Феодосия Габышева, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Наукаҕа, үөрэххэ, култуураҕа, сонуну киэҥник тарҕатарга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:
- Убаастабыллаах кэллиэгэлэр! Маннык көрсүһүүлэр сүрдээҕин наадалар. Үгүскүт 90-с сыллары өйдүүр буолуохтааххыт. Мин тоһоҕолоон туран этиэхпин баҕарабын, хомуньуус былааһа олохтонуоҕуттан, ол инниттэн даҕаны төрөөбүт тылынан үөрэтии боппуруостара син биир бааллар этэ. Үөрэх эйгэтэ туох киһитэ салайан олороруттан сүрдээх улахан тутулуктаах. Мин Шарин Николай Иванович оруолун тоһоҕолоон этэбин. 60-с сылларга нууччалыы үөрэтиигэ көһүү кэмигэр бэйэтин тылынан үөрэтиини 3 субъект тутан хаалбыта – Татарстан, Башкортостан уонна Саха Сирэ. Кини күүстээх быһаарыныыны ылбытын түмүгэр бүгүн биһиги бэйэбит региональнай, национальнай систиэмэлээхпит диэн этэбит. Ол кэмҥэ хааччах суох кэриэтэ буолбута. «Суверенитеты төһө баҕарар ылыҥ» диир кэм баар этэ. Ол кэмҥэ биһиэхэ кэнсиэпсийэ оҥоһуллан, сүрдээх элбэх үлэ барбыта. Араас түмүктэр баалларын эмиэ бэркэ билэҕит. Ол гынан баран, сүнньүн биһиги тутан хаалан илдьэ сылдьабыт.
Федеральнай таһымҥа туох үлэ ыытыллыбытын өссө төгүл санатыахпын баҕарабын. Бастатан туран, Конституцияҕа уларыйыы киирдэ. Бэйэбит Конституциябыт 22 ыстатыйатын 4 пуунугар төрөөбүт тылы эрэ буолбакка, национальнай, этнокультурнай уо.д.а. уратыларбытын учуоттуохтаахпыт диэн этиллибитэ. Арассыыйа Федерациятын таһымыгар кэмпириэнсийэлэргэ, хамыыһыйаларга мин элбэхтэ үлэлэһэн бэйэм уопуппуттан этиэхпин баҕарабын. Биһиги ол саҕана төрүт омуктар оскуолаларын чинчийэр институттаах, научнай структуралаах буоламмыт, Арассыыйа таһымыгар «Этнокультурнай үөрэх кэнсиэпсийэтэ» диэн киирэ сылдьыбыта. Ефремова Лариса Ивановна ол саҕана департамеҥҥа үлэлии олорор кэмэ этэ. Биһиэхэ кэлэннэр сүрдээҕин ырыппыттара, кэнсиэпсийэни дьүүллэспиппит. Кэллиэгийэбит сөбүлэспитэ, гынан баран, салгыы барбатаҕа. Ол да буоллар, биһиги уопуппут үөрэтэр атын субъектар элбэхтэр. Инники иһэр субъект курдук көрөллөр. Онон биһиги бэйэбит уопуппутун чиҥэтэн, чопчулаан инники кэскилбитин көрүөххэ. Министиэристибэ ыытар бэлиитикэтиттэн сүрдээх элбэх тутулуктаах. Төрөөбүт тылын туһугар үлэлиир, ыалдьар, тэрийэр хас биирдии киһиттэн эмиэ сүрүн түмүк тутулуктаах буолар. Мин даҕаны ханна да буолбутум иһин, төрөөбүт тылы үөрэтиини киллэриигэ син биир көмөлөһүөҕүм, ирдиэҕим.
Алевтина Аргунова, үөрэх миниистирин солбуйааччыта:
- Күндү доҕоттор! Бары билэрбит курдук, иккис сийиэспит буолаары турар. Атырдьах ыйыттан биһиги оробуочай бөлөх быһыытынан хаста даҕаны мустан үлэлээтибит. Сийиэспит сүрүн ирдэбилэ – кэнсиэпсийэни ырытыы, бигэргэтии. Мин санаабар, бу кэнсиэпсийэ болдьохтооох буолуохтаах. 2032 сылга дылы дуу, 2050 сылга дылы дуу буолара быһаарыллыахтаах. Сахабыт тылын, литературатын, култууратын билигин үөрэнэ сылдьар оҕолорго, төрөппүттэргэ хайдах быһыылаах-майгылаах тиэрдэрбитин ырытыһыахпыт. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Сергей Васильевич Местников бу сийиэс тэрийэр кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ буолла. Кини сүрүн этэр санаата – бу сийиэс учууталларга ананар. Саха норуотугар сүрдээх улахан суолталаах докумуону, бу кэнсиэпсийэни тиһэҕэр тиэрдэр туһугар учууталлар үөрэ-көтө көрсөллөр, санаа үллэстэллэр. Аптаныамыйаны ылыммыппыт быйыл 100 сыла буолла. Маннык историческай түгэҥҥэ кытта сылдьарбыттан мин олус долгуйабын. Сахабыт Сирин оскуолаларын 70%-а – тыа оскуолалара. Ол тыа оскуолаларыгар саха тыла, литературата син биир үөрэтиллэ турар буоллаҕа дии. Оттон куорат оскуолаларыгар саха тылын, литературатын, олоҥхотун, төрүт култууратын киллэриэхпитин наада диэн саныыбыт. Бары түмсэммит, омук быһыытынан бэйэни билиниибитин көтөҕөммүт турунан үлэлиэхтээхпит. 1992 сыллаахха национальнай кэнсиэпсийэ ылылларыгар ыарахаттар баар этилэр. Оттон билигин 21-с үйэҕэ информационнай сэрии буола турар. 1941 сыллаахха хомуурга ыҥырыллыбыт дьоннор тиэхиньикэнэн, сэриинэн ытыалаһар буоллахтарына, билигин сүрүн ньыма – информационнай сэрии диэн буолар. Маны күүстээх санаалаах киһи эрэ тулуйар. Онон национальнай кэнсиэпсийэ иккис тыынын ылан кэлэр көлүөнэҕэ сүрдээх улахан дуоннаах үлэ барыаҕа диэммин эрэнэбин.
