Социальнай көмөнү оҥорууну кэҥэтии
Алтынньы 14 күнүгэр Саха Сирин бырабыыталыстыбатын чилиэннэрэ, норуот дьокутааттара «Уһук Илин эрэгийиэн нэһилиэнньэтин үлэ уонна социальнай көмүскэл эйгэтигэр сокуону тупсарыы» туһунан тиэмэҕэ Госдума үлэҕэ, социальнай бэлиитикэҕэ уонна бэтэрээннэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэстэбиитэллэрэ кыттыылаах төгүрүк остуол тула кэпсэттилэр. Дьүүллэһии интерактивнай эрэсииминэн барда уонна дойду субъектарынан сокуону оҥорор уонна ситэриилээх былаас уорганнарын бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ылалларыгар кыаҕы үөскэттэ.
Дьүүллэһии мунньах түмүгүнэн дойду бырабыыталыстыбатыгар, Госдума дьокутааттарыгар уонна дойду Үлэҕэ уонна социальнай көмүскэлгэ министиэристибэтигэр туһуламмыт киэҥ хабааннаах мэктиэ тылларын бырайыага оҥоһулунна.
Тэрээһини Госдума үлэҕэ, социальнай бэлиитикэҕэ уонна бэтэрээннэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин маҥнайгы солбуйааччыта Елена Цунаева иилээн-саҕалаан арыйда:
— Биһиги элбэх боппуруостары ырыттыбыт — пенсиянан хааччыйыы, социальнай өйөөһүн, доруобуйаларынан хааччахтаах дьону дьиэнэн-уотунан хааччыйыы, реабилитациялыыр кииннэри тэрийии, уо.д.а. Сорох сытыы кэлим боппуруостар өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар, Уһук Илин эрэгийиэҥҥэ биирдиилээн дьон үлэлиир усулуобуйаларын, уратыларын учуоттааһынын эмиэ таарыйдылар.
Билигин Госдумаҕа эһиилги сыллааҕы бүддьүөтү уонна кэлэр 2024-2025 сс. үп сүрүн докумуонун көрүүтэ саҕаланна. Маныаха дьүүллэһиигэ этиллибит боппуруостар сүрүннээн эмиэ хабылыннылар. Тоһоҕолоон эттэххэ, дойду үрдүнэн баар ыарахаттары көрсөн да баран, кэмитиэт мунньаҕын маҥнайгы ааҕыытыгар кэлэр сыллааҕы бүддьүөт социальнай суолталаах хайысхаланна. «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа көҕүлээн киллэрбит, ону сэргэ ааспыт сылга биһиги куоластаан талбыт социальнай мэктиэлэрбит, быйылгы бүддьүөккэ уларыйбатылар, оннуларынан хааллылар, — диэн дьокутаат кэпсиир.
Мунньах хаамыытынан араас социальнай бырагыраамалар федеральнай бүддьүөттэн сөптөөх өйөбүлгэ наадыйыыларын туһунан кэккэ боппуруостар көтөҕүлүннүлэр, ол иһигэр аҕам саастаах дьону, инбэлииттэри, дотациялары, Аартыка оройуоннарынан үлэһит дьон коэффициеннарын биир халыыпка киллэрии ырытылынна.
Киһи бырааба күөмчүлэниэ суохтаах
Тэрээһиҥҥэ эҕэрдэ тылы Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко эттилэр. Парламент спикерэ Госдума кэмитиэтигэр Уһук Илин эрэгийиэн уокуруктарын уонна Саха Сиригэр тыҥаан турар социальнай хааччыйыы боппуруостарын таарыйар тиэмэни дьүүллэһиини тэрийбиттэригэр махтал тылларын анаата. Итини сэргэ, Госдума дьокутаатыгар Галина Данчиковаҕа Дьокуускайга билиҥҥи кэмҥэ суолталаах төгүрүк остуол тэрийиитин көҕүлээбитигэр махталын биллэрдэ.
Кини иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэ өттүттэн Госдумаҕа дьоҕус уонна орто урбаан эйгэтигэр көрүллэр социальнай мэктиэлэр, чэпчэтиилэр боппуруостара сөптөөхтүк туруорулуннулар. Сахаларга былыргыттан билиҥҥэ диэри умнуллубакка кэлбит биир сүрүн дьарыктарыгар, бултааһыҥҥа уонна балыктааһыҥҥа, төрүт дьарыктарынан оҥостубут дьоҥҥо пенсияларынан хааччыллыыларын боппуруоһа көтөҕүлүннэ. Ол курдук, билиҥҥитэ, докумуонунан кинилэр тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин категориятыгар киирбэттэр. Маны сэргэ, бүддьүөт эйгэтин «прочие» категория үлэһиттэрин хамнастара эмиэ сытыытык турда.
