2018 с. ыам ыйын 28 күнүгэр Айсен Сергеевич Николаев Ил Дархан эбээһинэһин толоро киирэригэр Дьокуускай куоракка улахан күүстээх тыал түспүтэ. Дьон-сэргэ барыта улахан айылҕаттан айдарыылаах салайааччы кэллэ диэн билиммиттэрэ. Кырдьык, улахан салайааччылар бары да оҕо буолан улаатан, оонньоон-көрүлээн, үөрэнэн, үлэһит буолан дьоҕур, билии-көрүү өттүнэн үчүгэй, ордук айылҕалаах буолан үлэлээн - хамсаан, ситиһиилээх, улахан эппиэтинэстээх үлэҕэ тахсаллар, салайааччы буолаллар. Кинилэр оҕо эрдэхтэринэ олоҕу сөпкө көрөллөрүгэр, сыаналыылларыгар төрөппүттэрэ, кыра кылаастан саҕалаан үөрэппит учууталлара улахан төһүү күүс буолаллар. Айсен Сергеевич оҕо эрдэҕиттэн билии-көрүү олох мындырдарыгар үөрэнэригэр күн күбэй ийэтэ Тамара Сергеевна, эһэтэ айылҕаттан айдарыылаах олоҥхоһут тыа хаһаайыстыбатын үлэтин, ымпыгын-чымпыгын үчүгэйдик билэр, бэтэринээр идэлээх Өндөрөй Тиитээрэп үлэҕэ-хамнаска үөрэтиитэ, такайыыта, сүбэтэ-амата улахан олугу уурбут буолуон сөп. Кини өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын дуоһунаһыгар үлэлиир кэмигэр аан дойдуну атыйахтаах уу курдук аймаабыт хоруона дьаҥа туран, дьон-сэргэ олоҕор улахан кутталы, мэһэйдэри аҕалбыта. Улахан салайааччы быһыытынан сатабыллаах, күүстээх санаалаах, тэрээһиннээх, үлэни-хамнаһы сөпкө аттаран, бары ирдэбили сөпкө туруоран, доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрин кытта элбэх өрүттээх үлэни ыытан хоруона дьаҥа кыаллыбыта. Аны уот кураан туран, элбэх ойуур баһаара туран, дьон-сэргэ олоҕун аймаабыта.
Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путины, дойду бырабыыталыстыбатын кытта ыкса ситимнээхтик, күүскэ үлэлэспитигэр федеральнай киинтэн салгын ааллара, тиэхиньикэ, ойуур баһаарын умуруорар ыксаллаах быһыы-майгы күүстэрэ уонна олохтоох нэһилиэнньэ күүскэ турунан ойуур баһаарын кыайбыппыт. Аны Америка уонна тас дойдулар орооһууларынан, куһаҕан өттүнэн дьайыыларынан, Украинаны кытта анал дьайыыга дойдубут көҥүл буоларын туһугар, Арассыыйа атын эрэгийиэннэрин кытта Саха Сирин уолаттара баран хорсуннук сэриилэһэ сылдьаллар, элбэх көмө оҥоһулунна. Кини үлэлээбит, үлэлии сылдьар кэмин «ыстаал хайдах хатарыллыбытай» диэн холоон ааттыахха сөп.
Саха Сирин урукку олоҕун-дьаһаҕын, социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын, ол кэмнэрин эргитэн-санаан кэллэххэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин кэннинээҕи ыар сыллар кэмнэригэр өрөспүүбүлүкэни салайбыт И.Е. Винокуров, С.З. Борисов курдук чаҕылхай салайааччыларбыт кэннилэриттэн, өрөспүүбүлүкэни салайбыт Г.И.Чиряев, Ю.Н. Прокопьев, М.Е. Николаев, В.А. Штыров, Е.А. Борисов курдук бэйэлэрин кэмнэригэр Саха Сирин сайдыытыгар кырата суох кылааттарын киллэрбит ытыктыыр салайааччыларбыт үлэлээбит кэмнэрэ арыый атыттар этэ диэн бэлиэтиэххэ сөп. Элбэх социальнай-култуурунай эбийиэктэр тутулуннулар. Нэһилиэнньэни гаас ситимигэр холбооһуҥҥа улахан болҕомто ууруллар. Ол курдук, 1206 ыал дьиэлэригэр гаас киирдэ уонна 639 ыал кииннэммит ититэр систиэмэҕэ холбонно. Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар эмиэ улахан болҕомтону уурар. 2021 сылга кэтэх ыанар ынахтаах ыалы быһаччы өйүүр, сонун табыгастаах мэхэньииһим үлэҕэ киирбитэ – ыанар ынах төбөтүгэр 35 тыһ. солк. кээмэйдээх субсидия көрүллүбүтэ. Ити курдук, туһалаах миллиардтан тахса солк. суумалаах үбүлээһин 4700 кэтэх ынахтаах ыалга быһаччы тиийбитэ, ыанар ынах төбөтө аччаабатыгар улахан төһүү күүс буолан, эбиллии өттүгэр көрдөрүүбүт үрдүүр. Быйылгыттан ыанар ынахтаахтарга төбөтүгэр 37 тыһ. солк. субсидия бэриллэр буолла. Тэрээһиннээх уонна бааһынай хаһаайыстыбаларга анаан туттарар үүттэрин киилэтигэр 35 солк.уобайтан 60 солк. диэри субсидия ананна.