Вилюяна Никитина, «Ийэ тыл» түмсүү салайааччыта:
- Үтүө күнүнэн! Билигин саха тылын үөрэтии кэнсиэпсийэтэ оҥоһуллуохтаах. Онно сороҕор иитиини кыбытыах курдук буолабыт диэн көрөбүн. «Этнокультурнай иитии» диэн киэҥ хайысха туспа буолуохтаах дии саныыбын. «Аартыка тылларын экологията» диэн лабораториялаахпыт. Мин онно үлэлии сылдьабын. Ол чэрчитинэн оҕолор сахалыы саҥарар таһымнарын чинчийэ сылдьабыт. Ол чинчийии тэттик түмүгүн сийиэскэ кэпсиэхпин сөп буолуо. Оттон дьиҥнээх түмүгэ аны саас биирдэ тахсыаҕа. Ол тэттик түмүгүнэн сибилигин эттэххэ – оҕолор оннооҕор сахалыы нэһилиэктэргэ сахалыы олох саҥарбат буолбуттар. «Сүүс» диэн тугун билбэттэр. «Бу тугуй?» диэн ыйыттахха, «лоб» дииллэр. 100 оҕоттон 4 эрэ оҕо сахалыытын билэр. «Оттон “сүүс” диэн тугун билэҕит дуо?» диэн ыйыттахха, син төһөтө эрэ «бу» диэн этэр. Ол аата өйдүүр эрэ таһымҥа тиийбиттэр. «Кэтэх» диэни 1-2 эрэ оҕо билэр. Ама «чанчык», «чэчэгэй» диэни билиэхтэрэ дуу? Суох, билбэттэр. Ол иһин оҕо саҥарар дьоҕурун сайыннарыахтаахпыт. Билигин саамай улахан болҕомтону ситимнээх саҥаҕа ууруохтаахпыт. Холобура, Дьокуускай куоракка «Прометейы» чинчийэн көрдүбүт. 86%-а саха тылын билиэхтээхпит диэтилэр. Ол гынан баран, 51%-а «саха тылын предмет эрэ курдук үөрэтэбин, сахалыы үөрэниэхпин баҕарбаппын» диэтэ. 38 эрэ бырыһыана «сахалыы үөрэниэхпин баҕарабын» диэни талла. Бу тугу этэрий? «Мин саха тылын билиэхтээхпин эрээри, предмет эрэ быһыытынан үөрэтиэхтээхпин» дииллэрэ төрөппүт өйдөөбөтүн көрдөрөр. «Предмет эрэ быһыытынан аҕыйах чаас үөрэттэхпинэ, мин саха тылын билэбин» дии саныыр. Суох, манна иитии улахан суолталаах. Үөрэтии эрэ буолбатах, иитии. Дьокуускайга 3 сахалыы оскуола, оттон сахалыы-нууччалыы үөрэтэр 17-с оскуола баар. Билигин биһиги маннык диэн этэбит – саҥа оскуола тэриллиэхтээх, сахалыы иитиилээх эрээри, нууччалыы кылаастардаах буолуон сөп. Иитиитэ сахалыы барыахтаах. Холобур, ыһыах ыһыахтаахпыт, тыл күнүн бэлиэтиэхтээхпит, олоҥхо, хоһоон күрэхтэрин ыытыахтаахпыт. Биллэн турар, ол оройуоҥҥа нууччалыы диэбит төрөппүттэр бааллар, ону ханна гыныахпытый? Онно нууччалыы кылаастар баар буолуохтараын сөп буоллаҕа дии. Ол гынан баран, ити кылаастарга предмет быһыытынан, судаарыстыбаннай тыл быһыытынан үөрэтии барыахтаах. Аны төрөппүттэр сахалыы үөрэтиини тоҕо талбаттарын наһаа ыарахан диэн быһаараллар. Наһаа ыарахан диэн өйдөбүл хантан кэлбитий? Саха тылын предмет быһыытынан үөрэтиини аһара лингвистикалаан, грамматикалаан кэбистибит. Оҕолорбут саҥарар таһымнарын үрдэтэн баран, онтон грамматиканы дириҥэтэн иһиэхтээхпит. Аны учууталлар оҕолору сахалыы саҥарарга хайдах үөрэтиэхтээхпитин билбэппит дииллэр. «Төгүрүк» диэни син биир «круг» дии сылдьаллар. Оттон төрөппүт оҕотун сахалыы иитиэн баҕарар, ол эрээри, хайдах гынан оҕотун сахалыы саҥардарын билбэт. Билэр дьоннор оскуолаҕа бааллар, кинилэр үөрэтиэхтэрэ, ирдиэхтэрэ, сахалыы саҥардыахтара дии саныыллар. Онон төрөппүттэргэ анаан ликбез барыахтаах.
***
Айыы кыһатын салалтата мунньаҕы өйөөбүтүн иһин улахан махталбытын этэбит. Этиллибит идиэйэлэр учууталлар сийиэстэригэр чопчуланан, оннуларын булан, бигэрэгэтиллэн сахабыт тылын кэскилэ кэҥииригэр төһүү күүс буолуохтара диэн эрэнэбит.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0