— Бу категорияларга социальнай педагогтар, сорох мэдиссиинэ үлэһиттэрэ хабыллаллар. Кинилэр квалификациялаах, үрдүк үөрэхтээх исписэлиистэр, ол эрэн, тус сыаллаах категорияларын хамнастара алын мэдиссиинэ үлэһиттэрин кытта тэҥ. Бу сыыһа, сөбө суох. Инникитин, ылыныллыбыт докумуоннары сокуоҥҥа сөп түбэһиннэриигэ биһигини көдьүүстээх үлэ күүтэр. Оччотугар, систиэмэлээх үлэ барыаҕа, — диэтэ Алексей Еремеев, - Уһук хоту уонна Аартыка оройуоннарыгар олорор дьон судаарыстыбаннай өйөбүлү барытын туһаныахтаахтар,— диэн тоһоҕолоото.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина этэринэн, Саха Сирин салалтата Ил Түмэни кытта сүрүн боппуруоһунан федеральнай таһымҥа бүддьүөт эйгэтин үлэһиттэрин хамнастарын үлэлэрин таһымыттан уонна тус квалификацияларыттан тутулуктаах буоларын ситиһиитэ көрүллүөхтээх.
— Өрөспүүбүлүкэҕэ социальнай төлөбүрдэр индексацияланалларыгар тустаах быһаарыныылары кэмигэр ылынабыт. 2022 сылга Саха Сиригэр «прочие» категория бүддьүөт үлэһиттэригэр хамнас сыл саҕаланыыта 3,6%-ҥа, салгыы 6,4%-ҥа диэри үрдэтиллибитэ. Хамнас алын кээмэйэ 10% улаатан, билигин баар дифференциацияҕа тэҥнэстэ. Ол эрэн, базовай төлөбүрдэри олохтооһуҥҥа кытаанах федеральнай бэрээдэктээһин баар буолара ирдэнэр. Иккис туруорсар сытыы боппуруоспут – анал байыаннай дьайыылар балаһыанньатыгар баар сокуоннары сөп түбэһиннэриитэ. Билигин быстах хомуурга хабыллыбыт гражданнар дьиэ кэргэннэригэр мэктиэлэри олохтооһунун ылынары уолдьаста. Үһүс боппуруоһунан, сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго анаммыт социальнай реабилитациялыыр кииннэри үбүлээһин. Бу тэрилтэлэргэ биир кэлим кээмэйдээх төлөбүр олохтонуохтаах уонна сөптөөх үбүлээһинэ көрүллүөхтээх, — диэтэ вице-премьер Ольга Балабкина.
Үлэ соруктара торумнанар
СӨ премьер-миниистирэ Андрей Тарасенко Госдума дьокутааттарыгар Саха Сирин социальнай көҕүлээһиннэрин өйүүллэрин уонна олоххо киирэллэригэр илэ бэйэлэринэн кэлэн кытталларын иһин махтанна. Итини сэргэ дойдубут Бэрэсидьиэнигэр уонна РФ бырабыыталыстыбатын чилиэннэригэр пандемия кэмигэр суһал быһаарыылары ылыммыттарыгар, ол түмүгэр эрэгийиэн экэниэмикэтэ бигэ туруктаах, халбаҥнаабат буолуутугар күһэллэн үлэлээбиттэригэр махтал тылларын анаата. Андрей Тарасенко бэлиэтииринэн, өрөспүүбүлүкэҕэ ордук элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ уонна кинилэр статустарын өйүүргэ дьоһун болҕомто ууруллар.
— Олорор дьиэнэн хааччыйыы бырагыраамалара, нолуок төлөбүрүгэр квоталар үлэлииллэр, цифровой сервистэр олоххо киирэн, судаарыстыба өҥөлөрүн тоҕоостоох оҥорор. Ордук, оҕо ииттэр дьиэ кэргэттэргэ ураты болҕомто ууруллар. 2022 сыл Саха Сиригэр Ийэ сылынан биллэриллибитэ, ол чэрчитинэн, ийэ буолууга уонна оҕо сааһы көмүскүүргэ эбии өйөбүл миэрэлэр ылыныллыбыттара. Холобур, «Үйэ оҕолоро» диэн 100 тыһ. солк. кээмэйдээх тус сыаллаах хапытаал ананар. Сотору кэминэн, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ сир учаастагын биэрии оннугар, олорор усулуобуйаларын тупсарыыга толуйуу харчы ананарыгар эрэгийиэннээҕи сокуон барыла оҥоһуллан Ил Түмэн көрүүтүгэр киириэҕэ.
