Аҕам убайа, абаҕам Алексей Сидорович Еремеев 1942 сыллаахха бэйэтэ тылланан фроҥҥа барбыт. Дьиҥинэн, 1941 сыллаахха ыҥырыллыаҕын Нам улууһун Хамаҕаттатыгар “Кыһыл ыллык” холкуос бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьар буолан барбатах. Оттон 1942 сыл сааһыгар куор ыарыытыттан икки уола утуу-субуу өлөн хаалбыттар. Абаҕам онно санаата улаханнык түһэн, муус устар ыйга бэйэтэ тылланан сэриигэ барбыт. Тиийэн баран 1,5 ый буолан баран суруга кэлбит. Бастаан саҥа тиийбит байыастары үөрэппиттэр, онтон саа-саадах туттаран сэриигэ киллэрбиттэр. Алексей Сидорович Сталинграды көмүскээһин уот сэриитигэр түбэспит. Ол онтон икки суруга кэлбит. “Ньиэмэстэр кимэн киирэллэр, кыахпыт баарынан утарылаһабыт” диэн суруйбут. Ол суруктарын кэннэ абаҕам биллибэтэх, сотору буолан баран сураҕа суох сүппүтүн туһунан сурук кэлбит.
Абаҕам Алексей Сидорович Намҥа улаханнык ытыктанар киһи, Сэбиэскэй былааһы төрүттэспит, “Кыһыл ыллык” холкуоһу тэрийбит киһинэн буолар. Хамаҕаттаҕа кини аатынан уулусса баар.
Эмиэ аҕам убайа Михаил Егорович Иванов 1941 сыллаахха Хамаҕатта нэһилиэгиттэн ыҥырыллан барбыт. Кини сүрдээх күүстээх, кыахтаах киһи үһү. Кинини көрбүт дьон Нам улууһун биир күүстээх киһинэн ахталлар. 1941 сыллаахха сэтинньи ыйыгар ыҥырыллан сэриигэ барбыт. 1942 сыл саҥатыгар арҕаа фроҥҥа сэриилэспит. 1942 сылы этэҥҥэ туораабыт. “Кыһыл сулус” уордьанынан наҕараадаламмыт. 1943 сыллаахха Курскай дугаҕа буолбут кыргыһыыга сырдык тыына быстыбыт. Билигин Курскай уобаласка Москалевская дэриэбинэ таһыгар көмүллэ сытар. Биһиги аймах РФ Оборонаҕа министиэристибэтин кытары суруйсаммыт быраттыы көмүллүбүттэр уҥуохтарыгар көмүллэ сытарын билбиппит. Бу уҥуохтан көһөрөн, 2004 сыллаахха мемориал туруорбуттар.
Ийэм аҕата, эһэм Никифор Семенович Борисов түөрт бииргэ төрөөбүттэр буолан Мэҥэ хаҥалас Дьабыл нэһилиэгиттэн сэриигэ барбыттар уонна төрдүөн тыыннаах төннөн кэлбиттэр. Биир таайым уоттаах сэрии толоонугар бааһыран, илиитин сүтэрбит. Эһэм Никифор Семенович сэриигэ 1941 сыллаахха барбыт, 1948 сыллаахха эрэ дойдутугар төннөн кэлбит. Сэрии кэнниттэн үс сыл үлэ фронугар сылдьыбыт. Эһэм сэрииттэн таас дьүлэй буолан кэлбитэ. Тоҕо диэтэххэ, кини арҕаа фроҥҥа дальнобойнай артилерияҕа сулууспалаабыт. Ыраахтан сыалынан артилериянан ытыалыыр пуолкаҕа сылдьыбыт. Кини олус күүстээх этэ, ол иһин ыйааһыннаах снарядтары таһар эбит. Ол артилериялар ытыалыыр тыастарыттан эһэм истэр дьоҕурун сүтэрбит эбит.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0