2019-2022 сс. «Саҥа саҕалыыр пиэрмэр» бырагырааманан 134 грант, «Агростартап» куонкуруска 64 грант бэриллэн, потребительскай кээпэрэтииптэргэ хотоннор, сайылыктар тутулуннулар. Билиҥҥи 14 ирдэбилгэ эппиэттиир 1400 ынах сүөһү турар хотонноро тутулуннулар. Ураты болҕомто быраҕыллыбыт бааһыналары чөлүгэр түһэриигэ ууруллар, ол курдук, 10,4 тыһ. гектар бааһына сирэ оҥоһулунна, 24 тыһ. километр күрүө тутулунна, 631 сиргэ үлэлиир тиэхиньикэ уонна оборудование атыылаһылынна. Билиҥҥи туругунан 170,8 тыһ. ынах сүөһү, ол иһигэр 71 тыһ. ыанар ынах баар, бу көрдөрүү 2%-нан эбиллибитэ бэлиэтэнэр. Сылгы 178,2 тыһ. төбөттөн 182,1 төбөҕө дылы элбээтэ, ол эбэтэр 2,1%-нан улаатта. Тэрээһиннээх уонна бааһынай хаһаайыстыбалар биэлэрин төбөтүгэр 5 тыһ. солк. субсидия бэриллэр буолла. Барыта 178 сылгы баазата тутулунна. Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар уһун устатыгар үрдүк ситиһиилээх үлэтин иһин, Сунтаар улууһун "Кириэстээх" тыа хаһаайыстыбатын оҥорор таһаарар кээпэрэтиибин ыанньыксытыгар Владимир Африканович Михайловка Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Ыйааҕынан «Арассыыйа Үлэтин Дьоруойа» үрдүк аата иҥэрилиннэ. 2023 сылга тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар 14,2 миллиард солк. үбүлээһин көрүлүннэ. 2023 сылга биллиилээх судаарыстыбаннай диэйэтэл, Саха АССР төрүттэспит чулуу дьоммутуттан биир бастыҥнара Совнарком бастакы бэрэссэдээтэлэ, экэниэмикэ билимин кандидата, тыа сирин, дьиэ кэргэн экоэниэмикэтин бастакынан үөрэтэн, сайдыытын оҥкулун түстээбит Исидор Никифорович Барахов төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтиибит. 2022 сылга бырамыысыланнас салаатын оҥорон таһаарыыта 110% улаатан, чох, ниэп, гаас, көмүс хостооһунугар рекортаах ситиһиилэр баар буоллулар, ол курдук, чох - 32 мөл. туонна (125%). 2021 сылы кытта тэҥнээн көрдөххө, ниэп - 18.7 мөл. (108%), гаас 17,3% млрд куб.метр 124.5% , көмүс 46 тонна 103% улаатыыта ситиһилиннэ. 2018-2022 сылларга 274 социальнай эбийиэктэр, ол иһигэр 43 оскуола, 72 оҕо уһуйаана, 66 доруобуйа харыстабылын, 45 култуура, 34 успуорт эбийиэктэрэ үлэҕэ киирдилэр. 2022 сылга 66 социальнай эбийиэк үлэҕэ киирдэ, ол иһигэр 12 оскуола, 6 оҕо уһуйаана, 25 доруобуйа харыстабылын, ол иһигэр кардиологическай диспансер, больничнай комплекс, 18 врачебнай амбулатория, 5 ФАП, 12 култуура, 9 успуорт эбийиэктэрэ үлэҕэ киирдилэр. Саха Сирэ демографическай көрдөрүүлэринэн оҕо төрөөһүнүнэн, нэһилиэнньэ эбиллиитинэн, Уһук Илин эрэгийиэҥҥэ бастакы миэстэҕэ, дойду үрдүнэн сэттис миэстэҕэ сылдьар. Өрөспүүбүлүкэ тэриллибитэ 100 сылыгар аналлаах Ийэ сыла биллэриллэн, «Сүүс сыл оҕолоро» 100 тыһ. солк. төлөбүр олохтонон, 2022 сылга төрөөбүт 9545 оҕолорго бэриллибитэ. Украинаҕа буола турар анал байыаннай дьайыыга быстах хомуурга элбэх саха хорсун ыччат баран, Ийэ дойдубут көмүскэлигэр хорсуннук туруулаһа сылдьаллар. Боотурдар хамандыырдара Александр Колесовка Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Ыйааҕынан «Арассыыйа Дьоруойа» үрдүк аата иҥэрилиннэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ анал байыаннай дьайыыга сылдьар хорсун уолаттарбытыгар элбэх көмөнү оҥорор, ол курдук элбэх «Патриот» УАЗ массыыналар, «Сокол» вездеходтар, о.д.а. көмөлөр оҥоһулуннулар. Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ Кировскай куоратыгар сэрииттэн эмсэҕэлээбит социальнай эбийиэктэрин, суолларын өрөмүөннээһиҥҥэ улахан көмөнү оҥорор. Улахан болҕомтону суол оҥоһуутугар уурар. 2020 сылтан саҕалаан 500 км суол оҥоһуллар, бу көрдөрүү 2018 сылы кытта тэҥнээн көрдөххө, икки төгүл элбэх.