Саха Сирэ – социальнай хааччыйыы эйгэтигэр бырайыактары оҥорууга көхтөөх кыттааччы, судаарыстыбаннай социальнай сакаас мэхэньиисимнэрин олоххо киллэрэр, маны тэҥэ, аҕам саастаах дьону уонна инбэлииттэри кытта үлэҕэ аныгы технологиялары туһанарга инники күөҥҥэ сылдьар. Билигин байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин өйүүр дьоһун сорук турар. Бу категория дьону өйүүргэ Ил Дархан тустаах уурааҕа ылыныллыбыта. Билигин даҕаны быһаарылла илик соруктар бааллар. Бүгүн итини дьүүллэһиэхпит уонна үлэ былаанын торумнуохпут диэн эрэнэбин, — диэн кини түмүктээтэ.
Дьокутааттар туруорсаллар
Салгыы видео-кэмпириэнсийэ сибээһинэн, РФ Үлэҕэ уонна социальнай көмүскэлгэ миниистири солбуйааччы, статс-сэкирэтээр Андрей Пудов уонна РФ Пенсионнай пуондатын бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин э.т. Сергей Чирков дакылааттарын аахтылар.
Андрей Пудов РФ Пенсия уонна социальнай страховкалааһын пуондалара холбоһоллорун туһунан иһитиннэрдэ. Сергей Чирков оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ, Пенсионнай пуонда нөҥүө бэриллэр, социальнай төлөбүрдэр көрүҥнэрин сырдатта. Үлэ уонна социальнай көмүскэл эйгэтигэр сокуону тупсарыы боппуруостарыгар норуот дьокутааттара уонна эрэгийиэн бырабыыталыстыбатын чилиэннэрэ Саха Сирин уопутун туһунан кэпсээтилэр.
Ил Түмэн Доруобуйа харыстабылыгар, социальнай көмүскэлгэ, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Чичигинаров «Ыраах сирдэргэ олорор дьон дьарыктаах буолууларын уонна үлэтэ суохтар интэриэстэрин көмүскүүр туһунан» тиэмэҕэ дакылаат оҥордо. Ил Түмэн Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах норуоттарын уонна Аартыка дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева Уһук хоту сир оройуоннарыгар тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин пенсиянан хааччыйар тыын боппуруостарын туруоруста.
Хотугу норуоттары өйүөххэ!
Владимир Чичигинаров этиитинэн, «Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун туһунан» федеральнай сокуонунан үлэтэ суох буолуу статуһун ыларга, эбэтэр учуокка турарга бэлиэтээһини хаттаан ааһарга, гражданин тус бэйэтэ баар буолара ирдэнэр.
— Ыраах сытар сирдэргэ олорор дьон дьарыктаах буолуу уорганнарыгар тиийэллэригэр тырааныспарга үгүөрү ороскуоттары көрсөллөр, сорох, арыт, ылар босуобуйаларынааҕар быдан элбэҕи ороскуотураллар. Аны туран суол-иис алдьаныытыттан сибээстээн, учуокка турааччылар тустаах тэрилтэлэргэ тиийэр кыахтара суох, бэлиэтэнэ тиийиэхтээх ыйыллыбыт болдьохторун куоттараллар. Холобур, дьарыктаах буолуу тэрилтэлэргэ болдьохторун куоттаран, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ортотунан ый ахсын 45% гражданнар учуоттан уһуллаллар. Түмүгэр судаарыстыбаннай өҥөлөрү туһамматтар, бырааптара күөмчүлэнэр.
Кини Саха Сирин парламена РФ «Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун туһунан» федеральнай сокуоҥҥа уларытыылары киллэрэн, ыраах сирдэргэ олорор үлэтэ суох дьон, интэриниэт көмөтүнэн (дистанционно), дьарыктаах буолуу уорганнарыгар учуокка турар бэлиэтэһиини ааһалларыгар эбии мэхэньиисими көрөллөрүгэр этии киллэрдэ.
