Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -19 oC

2020 сыл олунньу 13 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр от ыйын 1 күнүн Национальнай бэчээт күнүнэн биллэрэр туһунан Ыйаахха илии баттаабыта.

2020 сыл олунньу 13 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр от ыйын 1 күнүн Национальнай бэчээт күнүнэн биллэрэр туһунан Ыйаахха илии баттаабыта.

Ол эрээри оруобуна хоруона хамсыгын хааччаҕа буолан, икки сыл буолбакка гынан баран, дьэ, быйыл суруналыыстар бастакыларын Национальнай бэчээт күнүнэн ыһыах ыстылар.

Бу үөрүүлээх түгэҥҥэ Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Алексеей Еремеев өрөспүүбүлүкэ сырдатар-иһитиннэрэр эйгэтин айар үлэһиттэрин эҕэрдэлээтэ уонна кинилэргэ туһаайан эттэ:

9ccee38c 003a 4ce2 a00c 35ab89faa476

--Быйыл өрөспүүбүлүкэбит 100 сылын туолла. Үгүс киһи бу күҥҥэ тиийэр баҕа санаалааҕа... Биһиги, дьоллоох дьон буолан, тапталлаах өрөспүүбүлүкэбит 100 сылын уруйдуу көрүстүбүт. Маннык түгэҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин төрүттээбит дьоммутун саныах, ааттарын ааттыах тустаахпыт. Биллэн турар, кинилэр кимнээхтэрин эһиги бары бэркэ билэҕит.

Ол гынан баран, бастатан туран, мин биири чуолкайдаан этиэм этэ. Өрөспүүбүлүкэни олохтообут дьоммутуттан чахчы өрөспүүбүлүкэни төрүттээбит киһибит -- улуу убайбыт Максим Кирович Аммосов. Кини быйыл төрөөбүтэ 125 сыллаах үбүлүөйэ. Онтукатын ахсынньы ыйга биһиги бэлиэтиэхтээхпит. Ил Дархан анал дьаһала тахсан турар. Суруналыыстар бу улуу киһибит бэлиэ олоҕун-дьаһаҕын, үлэтин ыччакка киэҥник сырдатаргытыгар ыҥырабын.

 Билигин история саҥа чахчыларын архыып докумуоннарыттан буланнар, өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар биэрэ тураллар. Оччолорго “Өрөспүүбүлүкэ буолар дуу, аптаныамнай уобалас дуу?” диэн улахан мөккүөр үөскүү сылдьыбытыгар, Киин быыбардыыр хамыыһыйаҕа уонна Бассабыыктар баартыйаларын киин кэмитиэтигэр куоластааһын ыыппыттар. Онно ахсаан тэҥ-тэҥҥэ буолбут. Онуоха Максим Кирович сахалартан соҕотоҕун Москуба куоракка сылдьан, ол саҕана Национальностар дьыалаларыгар норуодунай комиссара И.В. Сталины сирэй көрсөн: “Уобалас буолбакка, өрөспүүбүлүкэ буолуохтаах”, -- диэн толлубакка туруорсан, 1922 с. олунньу 16 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ буоларын туһунан уураах тахсар. Онтон анал хамыыһыйа тэриллэр. Ол хамыыһыйа 1922 с. муус устар 27 күнүгэр биһиги өрөспүүбүлүкэбитин Декрет быһыытынан олохтуур. Ити түгэҥҥэ диэри күн аайы наар үлэ бара турбут. Онно барытыгар сахалартан Максим Аммосов сүүрбүт-көппүт, түбүгүрбүт. “Сүрдээх улахан дьыаланы оҥорбута” диэн бу билигин архыыптан дааннайдары биэртэлии олороллор. Бу билиҥҥи Саха Сирин кыраныыссатын уонна территориятын кимиилээхтик киирсэн быһаарсыбыт. Ол иһин билигин биһиги дойдулаахпыт, алмаастаах, ньиэптээх, гаастаах, чохтоох, көмүстээх, онтон да атын сир баайдаах киэҥ сири тутан хаалан, баһылаан олоробут. Онон, суруналыыстар, Максим Кирович Аммосов үбүлүөйдээх сылынан кини туһунан киэҥник сырдатарга күүс-көмө буолуҥ.

