Олортон биирдэстэринэн – Бүтүн Арассыыйатааҕы “Поем двором” диэн анал аахсыйа буолар. Бүгүн уоттаах сэрии кыттыылааҕа Сергей Прихожаны ырыанан эҕэрдэлээтилэр. Lena River Brass филармония духовой оркестра кэлэн, “Ытык Ильмень” симфонияттан “Якутский победный маршы” өрө күүрүүлээхтик толорон соһутта. Салгыы “Служба 02” ансаамбыл солистара «Смуглянка», «Тучи в голубом», «Хайыhар», «Майский вальс», «День Победы» ырыалары бэркэ диэн ис-сүрэхтэриттэн ыллаатылар. 14129 байыаннай чаас сулууспалаахтара маршынан доҕуһуоллатан, хааман ньиргиттилэр. Маннык хабааннаах эҕэрдэлэр 9 дьиэ тиэргэнигэр буолуохтара.
Хаартыска: СИА.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0