Иккиһинэн, бу сокуоҥҥа олоҕуран, билигин үлэтин тохтоппут урбаанньыкка үлэтэ суох буолуу босуобуйата алын кээмэйинэн ананар.
— Дойду үрдүнэн урбаанньыттары өйүүргэ, үлэлиир усулуобуйаларын тупсарыыга араас таһымнаах кэккэ дьаһаллар ылыллаллара саарбаҕа суох. Ол эрээри, урбаанньыттар үлэлэрин тохтотор түгэннэригэр, инники дохуоттарыттан тутулуга суох, босуобуйалара алын кээмэйинэн ааҕыллар, — диэн Владимир Чичигинаров бэлиэтээтэ.
Кинилэр интэриэстэрин көмүскүүр сыалтан, норуот дьокутаата бу категория нэһилиэнньэҕэ, үлэтэ суох буолуу босуобуйатын муҥутуур кээмэйинэн олохтууру туруоруста.
— Үсүһүнэн, РФ Үлэ кодексатынан уонна РФ «Уһук Хоту уонна онно тэҥнэммит сирдэргэ үлэлиир дьон мэктиэлэрин уонна компенсацияларын туһунан» сокуонунан, бүддьүөт эйгэтигэр киирсибэт тэрилтэлэр үлэһиттэригэр, сынньалаҥҥа айаннаабыт бырайыастарын ороскуотун үлэ биэрээччи толуйуохтаах. Бу барыта кэлэктиип дуогабардарыгар, локальнай нуормалыыр аахталарга, уо.д.а. докумуоннарга олоҕурар. Ол эрэн, сорох дьоҕус уонна орто урбаан тэрилтэлэрэ үп өттүгэр көрсөр кыахтарыттан көрөн, үлэһиттэригэр ороскуоттарын толуйбаттар. Маныаха, Уһук Илиҥҥэ дьоҕус уонна орто биисинэс урбаанньыттара кыахтаах уонна барыыстаах буолууларын көҕүлүүргэ, эбии өйөбүлүнэн, үлэһиттэригэр бырайыас толуйуу уу харчынан компенсациянан көрүүтэ буолуон сөп.
Төрдүһүнэн, 122-с №-дээх федеральнай сокуон күүһүгэр киирэ илигинэ, 30 саастарын туола илик ыччакка, өскөтүн кинилэр бу этиллибит оройуоннарга биэс сылтан кырата суох олорбут буоллахтарына, Уһук хоту сир оройуоннарыгар уонна онно тэҥнэммит сирдэринэн хамнаска надбавка толору төлөнөрө.
Билиҥҥитэ дойдуга хоту оройуоннарынан хамнас бырыһыанын үрдэтии бириинсибинэн ааҕыллар. Аартыка оройуоннарыгар эдэр исписэлиистэри үлэҕэ ыҥырарга уонна олохсутарга, хамнас бырыһыанын үрдэтэр сыалтан, биэс сылтан итэҕэһэ суох сыл бу сирдэргэ үлэлээбиттэргэ хамнас алын кээмэйин олохтуур кыаҕы үөскэтиэххэ наада, — диэн Владимир Чичигинаров этии киллэрдэ.
Этиилэр төгүрүк остуол мэктиэлэрин бырайыагар киллэриллэн, инникитин өйөнүөхтэрэ диэн дьокутаат эрэбилин биллэрдэ.
Пенсия боппуруоһа тыын суолталаах
Елена Голомарева иһитиннэрбитинэн, «Страховой пенсиялар тустарынан» федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран, 80 саастарын туолбут аҕам саастаах дьоҥҥо, пенсионнай страховой чааһыгар фиксированнай төлөбүрэ икки төгүл үрдүүр. Эбии Уһук Хоту уонна онно тэҥнэммит сирдэргэ оройуонунан коэффициент эбиллэр. 2022 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ 80-наах уонна онтон үөһэ аҕа саастаах дьон ахсаана 13595 киһиэхэ тэҥнэһэр. Ити аҥардас нэһилиэнньэ ахсааныттан 1,5% (РФ үрдүнэн — 3,88%) буолар.