Иккиһинэн, бары билэргит курдук, 1907 сыл от ыйын 1 күнүгэр “Саха дойдута” диэн бастакы хаһыат тахсыбыта. Ол аата сэбиэскэй былаас олохтоно илигиттэн, национальнай өрөспүүбүлүкэбит тэриллэ илигинэ, Арассыыйа империята муҥутаан сайдан олорор кэмигэр, саха омук бэйэтин тылынан хаһыаттаммыт. Тоҕо “муҥутаан” диэтим диэтэргит, ити кэмҥэ, аан дойду бастакы сэриитин иннинэ, Арассыыйа империята тэтимнээхтик сайдан иһэрэ. Кини национальнай баалабай бородууктата, холобурдаан тэҥнээтэххэ,  билиҥҥи Кытай киэнинээҕэр бырыһыанынан улахана. Оннук кыаҕыра сылдьар кэмигэр биһиги курдук аҕыйах ахсааннаах омуктар бэйэлэрэ суруктаах-бичиктээх, тыллаах-өстөөх буоллуннар, онтукаларын сайыннардыннар диэн өйөөн, генерал-губернатор хаһыат таһаарарга анал көҥүлү биэрэн, усулуобуйа тэрийэннэр, “Саха дойдута” күн сирин көрөр.  

Ити тугу туоһулуур? Арассыыйа судаарыстыбатыгар биһиги сахалар урут-уруккуттан бэйэбит тылбытын, үгэспитин, култуурабытын сайыннарар кыахтаах этибит диэн. Ол аата биһиги 390 сыл анаараа өттүгэр сөптөөх быһаарыныыны ылыммыппыт.

Өйдүүргүт буолуо, 90-с сылларга улахан мөккүөр бара сылдьыбытын: “Саха Сирэ Арассыыйа судаарыстыбатыгар баҕа өттүнэн холбоспута дуу, биитэр сэриилээн ылбыттара дуу?” диэн. Улуу профессор Георгий Башарин теориялаах, онно “добровольно” диэн этиллэр. Кини уонна кэргэнэ Калисфена Ивановна куруук этэллэрэ: “Бу курдук биир остуолга олорон, тэҥҥэ кэпсэтэллэрин туһугар саха омук нуучча судаарыстыбытыгар  баҕа өттүнэн холбоспута”, -- диэн. Ол кэнсиэпсийэни биһиги эмиэ өрө тутуоххайыҥ. Биһиги бэйэбитин хаһан да кимиэхэ да баттаппатах норуоппут. Онон Арассыыйа састаабыгар баҕа өттүбүтүнэн киирбиппит 390 сылынан бу тиэмэни оруннаахтык сырдатаргытар көрдөһөбүн. Аны 10 сылынан нуучча норуотун кытта иллээхтик олорбуппут 4 үйэлээх улахан үбүлүөйэ буолуоҕа.

Үсүһүнэн, итиннэ даҕатан эттэххэ, билигин дойдубутугар тыҥааһыннаах соҕус кэмнэр буола тураллар. Ол иһин дьон-сэргэ суруналыыстартан балаһыанньаны барытын сөпкө быһааран сырдаталларын эрэйэр, көһүтэр. Кинилэр Арассыыйа маннык быһыыга-майгыга ханнык суолунан сайдыахтааҕын, салгыы хайдах буолуохтааҕын, геополитика боппуруостарын, өрөспүүбүлүкэбит бу күчүмэҕэй кэмҥэ экэниэмикэтин, бүддьүөтүн – бүттүүнүн ырытан, анааран суруйаргытын күүтэллэр. Дьоҥҥо объективнай информацияны биэрэргитигэр баҕарабын.

Норуот дьокутаата Мария Христофорова өрүү суруналыыстар бырааптарын, көмүскэллээх буолууларын, өйөбүл миэрэлэрин туруорсар, онуоха бырайыага да элбэх. Сорох өттүн олоххо киллэрэр кыаллыа, сороҕо үптэн-харчыттан харгыстанар. Ол гынан баран, перспектива баар, көмө, өйөбүл буоларга бэлэммит, Ил Түмэн эһигини өйүүргэ үлэлэһэр.

  • 2
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением