Истээччи: Учууталлар сийиэстэрэ 1-2 күнүнэн бүтэн хаалар. Туох даҕаны улахан боппуруостары кыайан быһаарбаттара буолуо диэн сэрэйэбин. Икки күн иһигэр аҥаара өрөгөйдөөх тэрээһиннэр, эҕэрдэлээһиннэр, наҕараадалааһыннар буолуохтара.
Алевтина Аргунова: Биһиги 10 күнү быһа мунньахтаатыбыт. Балаҕан ыйын 27 күнүттэн алтынньы 7 күнүгэр дылы. Уон күнү тиритэн-хорутан, дэлэгээттэргэ барыларыгар интэриэһинэй буоллун диэн араас былаһааккалары тэрийбиппит. Ону таһынан, Ил Түмэн дьокутааттарын кытта көрсүһүү буолбута. Туох баар муниципальнай тэриллии баһылыктара биһиэхэ дэлэгээт быһыытынан кэлбиттэрэ. Ол курдук, улахан төгүрүк остуол буолбута. Онно биһиги улуус аайы баар проблеманы ырытаммыт, бииргэ түмсэн бу проблеманы быһаарыахпыт диэммит кэпсэтии барбыта. Министиэристибэлэргэ эмиэ көрсүһүүлэр буолбуттара. Ол аата Педагогика дэкээдэтин киэҥник, далааһыннаахтык ыыттыбыт диэн олоробут.
Ыытааччы: Арассыыйа бэрэсидьиэнин ыйааҕынан 2023 сыл Педагог уонна настаабынньык сылынан биллэриллибитэ.
Алевтина Аргунова: Бу олус тоҕоостоох быһаарыы дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, педагогтар инники күөҥҥэ сылдьыахтаахтарын бары өйдүүбүт. Кинилэр оскуола иннинээҕи үөрэхтэн саҕалаан орто уонна үрдүк үөрэхтэргэ тиийэ дойдубут гражданнарын, саҥа лиичинэстэри иитэн таһаараллар. Манан сибээстээн Ил Дархан Айсен Николаев учууталлары уонна настаабынньыктары өйүүргэ 36 муниципальнай оройуоҥҥа 100 тыһыынча солкуобайдаах бириэмийэлэри олохтообута. Хааччаҕынан сибээстээн өр буолбакка сылдьыбыт оскуола оҕолоругар спартакиадалары быйыл дьэ ыытан эрэбит. Уонна Айсен Сергеевич көҕүлээһининэн 25 орто профессиональнай үөрэх тэрилтэлэригэр 5 сыл иһигэр капитальнай өрөмүөннэр оҥоһуллуохтаахтар. Биһиги холобурбутунан орто үөрэх трэилтэлэригэр капитальнай өрөмүөн бырагыраамата федерация таһымыгар тахсара буоллар, бэрт буолуо этэ.
Ыытааччы: Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана 35 диэри саастаах 3000 педагог олорор дьиэлэрэ тупсарыллыан наада диэн эппитэ. Манна туох миэрэ көрүллэрий?
Алевтина Аргунова: Кэлэн иһэр Педагог уонна настаабынньык сылыгар учуутал идэтин престиһигэр ордук болҕомто ууруллуоҕа. Педагог ыстаатыһа үрдүөхтээх. Хомойуох иһин, билигин учууталлар тиийбэттэрэ баар суол. Онон эдэр дьон бу идэҕэ сысталларын көҕүлүөххэ наада. Холобур, «Аартыка учуутала» бырагырааманан Аартыка оройуоннарыгар үлэлии барар эдэр учууталлар олорор дьиэнэн хааччыллаллар.
Ыытааччы: Учууталлартан элбэх кумааҕы отчуоту ирдииллэр. Бу тиһиги сааһылыырга туох былааннааххытый?
Алевтина Аргунова: Биһиэхэ манна атырдьах ыйыгар бигэргэммит цифровой стратегия көмөлөһүөн сөп. Улахан дааннайдары салайар автоматизированнай тиһик баар. Манна олоҕуран үөрэх тэрилтэлэрин таһымыгар отчуоттары оҥоруохха сөп. Учууталы, кылаас салайааччытын кумааҕы волокитатыттан босхолуурга болҕомто ууруохпут.
Ыытааччы: Бу тиһик хаһан олоххо киириэй?
Алевтина Аргунова: Бу хайысхаҕа үлэлии сылдьабыт. Билигин үөрэх тэрилтэлэригэр электроннай сурунааллар бааллар. Онон учуутал үлэтэ салгыы даҕаны судургутуйан иһиэхтээх.
Истээччи: Уус Алдантан Сандаман Дьааканап. Үчүгэй 14-с сийиэс буолан ааспыт. Ол эрэн, биһиги, тыа дьонноро, мунаахсыйабыт. Бастатан туран, оҕолорбутугар, сиэттэрбитигэр ЕГЭ боппуруоһа хайдах хаалла? Иккиһинэн, учууталлар үчүгэй бачыымы көтөхтүлэр. Оннооҕор үөрэхтэрин быраҕан туран сэриигэ бардылар. Төһө учуутал итинник барда уонна хантараагынан бардылар дуо? Уонна министиэристибэлэр үлэһиттэрэ, дьокутааттарбыт учууталлар курдук тоҕо өрө көтөҕөн барбаттарый?