Аартыкаҕа киһи доруобуйата айылҕа туругуттан, социальнай усулуобуйаларыттан, экологияттан, олох-сиэр майгытыттан, астан-үөлтэн, мэдиссиинэ көмөтүттэн, эминэн-томунан хааччыллыыттан, тырааныспар ситимиттэн тутулуктанар. Уһук Хоту, чуолаан Аартыка оройуоннарыгар, олох уһуна орто көрдөрүүттэн намыһах — ыарытыйыы уонна киһи өлүүтүн көрдөрүүлэрэ үрдүк.
Маныаха, норуот дьокутаата Уһук Хоту эрэгийиэҥҥэ олорор аҕам саастаах дьону өйүүр сыалтан, олох хаачыстыбатын тупсарыыга, хотугу айылҕа уратыларын учуоттаан, страховой пенсияҕа фиксированнай үрдэтиллибит төлөбүрү 80-тан 75 сааска диэри намтатары туруоруста.
Иккиһинэн, бу сокуоҥҥа олоҕуран үлэлээбэт тыа сирин олохтоохторо, тыа хаһаайыстыбатыгар 30 сылтан кырата суох ыстаастаах буоллахтарына, страховой пенсияларыгар 25% эбиини олохтотоллор. Ол эрэн, сокуонунан маннык ыстааска оройуон коэффициена туһаныллыбат. 80 саастарын туолбут аҕам саастаах дьоҥҥо тыа хаһаайыстыбатын ыстааһыгар оройуон коэффициена эмиэ көрүллүбэт.
Үрдэтиллибит фиксированнай төлөбүрү олохтуурга, РФ бары гражданнарыгар, ханна олороруттан тутулуга суох, 30 сылтан намыһах буолуо суохтаах.
— Тыйыс килиимэт усулуобуйалаах сирдэргэ олорор, ордук Аартыка олохтоохторугар, уопсай ирдэбиллэри олохтоон, тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээбиттэр пенсияҕа тахсар алын ыстаастарын кээмэйин биэс сылга намтатарга, — диэн норуот дьокутаата Елена Голомарева этиннэ.
Кини иһитиннэрэринэн, тыа сирин олохтоохторун өйүүр сыалтан, пенсия олохтонор алын ыстааһын 30 сылтан 25 сылга диэри намтатан, маны тэҥэ оройуон коэффициеннарын олохтууру көрүөххэ наада диэн ыҥырда.
Үсүһүнэн, үгэскэ кубулуйбут төрүт дьарыктары өйүүргэ уонна аҕыйах ахсааннаах хоту норуоттар пенсионнай бырааптарын күөмчүлээбэт сыалтан, тыа хаһаайыстыбатын үлэ испииһэгэр «бултааһын» уонна «балыктааһын» диэн идэлэри киллэрэри туруоруста.
— Бу идэлэр аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэскэ кубулуйбут дьарыктара буолар — суола-ииһэ суох, ыраах сирдэргэ олорор дьоҥҥо үлэ миэстэтин таһаараллар. Тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрэ, кыыл пиэрмэлэрэ, уо.д.а. тэрилтэлэр үлэлииллэр. Ол эрээри, бу идэлэр тустаах испииһэккэ киирэ иликтэр.
Мантан сиэттэрэн, тыа хаһаайыстыбатыгар 30 сылтан кырата суох үлэлээбит тыа дьонугар, билигин үлэтэ суох пенсионердарга үрдэтиллибит фиксированнай төлөбүрү туһанарга быраап биэрэр сыалтан, «бултааһын» уонна «балыктааһын» көрүҥнэрин киллэрэри эттэ.
Итини таһынан норуот дьокутаата ветеринарнай салалталар (ветлабораториялар, ветучаастактар) үлэһиттэригэр, болдьох иннинэ, пенсия олохтууру эмиэ туруоруста.
Болҕомто — инбэлииттэргэ
СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова инбэлииттэр олохторун хаачыстыбатын тупсарыыга туһуламмыт сокуоҥҥа уларыйыылары киллэрэри туруоруста. СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Ольга Балабкина Уһук Илин олохтоохторугар социальнай өйөбүл мэктиэлэригэр уонна миэрэлэригэр ураты сыһыан баар буолуохтааҕын, нэһилиэнньэ ахсаана үрдүүрүн, ыччат олохсуйа хааларын стратегическай суолталаах тыын сорук буоларын туһунан этиннэ.