2018 сылтан 1896 километр суол өрөмүөннэммит, ол иһигэр 871 федеральнай, 673 өрөспүүбүлүкэтээҕи, 352 олохтоох суолталаах суоллар оҥоһулуннулар. 2018 сылтан 47 муоста, ол иһигэр 24 өрөспүүбүлүкэтээҕи, 12 муниципальнай суоллар муосталара саҥардыллан оҥоһулуннулар. Лена, Бүлүү өрүстэрин туоруур муосталар үбүлээһиннэрин быһаарар үлэлэр бараллар. Үөһээ Бүлүүгэ Бүлүү өрүс биэрэгин бөҕөргөтүүгэ 700 мөл. солк. сууммалаах үлэ бара турар. Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар аналлаах элбэх тэрээһин ыытылынна, ол иһигэр Үөһээ Бүлүүгэ Олоҥхо ыһыаҕа, Москуба, Санкт-Петербург куораттарга эдэр ыччат бэстибээллэрэ, Уус Алдан улууһугар Саха Сирин норуоттарын аҕыс успуорт оонньуулара, Дьокуускай куоракка мас тардыһыытыгар аан дойду күрэхтэһиитэ үрдүк таһымҥа ыытылыннылар. 2018-2022 сылларга барыта 25 мөл. кв. метр, ол иһигэр 14 мөл. кв. метр элбэх кыбартыыралаах уонна биирдиилээн дьон олорор дьиэлэрэ тутуллан үлэҕэ киирдилэр. Арассыыйа хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматын чэрчитинэн үлэни ыытыыга Саха Сирэ Уһук Илин федеральнай уокурукка икки миэстэҕэ тахсары ситистэ. 583 тыһ. кв. метр дьиэ үлэҕэ киирдэ. Хаарбах дьиэлэртэн 2569 тыһыынча киһи саҥа дьиэлэр күлүүстэрин үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттулар.
Улахан болҕомто кыра хамнастаах дьон олоҕун тупсарыыга ууруллар. Предпринимательскай үлэни тэринэр дьоҥҥо 350 тыһыынча, чааһынай хаһаайыстыбаҕа бэйэ дьыалатын арыныыга 250 тыһыынча солкуобай көрүллэр буолла. Бу социльная хантараак нөҥүө 4752 ыал 648.1 мөлүйүөн суумалаах көмө ыллылар.
Бу көрдөрүү 2017 сылы кытта тэҥнээн көрдөххө биэс төгүл улаатта. Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев үлэлээбит биэс сылыгар Арассыыйа Бэрэсидьиэнин Владимир Путин федеральнай бырабыыталыстыбаны, министиэристибэлэри кытта Саха Сирэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын боппуруостарын, былааннарын сөпкө аттаран туруоран, ылыннаран ыкса сибээстээхтик үлэлээбитин түмүгэр элбэх үбүлээһин көрүллэн, элбэх үлэ-хамнас барда, ситиһиилэр кэллилэр.
Аны күһүн балаҕан ыйыгар буолар Ил Дарханын быыбарыгар Айсен Сергеевич Николаев өссө төгүл итэҕэйэн, баһыйар үгүс куолаһынан быыбардаан талан, өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханынан иккис болдьоххо үлэтэн, Сахабыт Сирин инники кэскилин, сайдыытын түстүөххэ диэн ыҥырабын!
Степан Дмитриев, Үөһээ Бүлүү улууһун Балаҕаннаах нэһилиэгин баһылыга, Саха Өрөспүүбүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0