Докумуону дойду үбүн миниистирэ Валентин Костюшин билиһиннэрдэ. Кини бүддьүөт социальнай хайысхалааҕын бэлиэтээтэ, бүддьүөт бэлиитикэтэ дойду судаарыстыбаннай бырагыраамаларын чэрчитинэн оҥоһуллар, олох хаачыстыбатын үрдэтиигэ, урбаан дьыалатыгар уонна инвестициялары тардыыга табыгастаах усулуобуйаны тэрийиигэ туһуланар диэтэ. Бастакы ааҕыыга көрүллэр өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн сүрүн көрдөрүүлэрэ маннык:
2023 сылга дохуота - 132,9 млрд солк., ороскуота - 133,8 млрд солк., дэписсиитэ - 875,6 мөл. солк.
2024 сылга дохуота уонна ороскуота 140,7 млрд солк., 2025 сылга - 143,4 млрд солк. былааннаммыт.
2023 сылга 115,2 млрд солк. 37 судаарыстыбаннай бырагыраамалары олоххо киллэриигэ 3 хайысханан ыытыллара былааннанар: нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбатын үрдэтии (16 бырагыраама, 94 млрд солк.); дойду экэниэмикэтин туруктаахтык сайыннарыы (16 бырагыраама, 12 млрд солк.); судаарыстыбаннай уонна муниципальнай салайыы көдьүүһүн үрдэтии (5 бырагыраама, 9 млрд солк.).
Хабаровскайдааҕы Дума бүддьүөккэ, нолуокка, экэнэмиичэскэй сайдыыга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Кирилл Цмакалов дьокутааттарга сокуон барылын бастакы ааҕыыга өйүүргэ этии киллэрдэ уонна 2022 сылга дойду социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар инники соруктарын толорууга олоҕурар базовай буолар диэн тоһоҕолоото. 2023 с.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0