— Билигин Саха Сиригэр 56 тыһ. тахса инбэлииттэр олороллор, ол иһигэр 6 тыһ. — оҕолор. Өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуоннарга олоҕуран, инбэлиит-оҕолор реабилитациялыыр эбии тэхиниичэскэй тэриллэринэн хааччыллаллар, чэбдигирдэр кииннэригэр уонна идэ ылар үөрэх тэрилтэлэригэр бырайыастара төлөнөллөр, уо.д.а. өйөбүллэр оҥоһуллаллар.
Диализнай эмтэниигэ сылдьар инбэлииттэргэ саҥа өйөбүллэр олохтоммуттара. Холобур, ый ахсын диализ ылар сирдэргэ тиийэллэригэр уонна онтон төннөллөрүгэр, 3 тыһ. солк. материальнай көмө оҥоһуллар, олорор сирдэриттэн атын сиргэ олохсуйа көһөллөрүгэр ороскуоттарын сорох чааһын толуйаллар. Министиэристибэ иһинэн 3 улахан дьоҥҥо, 4 оҕолорго чэбдигирэр кииннэр тэриллэн үлэлииллэр. Манна сыллата 6 тыһ. тахса инбэлиит уонна инбэлиит-оҕолор доруобуйаларын чэбдигирдэллэр.
Министиэристибэ структуратын иһинэн инбэлииттэри чэбдигирдэр техникум-интэринээккэ идэнэн уонна үлэнэн хааччыйарга реабилитация оҥоһуллар. Техникумҥа 11 идэни биэрэллэр.
2017 сылтан көмө оҥоруу систиэмэтин бырагыраамата олоххо киириитэ саҕаламмыта. Координаторынан СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ анаммыта. Үлэ чэрчитинэн, 2019 сыллаахха өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕолору уонна ыччаты чэбдигирдэр киин иһинэн Дьокуускай куоракка эрдэ көмө оҥорор киин тэриллибитэ. 2021 сылга 3,9 тыһ. доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор сөптөөх көмөннөн туһаммыттара.
Араас хабааннаах бырайыактар олоххо киирэллэр, сөбүлэҥнэринэн үлэ торумнанар. Уопсастыбаннай тэрилтэлэри кытары ыкса сибээс олохтонор, — диэн кэпсээтэ Ольга Балабкина.
Итиэннэ мунньахха СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова социальнай эйгэ сүрүн кыһалҕаларын таарыйда уонна дакылаат оҥордо:
— Бастатан туран, инбэлииттэр санаторийдарга, куруортарга эмтэниилэригэр тохтоото. Саха Сиригэр маннык эмтэнииннэн 41 253 киһи хабыллыахтаах. Бүгүҥҥүтэ уочаракка 5740 инбэлиит турар, балартан 1347 инбэлиит-оҕолор. 2018-2022 сылларга санаторийдарга, куруортарга эмтэниигэ федеральнай бүддьүөттэн 687,9 мөл. солк. көрүллүбүт, ол иһигэр ааспыт сылга — 215,2 мөл. солк. Бу харчыга 1 858 инбэлиит, ол иһигэр 646 инбэлиит-оҕолор эмтэммиттэр. Быйыл тохсунньу-атырдьах ыйдарыгар путевкаларынан 1164 инбэлиит хааччыллыбыт, ол иһигэр 440-на инбэлиит-оҕолор (32,6 %).
2022 сылга, СӨ туттуллар нормативтарыгар олоҕуран, 117,6 мөл. солкуобай көрүллүбүт. Бу үбүлээһин инбэлиит-оҕолор уонна I группалаах инбэлииттэр арыалдьыттара көтөр аалынан көтүүлэрин ороскуотун учуоттаабат.
Инбэлииттэр бырааптара күөмчүлэммэтигэр миниистир тустаах министиэристибэ аатыттан этиилэри киллэрдэ. Ол иһигэр, көтөр аалынан бырайыас ыараханын учуоттаан, Уһук Илин уокурук инбэлииттэрэ эмтэнэ баралларыгар уонна эмтэнэллэригэр эбии үрдэтэр коэффициены олохтуурга, арыалдьыттарга ороскуоту учуоттуурга туруоруста.
Иккиһинэн, 1 группалаах инбэлииттэри, көрүүгэ-истиигэ наадыйар аҕам саастаах дьону, 80 саастарын туолбут ытык кырдьаҕастары көрүүгэ-харайыыга ананар төлөбүр 1,4 оройуон коэффициеныгар үрдэтиллэн, 1 680 солкуобайга тэҥнэстэ. Төлөбүр кээмэйэ 2006 сыллааҕы уурааҕынан бигэргэниэҕиттэн, индексациялана илик. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бу төлөбүрдэринэн 6224 киһи туһанар.
