27 сентября 1990 года Верховным Советом Якутской-Саха ССР XII созыва во главе с Михаилом Николаевым была провозглашена Декларация о государственном суверенитете республики, положившая начало новому этапу в истории Якутии: Якутская АССР была преобразована в Якутскую-Саха Советскую Социалистическую Республику в составе РСФСР и СССР, а через год Якутская-Саха ССР была переименована в Республику Саха (Якутия).
Сегодня, обладая значительным производственным, интеллектуальным, инвестиционным потенциалом, богатыми природными ресурсами, Республика Саха (Якутия) под руководством Главы Республики Саха (Якутия) Айсена Николаева вносит существенный вклад в укрепление отечественной экономики, образования, науки и культуры, здравоохранения, промышленности, социальной сферы.
Государственное Собрание (Ил Тумэн) успешно обеспечивает правовую основу социально-экономического развития республики, совершенствует региональный законотворческий процесс. Вместе с чем добивается устойчивый рост реальных доходов населения, эффективное управление территориями, динамичное развитие конкурентоспособных базовых отраслей экономики.
В этом году мы столкнулись с непредсказуемым весенним половодьем: пострадали жилые дома, сельскохозяйственные угодья, объекты инфраструктуры. Вся республика принимает участие в восстановлении пострадавших территорий, в оказании гуманитарной помощи: хозяйствующие субъекты, общественные организации и движения, добросердечные граждане, скоординированные оперативно созданными поистине народными штабами. От всего сердца благодарю всех добровольцев и волонтеров, профессиональных спасателей, дорожников, работников образования, водителей, трактористов, государственных и муниципальных служащих за бескорыстную работу, проведенную, невзирая на время суток, усталость и сложности. Когда есть понимание и доверие между людьми, всего можно добиться. В этом я вижу силу нашей республики, нашего многонационального народа.
Дорогие якутяне! Сердечно поздравляю вас с Днем государственности! Желаю всем вам крепкого здоровья, благополучия в семьях и новых свершений во имя процветания родной республики и нашей великой Родины – России!
А.И. ЕРЕМЕЕВ,
Председатель Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия)
Күндү Сахам сирин дьоно!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин уонна тус бэйэм ааппыттан Государственность күнүнэн эһигини ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!
Саха сирин устуоруйатыгар саҥа кэрдииһи олохтообут өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан декларация Михаил Николаев салайбыт XII ыҥырыылаах Саха ССР Үрдүкү Сэбиэтинэн 1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр биллэриллибитэ: Саха АССР кубулуйан РСФСР уонна ССРС састаабыгар Саха Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэ дэммитэ, оттон биир сылынан Саха ССР аата уларыйан Саха Өрөспүүбүлүкэтэ диэн буолбута.
Оҥорон таһаарыы, өй күүһүн, инбэстииссийэ улахан ис кыаҕын, айылҕа баайын бас билэн дойду экэниэмикэтин, үөрэҕин, наукатын уонна култууратын, доруобуйатын харыстабылын, бырамыысыланнаһын, социальнай эйгэтин бөҕөргөтүүгэ Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Ил Дархан Айсен Николаев салайыытынан бүгүн сүҥкэн кылааты киллэрэр.
Судаарыстыбаннай Мунньах (Ил Түмэн) өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай сайдыытын быраап өттүнэн төрдүн ситиһиилээхтик хааччыйар, эрэгийиэҥҥэ сокуону оҥоруу хаамыытын тупсарар. Ону кытта нэһилиэнньэ дьиҥнээх дохуотун халбаҥнаабат гына улаатыннарар, сири-уоту көдьүүстээхтик салайар, экэниэмикэ күрэстэһэр кыахтаах сүрүн салааларын эрчимнээхтик сайыннарар.
Быйыл күүтүллүбэтэх сааскы халааны көрүстүбүт: олорор дьиэлэр, ходуһалар, инфраструктура эбийиэктэрэ эмсэҕэлээтилэр. Эмсэҕэлээбит сирдэри чөлүгэр түһэриигэ, гуманитарнай көмөнү оҥорууга бүтүн өрөспүүбүлүкэ кыттыһар: ыксалынан оҥоһуллубут чахчы норуодунай ыстааптарынан сүрүннэммит хаһаайыстыба субъектара, уопсастыбаннай тэрилтэлэр уонна хамсааһыннар, амарах дьон. Суукка бириэмэтиттэн, сылайартан, уустуктартан иҥнибэккэ ыыппыт үтүө санаалаах үлэлэрин иһин волонтердарга, идэтийбит быыһааччыларга, суол, үөрэх үлэһиттэригэр, суоппардарга, тырахтарыыстарга, судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспалаахтарга ис сүрэхпиттэн махтанабын. Дьон ыккардыгар өйдөһүү, эрэнсии баар буоллаҕына, барытын ситиһиэххэ сөп. Өрөспүүбүлүкэбит, элбэх омуктаах норуоппут күүһүн итиннэ көрөбүн.
Күндү Сахам сирин дьоно! Государственность күнүнэн эһигин истиҥник эҕэрдэлиибин! Барыгытыгар кытаанах доруобуйаны, дьиэ кэргэҥҥитигэр уйгуну, төрөөбүт өрөспүүбүлүкэбит уонна улуу Дойдубут – Россия чэчирии турарын туһугар үтүө түмүктээх үлэни баҕарабын!
А.И. ЕРЕМЕЕВ,
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ
Источник iltumen.ru
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0