Алевтина Аргунова: ЕГЭ формата оннунан хаалар. Тоҕо диэтэххэ, оҕо тыа сиригэр олорон эрэн докумуонун 5 тэрилтэҕэ биэриэн сөп. ЕГЭ – хаачыстыбаны кээмэйдиир сүрүн механизм буолар. Иккис ыйытыыга эппиэттиир буоллахха, биһиэхэ эмиэ хомуурга ыстаап баар. Ол гынан баран, хомуурга хас учуутал барбытын көрдөрөр дааннайбыт суох. Ханнык баҕарар кэмҥэ ийэ дойдуну көмүскүүр патриотическай санаа хас биирдии киһиэхэ туспа киирэр.
Биэриигэ учууталлар уонна педагогтар 14-с сийиэстэрин дэлэгээтэ, Амма улууһунааҕы үөрэх управлениетын начаалынньыга Юрий Шишигин төлөпүөннээн тиийдэ:
- Мин 3 сийиэс дьоллоох кыттааччыта буолабын. 2010 сыллаахха үөрэх тэрилтэтин эдэр салайааччытын быһыытынан ыҥырыллыбытым. Иккистээн уонна үһүстээн үөрэх управлениетын начаалынньыгын быһыытынан кыттыбытым. Онон билиҥҥи сийиэс уруккулардааҕар туох үтүө өрүттэрдээҕин тэҥниир бырааптааҕым буолуо. Бастаан ыытыллар бириэмэтин бэлиэтиэхпин баҕарабын. Арассыыйа Федерациятыгар уонна өрөспүүбүлүкэҕэ уустук кэмҥэ олус үчүгэй таһымнаахтык тэрийэн ыыттылар. Балаҕан ыйын 27 күнүгэр Педагогика дэкээдэтэ саҕаламмыта. Дэкээдэ иккис чааһа сийиэһэ кытта сөп түбэстэ. Элбэх тэрээһин, дьүүллэһэр былаһаакка оҥоһулунна. Быйыл хардарыта сибээс баар буолан, биһигини иһиттилэр, хас биирдии дэлэгээт санаатын аһаҕастык эттэ. Биһиги улууспутуттан 15 киһи кыттыыны ылла. Ол курдук, дэлэгээссийэ састаабыгар экэниэмикэ миниистирэ Майя Данилова, Үөрэҕи сайыннарар институт сүбэһитэ, педагогика наукаларын дуоктара Галина Алексеева киирбиттэрэ. Бэлиэтээн эттэххэ, эһиилги Педагог уонна настаабынньык сылыгар Ил Дархан настаабынньыктарга граннары биллэрбитэ. Оттон тыа сиригэр үлэлии барар учууталлар Уһук Илин ипотекатыгар кыттар кыахтаналларын туһугар улуустар, нэһилиэктэр баһылыктара сир учаастактарын аныылларыгар соруйда. Үөрэх министиэристибэтэ быйыл 100 сылын бэлиэтиир. Онон педагогтары барыларын эҕэрдэлиибин! Уонна түмүгэр үөрүүлээх сонуну үллэстиэм этэ. Өрөспүүбүлүкэтээҕи интэринээт лиссиэй учуутала Виктор Потапов Арассыыйа Федерациятын народнай учууталын аатын ылла.
Ыытааччы: Алевтина Петровна, билигин оҥоһулла сылдьар көрүк туһунан кыратык кэпсии түс эрэ.
Алевтина Аргунова: 14-с сийиэс пленарнай мунньаҕар дэлэгээттэр резолюция ылыммыттара. 2032 сылга диэри сайдыы көрүгүн туһунан хас да былаһааккаҕа дьүллэспиппит. Бу көрүк уратыта – үөрэх аһаҕас буолуута уонна тохтообот үөрэх глобальнай тиһигин тэрийии. Үөрэх бары көрүҥүн аһаҕас буолуута, цифровой эйгэҕэ тиийимтиэтэ, хаачыстыбатын үрдээһинэ, талааннаах оҕолору булуу, салайар каадырдары бэлэмнээһин, эдэр учууталлары өйөөһүн – бастыҥ соруктарбыт буолаллар. Предметник учууталлар Арассыыйа бастыҥ методическай кииннэригэр ыстаастаныахтаахтар. 2032 сылга диэри бириэмэбит элбэх дии саныыбын. Педагогтар, дьокутааттар, төрөппүттэр идиэйэлэрэ бу көрүк тирэҕэ буолуохтара. Мантыбыт Ил Дархан ыйааҕынан туспа дьаһал быһыытынан тахсыаҕа. Баһаам элбэх үлэ ыытылынна. Бу үлэ түмүгэ хайаан да биллиэҕэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0