбиилэри ыларын ситистибит.
Ол курдук, кэнники биэс сыл 270 тахса социальнай эбийиэги, ол иһигэр 48 оскуоланы, култуура 45, успуорт 32, доруобуйа харыстабылын 100-чэ кэриҥэ эбийиэгин үлэҕэ киллэрдибит. Балар сүрүннээн Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ көҕүлээбит национальнай бырайыактарын чэрчилэринэн тутулуннулар.
Хаарбах дьиэлэртэн дьону көһөрүү далааһынынан дойдуга инники күөҥҥэ сылдьабыт. 2019 сылтан өрөспүүбүлүкэҕэ 278 элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэ тутулунна, саҥа кыбартыыраҕа 40,6 тыһыынча Саха сирин олохтооҕо көстө.
Өрөспүүбүлүкэҕэ хас биирдии бэһис дьиэ кэргэн – элбэх оҕолоох, оҕо төрөөһүнүнэн биһиги дойдуга ахсыс миэстэлээхпит, оттон олоҕу олоруу уһуна 73,6 сааска тиийэн, дойду орто көрдөрүүтүн куоһарда.
Бүгүн биһиги Саха сирин сайдыытын саҥа түһүмэх кэмигэр үктэннибит. Судаарыстыба баһылыга Владимир Влдадимирович Путин Дьокуускай уонна Нерюнгри куораттар сайдыыларын маастар-былааннарын бигэргэттэ, Арассыыйа Арктикатааҕы зонатын тирэх пууннарын кэрискэтигэр Тиксии бөһүөлэгэ уонна Найба сэлиэнньэтэ киирдилэр. Өлүөнэни туоруур муостаны тутууну чопчулаабыт ыра санаабытын олоххо киллэрии Дьокуускай куорат агломерациятын кэлимник сайыннарыы сүнньүнэн саҕаланна. Өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар Олоҥхо уонна искусство Арктикатааҕы киинэ, Музыка үрдүкү оскуолатын дьиэтэ, Кэлэр көлүөнэлэр пааркалара, Киинэ элбэх хайысхалаах толору цикллаах павильона курдук баараҕай эбийиэктэр тутуллуохтара. Бу өрөспүүбүлүкэҕэ чугастааҕы сылларга олоххо киириэхтээх бырайыактар сорҕолоро эрэ.
Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!
Сахабыт сирэ уонна улуу Арассыыйа чэлгийэ сайдалларын туһугар уопсастыба олоҕор-дьаһаҕар көхтөөхтүк кыттыыгыт, үтүө суобастаах үлэҕит иһин махтанабын!
Бу кэрэ-бэлиэ күн чэгиэн-чэбдик буолууну, дьолу-соргуну аҕаллын, бары саҕалааһыннаргытыгар ситиһиилэри баҕарабын! Эһиги дьиэҕитигэр-уоккутугар үтүө санаа, эйэ уонна ил уйаланыахтын!
Айсен НИКОЛАЕВ
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана
Источник sakha.gov.ru
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0