“Сахат” оскуола төрүттээччитэ Анатолий Бурнашев үөрэҕин тэрилтэтэ хайдах олохтоммутун билиһиннэрдэ. “Бастаан 2012 сыллаахха дьыссаат аспыппыт. Оҕолор онно 7 саастарыгар диэри сахатыйан иһэн, оскуолаҕа киирэн баран төттөрү нууччатыйар этилэр. Ол иһин 2015 сыллаахха сахалыы иитиилээх оскуоланы тэриммиппит”, - диэтэ Анатолий Аркадьевич.
Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Александр Жирков учуобунньугу оҥоруу боппуруоһун таарыйда. “Учуобунньукка чугуйуу көстүүтэ баар. Холобур, 20-30 сыллааҕыта оҕо төрөөбүт тыл матырыйаалын үчүгэйдик ылынар буоллаҕына, билигин мөлтөхтүк ылынар. Аныгы оҕо тыла мөлтөөн истэҕин аайы, онно сөп түбэһиннэрэн, учуобунньукпут таһыма эмиэ намтаан иһиэхтээх. Түөрүйэҕэ олоҕурбут учуобунньуктары үгүс аныгы оҕо өйдөөбөт. Базовай таһымнаах учуобунньуктары хаалларыахха наада, ол оннугар араас таһымнаах билиилээх оҕолорго адаптивнай учуобунньуктар оҥоһуллуохтаахтар”, - диэн бэлиэтээтэ Александр Николаевич.
Салгыы Александр Жирков чааһынай оскуолаларга ФГОС ирдэммэт буолан, ис кыахтарын туһанан үлэлииллэрэ көҥүл буоларын тоһоҕолоон эттэ. “Дьыссааттар бу оскуолалар үөрэтэр ньымаларын туһаныахтарын сөп. Национальнай өрөспүүбүлүкэлэр парылааманнарын нөҥүө төрөөбүт тылларын үөрэтэр туһугар киирсэллэр. Онон ФГОС-тан иҥнибэккэ, ис кыахпытын туһаныахха наада”, - диэн эттэ Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта.
Түмүккэ Александр Николаевич Саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын сийиэһин 3-түү сыл буола-буола ыытыахха наадатын бэлиэтээтэ.
Мунньах кэнниттэн Александр Жирков Уус Алдан улууһуттан кэлэ сылдьар саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын кытары көрүстэ. Дьүүллэһиигэ араас суолталаах тиэмэни таарыйдылар. Уус Алдан улууһун дэлэгээттэрэ саха тылын, литературатын уонна култууратын үүнэр көлүөнэ кэнчээри ыччатыгар тириэрдэр, сайыннарар туһугар этиилэри киллэрдилэр.
- 3
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0