Манан сиэттэрэн, 1455 №-дээх уураахха уларытыы киллэрэн, компенсациялыыр төлөбүрдэри хамнас алын кээмэйигэр тэҥниири (2022 сыл бэс ыйын 1 күнүгэр - 15279 солк. тэҥнэһэр), сылын ахсын индексациялыыры эттэ.
Үсүһүнэн, инбэлииттэр олорор усулуобуйаларын тупсарыы боппуруоһугар тохтоото. 181 №-дээх федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран, 2005 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри федеральнай бүддьүөт суотуттан олорор усулуобуйаны тупсарарга учуокка турбут инбэлииттэр, инбэлиит оҕолоох дьиэ кэргэттэр хабыллаллар. Билиҥҥитэ өрөспүүбүлүкэ реестригэр, олорор усулуобуйаларын тупсарыыга, бу кэмҥэ диэри учуокка турбут 273 гражданин баар.
2005 сыл тохсунньу 1 күнүн кэннэ учуокка турбут дьиэ кэргэттэри тустаах дьиэнэн олохтоох бэйэни салайыныы уорганнара хааччыйыахтаахтар. Ол эрэн, өрөспүүбүлүкэҕэ олохтоох бүддьүөттэр үрдүк дотациялаахтар — инбэлииттэри дьиэнэн хааччыйар кыахтара да, үптэрэ да суох. Мантан сиэттэрэн, миниистир федеральнай үбүлээһининэн дьон олорор усулуобуйаларын тупсарыыга дьиэлэри тутар анал бырагырааманы олоххо киллэрэргэ, 2005 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри учуокка ылыныллыбыт дьон уочаратын суох оҥорууга, маны сэргэ инбэлииттэргэ уонна инбэлиит-оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ көмө буолалларыгар ыҥырда.
Уопут атастаһыыта
Салгыы ВКС эрэсииминэн Хабаровскай, Приморскай уонна Камчатка кыраайдарыттан үрдүк сололоохтор көмүскэлэ суох нэһилиэнньэни өйүүр үлэ уопутун атастастылар, кыһалҕалаах боппуруостарын кытта үллэһиннилэр.
Өлөөн улууһун баһылыга Лена Иванова уонна улуус дьокутааттарын этиилэринэн сүрүн дакылааттар түмүктэннилэр.
Төгүрүк остуол кыттыылаахтара нуормалыыр-быраап тирэҕин уонна үлэҕэ, социальнай бэлиитикэҕэ судаарыстыбаннай өйөбүл мэхэньиисимнэрин тупсарыыга, үбүлээһин боппуруостарын быһаарыыга санаа атастастылар уонна этиилэрин киллэрдилэр.
Мэктиэ сурук бырайыага оҥоһулунна
Төгүрүк остуол түмүгүнэн Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев этиннэ:
— Төгүрүк остуол кэмигэр киирбит этиилэргэ олоҕуран, Госдума туһааннаах кэмитиэтин уонна парламент мэктиэ сурук бырайыага оҥоһулунна. Хамнас, пенсия, бэтэрээннэр, инбэлииттэр, инбэлиит-оҕолор кыһалҕаларын быһаарыыга, уо.д.а. боппуруостар хабылыннылар.
Госдума Үлэҕэ, социальнай бэлиитикэҕэ уонна бэтэрээннэр дьыалаларыгар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин маҥнайгы солбуйааччыта Елена Цунаева таһаарыылаах үлэ ааспытынан төгүрүк остуол кыттыылаахтарыгар махтанна. Кини бэлиэтээбитинэн, Дьокуускайга ыытыллыбыт төгүрүк остуол кэмигэр, кинилэр кэпсэтиинэн эрэ муҥурдаммакка, турар кыһалҕалары миэстэтигэр сөптөөхтүк быһаарар кыах баар. Саха Сирин олохтоохторун үтүө санааларын бэлиэтээн туран, сылаас көрсүһүүлэргэ махтанна.
— Төгүрүк остуолга этиллибит туруорсуулар Госдумаҕа тиэрдиллиэхтэрэ. Үлэ түмүгүнэн киирбит этиилэр, сорохторо бырайыакка киирбэтилэр эрээри, инникитин үлэлэһэн олоххо киириэхтэрин сөп, — диэн Елена Цунаева эрэннэрдэ.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0